Скачать книгу

align="center">

      IV

      Сэмэн Харатаайап Сыгынньах ойууннаахха кыһыҥҥы күн ортотун саҕана тиийдэ. Атын, тэлгэһэҕэ киллэрэн, үс салаалаах сэргэҕэ баайда, бэйэтэ, таҥаһын тэбэнэ-тэбэнэ, дьиэ ааныгар кэлэн тохтоото. Сиргэ тимирбит курдук, туруорбах балаҕан аана саадьаҕай ынах тириитинэн саҥа бүрүллүбүт. Оһох турбатыттан кыым былаастаах борооххой буруо унаарыйан тахсар. Дьиэ кэннинээҕи далга аҕыйах сүөһү аһыы сылдьар. Дьиэ аанын икки өттүгэр тымтыгынан оҥоһуллубут эмэгэттэр хороччу анньыллан тураллар.

      Харатаайап кулуба дьиэ иһигэр киирэр. Муус түннүктээх дьиэ иһэ таһырдьаттан киирбит киһиэхэ иин иһин курдук хараҥаран көһүннэ. Оһоххо уот умайан кылаҥныыр. Оһох иннигэр Сыгынньах ойуун, ырбаахытын устан, сиһин уокка сылыта олорор. Хаҥас диэки сылгы кылын курдук хоччоххой баттахтаах, уоттаах чолбон курдугунан көрүтэлээбит, суптугур сэҥийэлээх, туохтан эрэ кыыһырбыкка дылы көрүҥнээх Алыһардаах удаҕан тугу эрэ бэрийэ сылдьар.

      Харатаайап киирбитигэр дьиэлээх тойон да, хотун да киһи киирдэ диэн дорооболоспотулар, кэпсэппэтилэр.

      Харатаайап, кэтэҕэриин ороҥҥо олорон дьиэлээхтэр кэпсэтэллэрин көһүтэн көрөн баран, быстыа дуо, кыһалҕатын кэпсээн барда:

      – Кырдьаҕастарым, эһиги эрэ көмөлөстөххүтүнэ, буруо таһааран, ыал буолан олорор кэммит кэллэ.

      Сыгынньах ойуун Харатаайап диэки үс муннуктааҕынан көрүтэлээн ылла да, тугу да саҥарбата. Оттон Алыһардаах удаҕан хайдах эрэ хаанныын кубулуйарга дылы буолла.

      Харатаайап кулуба билиҥҥэ диэри тылын ылыннарбатаҕа диэн суоҕа. Оччотооҕуга улуус кулубата диэн бэйэтэ биир туспа муҥур ыраахтааҕы этэ. Киниттэн оннооҕор баайдар куттаналлара, толлоллоро, эгэ кэлэн дьадаҥы, үлэһит-хамначчыт дьон эрэйдээх кыбыстыбаттаах бэйэлээх буолуохтара дуо. Онтон да атын буолуон сатаммат этэ. Ыраахтааҕы ыйааҕынан хас бырааба аайы үрээнньиктэр ананаллара. Кинилэр улуус кулубатын этиитин барытын толорор эбээһинэстээхтэрэ. Хас бырааба аттын аайы «сибииккэ» диэн түннүгэ-үөлэһэ суох хаайыы ампаара турара. Онно улуус кулубатын ыйааҕынан ол үрээнньиктэр буруйдаах киһини хаайаллара. Саха, былыр-былыргыттан бэйэтин киэҥ дойдутугар туох да хаайыыта, хаарчаҕа суох сылдьа үөрэммит буолан, «сибииккэҕэ» олорорун өлөргө тэҥниирэ. Онон улуустар кулубалара бэйэлэрин тустарыгар олус суостаах, кутталлаах тойоттор этилэр.

      – Тылбын быһа гыныахтара суоҕа, көмөлөһүөхтэрэ диэн кэлэн олоробун, – диэн Сэмэн Уйбаанабыс көрдөһүүтүн түмүктүүр.

      Сыгынньах ойуун, ыалдьытын диэки куһаҕан баҕайытык көрүтэлээт, оһох уота көхсүн олус сырайбытыттан олоппостуун сыҕарыс гынар.

      – Киһи куйахата күүрүөх, бу туох ааттаах тыллаах-өстөөх кэллиҥ? – диэн ыйытан баран, хоруйун истибэккэ эрэ өгдөс гынан, уот иннигэр өһүөҕэ анньыллан турар дүҥүрүн сулбу тардан ылар, хаста да охсон ньиргитэр:

      – А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба! Иннигэр арыалдьыттаах, кэннигэр сэтиилээх киһи кэлэн аҕай олорор эбиккин ньии!

      Харатаайап: «Миигин кытта ол ким кэлэн олороруй?» – диэбиттии тула өттүн көрүнэр

Скачать книгу