Скачать книгу

ырааппыт буолан кыбыстан, куттанан кэннинэн чугуруҥнаата. Онуоха Мэхээлэ соһуйан ойон кэлбит киһитин тохтотордуу хаҥас илиитин туора тутан туран:

      – Бээ-бээ, тохтоо. Оргууй! – диэтэ. Онтон сиргэ сытар килиэбин ылан Миитэрэйгэ туттаран кэбиһээт, Мэхээчэҕэ оргууй чугаһаан кэлэн: – Билимээри гынным ээ, хайалара этигиний? – диэн сэрэнэ соҕус ыйытта.

      – Мэхээчэбин ээ, Куонаанап.

      – Оо, ол иһин даҕаны… Ханна эрэ көрбүт харахтарым ээ. Хайдах манна кэлэн хааллыҥ? Чэ, кэл. Манна уот аттыгар олорон сиһилии кэпсээ, – дии-дии утарылаһыннарар бокуойа суох Мэхээчэни кутаа таһыгар дьөгдьөрүтэн аҕалан күөх окко олордон кэбистэ.

      Мэхээчэ, төһө эмэ өр атын киһилиин айах атан кэпсэппэтэх буолан, бастаан утаа тугу да буоссалааҕы кэпсээбэккэ дьонун хардары-таары көрүтэлээн мэлээриҥнии олордо. Онтон Мэхээлэ билээгэттэн куруускаҕа арыгы кутан сыҥалаан туран иһэрпитин кэннэ, дьэ тыла босхо баран сэриигэ баран иһэн дьонуттан быстан хаалбытын, үс сылы быһа умналаан аһаабытын кэпсээтэ. Тиһэҕэр ытамньыйан ыла-ыла:

      – Эһиги тыыннаах ордон дойдулаан истэххит. Оттон мин эрэйдээх манна хаһан эрэ умса түһэн өлүөм буоллаҕа, – диэн баран сирэйин тобугар кистии анньан олорон ытаан санна титирэстээбитинэн барда.

      Мэхээлэ тулуйбата, ытаан ньиккирии олорор киһини оргууй санныттан илгиэлии-илгиэлии:

      – Мэхээчэ-Мэхээчээ, тохтоо. Уоскуй. Хайдах эмэ гынан дойдугар илдьэр суолу тобулуохпут, – диэтэ. Онуоха Миитэрэй эмиэ көх-нэм буолан:

      – Ээ, илдьиэхпит-илдьиэхпит. Хата, маны ис, уоскуй, – дии-дии Мэхээчэҕэ итии чэйдээх куруусканы үҥүлүттэ. Мэхээчэ, аһыннарбыт оҕо курдук, ис-иһиттэн өрүтэ мэҥийэн сыҥсырыйан ылбахтаата, онтон уоһун сиэтэ-сиэтэ итии чэйи сыпсырыйа сатыы олордо. Ол олордоҕуна, хараҕыттан икки бөп-бөдөҥ таммах куруускалаах чэйигэр «чолк» гына түстэ.

* * *

      …Мэхээлэлээх Миитэрэй Өлүөнэ баһыгар диэри бараары массыына кэтэһэ сылдьаллар эбит. Мэхээчэни массыынаҕа олордоллоро уустугун ааһан сүрдээх кутталлаах. Тутулуннулар да дезертири кистээн илдьэ иһэр дьон быһыытынан хаайыыга бараллара чахчы. Онон киһилэрин хайа албаһынан илдьиэххэ сөбүн тобула сатаан бэрт өр төбөлөрүн үлтү сыстылар. Мэхээчэлэрэ, кинилэргэ туох да сүбэ биэрэр кыаҕа суох буолан, бүтэйдии кэтэһээхтиир эрэ. Тиһэҕэр дьоно куулга уган баран, үрдүгэр хортуоппуйда кутуохха, аара сиир өйүөбүт диэххэ диэн быһаарыннылар. Миитэрэй сэриигэ алдьаммыт сааны-сэби өрөмүөннүүр взводка сылдьыбыт эбит. Дойдутугар барарыгар бииргэ сулууспалаабыт дьоно эгэлгэ тэриллээх дьоҕус холбуканы бэлэхтээбиттэрин станцияҕа тиийэн атыылыы охсон, бэрт халыҥ, бөҕө американскай куулу аҥаарынан хортуоппуй атыылаһа охсон кэллэ. Оттон Мэхээлэ киһитэ кэлээтин кытары массыыналар хаһан баралларын билэ барда. Күн ортотун саҕана аны биир чааһынан биэс массыына Усть-Кутка диэри бараллар үһү диэн ыксаан-бохсоон тиийэн кэллэ. Сонно тута куулларын таҥнары сүөкээт, иһигэр Мэхээчэни уктулар, үрдүнэн эргэ гимнастерканан бүрүйдүлэр уонна хортуоппуй кутан баран бобо баайан кэбистилэр.

      – Хайа,

Скачать книгу