Скачать книгу

кэлиргэҕэ бааллан турар быаны сүөрэн ылла. Ынах кэнниттэн дьэҥкирдиҥи дьүһүннээх ньирэй туйахтара быган кэллилэр. Мааппыс ньирэй атахтарыгар быа баайан баран:

      – Лаана, кэл, тардыс эрэ, – диэтэ. Кыыһа дьих-дьах тутта-тутта кэлиргэ быыһынан киирэн быаны тардыста.

      Ньирэйдэрин атаҕын тобугар диэри тартылар уонна кыайбатылар. Ынахтара ыараханнык ынчыктыырын быыһыгар «өө-ө-өөх!» диэн кыратык орулаан ылла.

      – Бээ, тохтоо, арааһа, төбөтө туора баран хаалла быһыылаах, – диэн баран, Мааппыс ньирэй атаҕын төттөрү аста, онтон илиитин уган, кырдьык, тиэрэ баран хаалбыт төбөтүн булан таныытыттан тардан көннөрө охсон биэрдэ.

      Лаана ити кэмҥэ тэйэ охсон, сиргэммиттии, куттаммыттыы сирэйин куһаҕан баҕайытык туттан баран көрөн турда. Ийэтэ ньирэй төбөтүн көннөрөөт:

      – Хотуой, кэл, тардыс! Итиннэ мырдыҥныы туруоҥ дуо? – диэтэ.

      Бу сырыыга ньирэйдэрэ ийэтин иһиттэн начаас ньылбырыс гынан тахсан кэллэ. Ону кытары эмиэ уу халыс гына түстэ. Мааппыс, ньирэй айаҕыттан, муннуттан салыҥын ыраастаан, туйаҕын дьэҥкир өҥүргэһин тыҥыраҕынан хастаан, этин-сиинин тирээпкэнэн соппохтуу түһэн баран, агдатыттан өрө көтөҕөн ийэтин иннигэр илдьэн биэрдэ. Кугас эриэн дьүһүннээх, маҥаас сирэйдээх оҕус ньирэй эбит. Өрүөстээх сытан эрэ оҕотун салаамахтаата.

      – Сытан эрэ салыаҥ дуо? Тур! – дии-дии Мааппыс ынаҕын самыытын таптайбахтаата.

      Өрүөстээх истибит курдук илин атаҕар тобуктаан турда уонна оҕотун салаан барда. Ньирэй титириир курдук дьигиһийбэхтээн ылар, илин атаҕын иннин диэки чиккэччи тэбэ сытан тура сатаан өгдөҥнөөмөхтүүр. Атаҕын кумуйа туттан сөһүргэстээн турар диэни билбэт да быһыылаах.

      Мааппыс ынаҕа оҕотун кичэйэн салаабытын кэннэ ньирэйи эмиэ агдатыттан бобо кууһан көтөҕөн аҕалан ийэтин синньигэр үҥүлүттэ. Ньирэйэ икки хараҕын симэ сылдьар, ийэтин эмиийин булбакка мээнэ үнүөлүүр. Ону сэҥийэтиттэн ылан эмиийи булларан биэрбитигэр, эмэн чомурҕаппытынан барда. Атахтарыгар билигин даҕаны бигэтик тирэммэт, титирэстии-титирэстии амтаһыйан эмэн сабырҕата туран, сүһүөҕэ мөҕөн эмиийин сүтэрэн кэбиһэн баран эмиэ мээнэ үҥүөлээтэ. Мааппыс хап-сабар эмиэ эмиийи буллара охсон биэрдэ. Сотору соҕус:

      – Чэ, сөп буолуо, – диэн баран ньирэйи кууһан ылан ийэтин иннигэр илдьэн маарыын атаҕар баайан баран тардыбыт быаларынан моонньуттан баайан кэбистэ. Онтон Лаана баҕанаҕа сааллыбыт тоһоҕоҕо айаҕа маарыланан сабыллан ыйанан турар биэдэрэни уонна ынах ыыр намыһах олоппоһу аҕалан биэрбитин ылан, олоро түһэн ынаҕын ыан курулаппытынан барда.

      Ынаҕын ыат, уоһахтаах биэдэрэтин Лаанаҕа туттаран баран ньирэйин быатын сүөрэ туран:

      – Бэйи, бу ньирэй тоҕо хараҕын көрбөтүй? – диэн баран, хараҕын быһа симэ сылдьар ньирэй халтаһатын арыйан көрөөт, уолуйан уһуутуу түстэ: – Тыый!!! Хараҕа суох эбит дии…

      Лаана эмиэ соһуйан:

      – Уо-аай! – диэт уолугун бобо харбанна.

      – Эрэйдээх, сүөһү буолар эрэ, суох эрэ… Сарсын бэтэринээрдэр көрөллөр ини, – дии-дии Мааппыс ньирэйин

Скачать книгу