Скачать книгу

уонна:

      – Итинник эрэ буолуо дии санаабат этим. Мин эйигин манна көрөөт: «Хаартылаан эстибит бэйэтэ дуу, баайын барытын уокка былдьаппыт муҥа дуу?» – дии санаабытым, онтум букатын атын эбит… Аан дойду үрдүгэр эҥин-эҥин да хара санаалаах дьоннор баар буолаллар эбит… Улуус кулубата ааттаах киһи мин ааппын алдьатаары санаммыта сүрүн, – диэн муҥатыйар.

      Маайа хас саҥата Сүөдэр сүрэҕин сыппах быһаҕынан быһан мүлүктүүр курдук ыарытар. Итиннэ барытыгар кини бэйэтэ буруйдааҕын билинэн, барыах-кэлиэх сирин булбат.

      Маайа Сүөдэри илиититтэн тутан олорон аа-дьуо саҥаран барар:

      – Сүөдэр, миигин үчүгэйдик өйдөөн истэн олор. Билигин мин иннибэр үс суол баар… Олортон биирдэстэринэн бардахпына сатанар… – Маайа ити үс суолу бэйэтин өйүттэн булбатаҕа, кини бэрт өрдөөҕүтэ истибит остуоруйатыгар «сирэйиҥ хоту барыаҥ – өлүөҥ, уҥа диэки барыаҥ – ойох ылыаҥ, хаҥас диэки барыаҥ – эрэйи көрүөҥ» диэн этиллэрин өйдүү түспүтэ. – Биирдэһэ – саакка-суукка киирбиппиттэн ханна да куотуох сирэ суох буолан, хараҥа санааҕа хаптаран, бэйэҕэ тиийинэн өлөр суол баар…

      Сүөдэр этин сааһа аһылла, тымныйа түһэр. Кини үс сыллааҕыта Дьаакыбылап ойоҕо Огдооччуйа эмээхсин ынахсытын Алааппыйа кыыһы ыаҕастаах үүтү тоҕо түспүтүн иһин ынах сааҕын күрдьэр күрдьэҕинэн кырбаабытын, ол кэнниттэн кыыс эрэйдээх хотон өһүөтүгэр ыйанан өлбүтүн саныы биэрэр. Алааппыйаны киниэхэ сүөрдэрбиттэрэ. Оо, онно кини куттанна да этэ! Ол кыыс эрэйдээх ыйанан турара көрүөххэ сүрэ бэрдэ. Маайа киниттэн, Сүөдэртэн, сылтаан, ол кыыс курдук ыйанан турара олус да ынырык буолсу.

      – Мин ити суолунан барыам суоҕа, – диэн Маайа Сүөдэри уоскутар. – Иккис суол – ити эн кэпсээбит кэпсээҥҥин ийэлээх аҕабар, дьоммор кэпсээн, аатым алдьанан, киһи сирэйин таба көрбөт буолан олоруохтаахпын. Урут мин сөбүлээбэтэх уолаттарым, кинилэр дьонноро тиистэрин ыраастыыр, тылларын туустуур киһилэрэ буолан… ийэлээх аҕабар атах адаҕата, моонньуларын муомаҕа, эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ…

      Сүөдэр итини истэн эмиэ сүрэҕэ ытырбахтаан ылар. Маннык бэйэлээх кэрэчээн кыыс дьолун, инники кэскилин кини быспыт. Маайа эрэйдэнэрэ, сордоноро барыта киниттэн тутаахтаах, киниттэн төрүөттээх. «Бу бэйэлээхпин эрэйдиир төрүөккэ мин манна кэлбит эбит буоллаҕым», – диэн кини манна кэлбитин, Маайаны көрсүбүтүн кэмсинэ саныы олордоҕуна Маайа этэр:

      – Суох! Мин ити суолунан эмиэ барыам суоҕа.

      Сүөдэр тугу да гыныан булбат. Кини Маайаны уоскутаары:

      – Мин кэлбэтэҕим буоллар ордук буолуо эбит, – диир. Кини санаатыгар, кэлбэтэҕэ буоллар, Маайа, тугу да билиминэ, урут олорбутун курдук олоруо этэ. Маҥнай утаа көһүтэн көрөн баран умнан, атын киһини таптаан, эргэ тахсан, үчүгэйдик олоруоҕун кини бу кэлэн мэһэйдээбит.

      – Туох диэн эттэххиний, эн кэлбитиҥ үчүгэй… Мин, тугу да билиминэ, эйигин көһүтэн да биэртим! Кэл, – диэн баран, Маайа аттыгар олорор Сүөдэри ыга кууһар. – Үһүс суолу иһит!

      – Истэбин, – диир Сүөдэр аат эрэ харата, иһиллэр-иһиллибэттик.

      – Сүөдэр, «таптаабыт тайахтааҕы батыһар, сөбүлээбит сүгэһэрдээҕи кытта барсар» дииллэр.

Скачать книгу