Скачать книгу

көлөлөөн, эйигин, эйэҕэс бэйэҕин, атаараары ааттаһа-көрдөһө кэллибит: олоро сылдьыбыт ороҥҥор олор, сыта сылдьыбыт тэллэххэр сыт! – диэн ааттаһаллар.

      Ойууннар ах бараллар. Туохха эрэ үөмэн эрэр курдук, сыбдыйаллар. Онтон эмискэ хатан баҕайытык:

      – Ха-а-ах! – диэн часкыйаат, эмэгэт үрдүгэр умса түһэллэр уонна, бохсуруйан, ыт кус оҕотун тутан эрэрин курдук, дьүһүлэнэллэр. Ол кэнниттэн, хаһыҥырыы түһээт, эмискэ өрө кэдэрийэн тиэрэ түһүөх курдук охтоллор. Ону тоҕус киһи куртан тутан охторботтор. Ойууннары, хаппахчы иһиттэн сыһан-соһон аҕалан, олбохторугар олордоллор. Кистээн сытыарар хоруоптарын дьиэ ортотугар туруораллар уонна онно Маайа таҥаһын таҥыннарбыт, хаппахчы иһигэр сытар эмэгэттэрин угаллар.

      Тоҕус киһи ойууннары соһон аҕалан эмэгэт үрдүгэр үҥүлүтэллэр. Сыгынньах ойуун, уһуктубут курдук, төбөтүн өрө көтөҕөн, такымнарын бакык-бакык хамсатан, кутуран барар. Кинини Ньээкээ ойуун уонна Алыһардаах удаҕан үтүктэллэр:

      – Бэйэтигэр тиийинэн өлбүт кыыс оҕо үөрэ илэ хаампытын тутан, эмэгэт маска иҥэрэн, куочай маска хомуйан, өрөгөйдөөх дьайбытыгар өрө көтөҕөн, барбыт төннүбэт, түспүт күөрэйбэт – үс субан туруйа кыыл өһүөлээх, аҕыс аҥыр кыыл тирээбиллээх, куба көтөр түөһүн түүтүнүү кубаххай маҥан халлааҥҥа көлөлөөн атаардахпыт буоллун ньии!

      Ити курдук кутура-кутура, хоруоп иһигэр сытар эмэгэккэ силлээн-хаахтаан баран, уот отуннараллар, хоруобу саптараллар. Бэйэлэрэ туох да бокуойа суох кыыран илгистэллэр, бабыгырыы-бабыгырыы өрүтэ көтөн эккирэһэллэр.

      Сыгынньах ойуун дьиэ аанын баран тэлэччи аһан кэбиһэр. Тымныы салгын дьиэ иһигэр аҥылыйан киирэр. Тиритэн уу чоккурас буолбут ойууннар, аан аттыгар кэлэн эккирэһэ-эккирэһэ, эмиэ кутуран бараллар:

      Өксөкүлээх үрдүк

      Өндөй халлааҥҥа

      Өрө көтөн истэхпит…

      Дьыбар тымныылаах,

      Тыйыс тыыннаах халлааҥҥа —

      Суккуллар бэлэһинэн,

      Суураллар айаҕынан

      Өрө дьулуһан истэхпит…

      Аан аттыгар эккирии турар ойууннар ыһыллыбыт баттахтара чоҥкуччу кырыарар, кыаһаан муустанар. Ону көрөн олорор дьон санааларыгар, бу үс ойуун илэ-чахчы тымныы халлааҥҥа ыттыбыт курдуктара. Ол курдук кыыран, ойууннар Маайа үөрүн үөһэ үтэйэллэр.

      Кыһыҥҥы түүн ааһыыта ойууннар кыыран бүтэллэр.

      Дьон бэрт тиэтэлинэн таҥнан, эмэгэттээх хоруобу сүгэн уонна «кэрэх» тириитин илдьэ ойуурга тахсаллар. Манна хайа сахха хаһыллан бэлэм турар ииҥҥэ эмэгэти көмөллөр уонна «кэрэх» тириитин ыйыыллар. Кинилэр эргиллэн киириилэригэр остуол муҥунан ас-арыгы бөҕө тардыллан тоһуйар. Ойууннар, улахан бэйэлээҕи кыайбыт курдук, үөрэ-көтө аһыыллар.

      – Дьэ, бэрт эрэйинэн да буоллар, үтэйдибит. Аны оҕоҕут үөрэ биллиэ суоҕа, – диэн Сыгынньах ойуун дьиэлээхтэри уоскутардыы этэр.

      – Эһиги эппэтэххит буоллун! – диэн дьиэлээх Сэмэн оҕонньор уонна Ылдьаана үөрэллэр.

      Бу күн ойууннар кыыралларын көрө кэлбит дьон дьиэлэригэр тарҕаһаллар. Ойууннар манна өрүүллэр, сынньаналлар.

Скачать книгу