Скачать книгу

убаҕас бытыгын имэринэн ылбыта уонна эмиэ саҥаран барбыта.

      – Улуу хоролор анараа өттүлэригэр күүстээх саалаах күп омуктар олороллор. Онтон өссө илин бу эбэ устун уһуннахха бэрт дэлэй уулаах, кытыытыттан киирэн көрдөххө, сир-халлаан ыпсыһар киэҥ иэннээх Улуу Илин өрүскэ тиийиллэр. Улуу Илиҥҥи өрүһү өрө уһуннахха, саһыл курдук ньуолбар, саталлаах саха урааҥхайдарга тиийэҕин.

      Өрөгөчөй ойуун ити тылларыгар кини диэки көрөн ылбыта.

      – Сахалар халыҥ, үгүс дьон. Кинилэр биһиги курдук көһө сылдьыбаттар, биир сиргэ олороллор уонна ураа муостааҕы иитэллэр, нэлим сиэллээҕи көрөллөр-харайаллар. Ураа муостаахтарын үүтэ-арыыта биһиги табабыт киэнинээҕэр быдан ордук, оттон нэлим сиэллээхтэрэ биһиги табабытынааҕар быдан күүстээх, быдан түргэн.

      Эн аҕаҕын өмүтүннэрэн, сэрэппэккэ сиэбит тигиилээх сирэйдээх дьирикинэй омуктар тус арҕаа күн кылбайа киириитин, Күөл Сүүрүҥдэ диэки түстүлэр.

      Өрөгөчөй аҕатын өлөрбүт омуктар ааттарын истэн, хаана дьэбидис гына түспүтэ. Ойуу Нэлэкэ онно кыһаммакка салгыы кэпсээбитэ.

      – Ол кинилэр улахан кутталлара суох. Хата, бу эбэ ыһыытыыр баһыгар олохтоох омуктар кутталлаахтар. Ол курдук, Анысханнаах Анаабыр өрүстэн маҥан таба түүтэ ахсааннаах майаат омуктар Өксүөннээх Өлөөҥҥө кэлэн олохсуйдулар. Кинилэр чугас ыаллыы олорор халыйар туман курдук халыҥ үгүс ахсааннаах тумат омуктары үтүрүйдүлэр. Эн кинилэртэн сэрэн, кинилэр аһынар диэни билбэт дьон. Майааттардыын хара тыаларыгар баппакка, онтон быгыалаан, үгүс бултаах-астаах үрэхтэргэ, күөллэргэ тахсыталаан эрэллэр үһү диэн истибитим.

      Ойуун Өрөгөчөйү өтөрү көрбүтэ.

      – Бу алларааҥҥы устан мэндэйэ сытар эбэни өксөйөн тус арҕаа диэки түстэххэ, тоҕус хонук томточчу туолуутугар олус улахан күөлгэ тиийэҕин. Ол күөл кытыытыгар соҕурууттан көһөн кэлэн саталлаах саха урааҥхайдар олохсуйбуттара быданнаата. Ону баара бэрт соторутааҕыта, күн саҕахха саһыытын саҕана, үллэр туман курдук үгүс тумат омуктар кырган кэбистилэр. Үлтү кырбастаан, үөрэ сэмнэҕэ оҥорон, кырамталарын киллэрэн улуу күөлгэ куттулар. Онтон ол улахан күөл аата Кырамда диэн буолла.

      Оҕонньор көмүскэтин түгэҕэр өһөн эрэр харахтарынан, туох диир эбит диэн чинчилиирдии, эдэр хоһууну көрөн кэбиспитэ. Өрөгөчөй онно да хаанын хамсаппатаҕа, сымара таастыы тыйыһырбыт иэдэстэригэр биир да тымыр ибир гынан көрбөтөҕө, олорбутун курдук олорбута.

      – Алдьархай аарыктаах аартыга арылыннаҕа, аны сабыллыбат.

      – Сөп, – диэбитэ Өрөгөчөй хамсаабакка олорон чиҥ куолаһынан, – уонна туох диигин?

      – Хааннаах айахтаах хара суор халаахтаатаҕына хаан тохтуо.

      Ньырбачаан ити кэпсэтииттэн соччолоох тугу да өйдөөбөтөҕө. Ойуу Нэлэкэ дэбигис киһи өйдүүр гына кэпсээччитэ суох. Кини эмиэ, хоһуун-баһылык курдук, тылын иһитиннэрэр күүстээҕэ. Ойуун тоҥ биистэр төрүттэрин Кыырт Мохсоҕолу кытта ситимниирэ, Мохсоҕол удьуордарын бииргэ түмэрэ. Ойуун туох эмэ суолталаах сонуну ким-хайа иннинэ истэрэ уонна хоһуун-баһылыгы кытта хайаатар

Скачать книгу