ТОП просматриваемых книг сайта:
Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев
Читать онлайн.Название Кыргыс толоонугар көрсүһүү
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6639-1
Автор произведения Данил Макеев
Издательство Айар
Мэхээчэ төбөтүн өндөтөн уонтан тахса киһи сүрдээхтик дьиибэргээбит сирэйдэрин көрө түстэ…
…Айаннаатахтарын үһүс күнүгэр Усть-Кутка тиийдилэр. Аара тохтобулга Мэхээчэ илдьиркэй таҥаһын устан, саллаат кубархай гимнастеркатын, ыстаанын, пилоткатын кэтэрдэн, баттаҕын кырыйан атыттартан улаханнык араарыллыбат да буолла. Ол эрээри борохуокка саалаах-сэптээх НКВД үлэһиттэрэ хас биирдии киһи докумуонун бэрэбиэркэлээн киллэрэллэр эбит. Өссө киһи элбэҕэ бэрт буолан икки бууттан ордук таһаҕаһы ылларбаттар үһү диэн буолла. Онон Мэхээчэни куулга сүгэн киллэрии хайдах да кыаллыбат буолан таҕыста. Киһилэрэ, ону истэн, адьас иэдэйбитин көрөн, Ылдьыын: «Чэ, наһаа санаарҕаама. Тугу эмэ тобулар инибит», – диир да улаханнык мунаарара сирэйигэр көстө сылдьар. Ол сылдьан сэрии инниттэн үчүгэйдик билсэр, Покровскайтан сылдьар сахалыы бэркэ билэр нуучча уолун, эдэркээн лейтенаны көрсөн кыһалҕатын кэпсээбитигэр, киһитэ толкуйдуу түһэн баран: «Дьэ, Миша, кырдьык, киһигитин куулга уган хайдах да киллэриэххит суоҕа. Арай, маннык гыныахха сөп. Земляккытын ортоҕутугар уктан уочаракка тураарыҥ. Хонтуруолга тиийээт, пилоткаҕын устан үөһэ уунан бэлиэтэ биэрээр. Оччоҕо мин кэннигититтэн анньыһыыны тэрийиэҕим. Эһигини палубаҕа тоҕо анньан киллэрээттэрин кытары киһигит аллара трюмҥа ыстаннын. Трюм аанын эрдэ киирбит киминэн эрэ арыйтаран кэбиһээр», – диэтэ. Сүбэлэһэн баран ити албаһы туттарга быһаарыннылар, атын хайдах да гынар кыахтара суох.
Сарсыныгар Дьокуускайга диэри барар борохуот тиийэн кэллэ. Дойдуларыгар тиийэ охсуохтарын баҕарар сэрииттэн иһээччилэр бука бары бириистэҥҥэ тоҕо сууллан киирдилэр. Хонтуруоллааччылар тыраап икки өттүгэр туран хас биирдии киһи докумуонун бэркэ сыныйан көрө-көрө аһараллар. Мэхээчэ Мэхээлэлээх Миитэрэй икки ардыларыгар туран кутталыттан сүрэҕэ бип-битигирэс буолла. Кыһалҕатын оҥорон, уочарат сыҕарыйара түргэнэ сүрдээх курдук. Тыраапка тахсыыларыгар Мэхээлэ:
– Мэхээчэ, көр эрэ ол хаҥас өттүгэр чох кутар трюм аанын. Бөлөлүүбүскэй номнуо арыйбыт. Билигин анньыһыы буолла даҕаны эн онно ыстаныахтааххын. Киирээккин кытары Бөлөлүүбүскэй ааны сабан кэбиһиэҕэ, – диэн оргууй ботугураата.
Мэхээчэ, адьас күүрэн хаалан, тыынара тыастанан, сүүһүгэр көлөһүнэ бычыгыраан таҕыста. Ол икки ардыгар хонтуруолга тиийэн кэллилэр. Ылдьыын түөһүн сиэбиттэн докумуонун ылан төп-төгүрүк ачыкылаах, кыһыл хаймыылаах халлаан күөҕэ өҥнөөх фуражкалаах хатыҥыр эписиэргэ туттараат, пилоткатын устан өрө ууммутугар, кэннилэрин диэки «Давай!» – диэн саҥа иһиллээтин кытары, сүүрбэччэ киһи биирдэ палубаҕа тоҕо анньан киирдэ. Мэхээчэ, Ылдьыын кэннигэр саһан, төһө да бэлэм турдар, күүстээх анньыыттан чуут умса баран түһэ сыста уонна нэһиилэ өрүһүнэн хаҥас диэки ыстанна. Кыараҕас люгунан моҕотойдооҕор сымсатык трюм иһигэр сылыпыс гынаатын кытары, саба баттаан лаҥкынаттылар. Ол икки ардыгар иккитэ-үстэ саа тыаһа бачырҕаата, маатыра-куутура бөҕө буола түстэ. Мэхээчэ кутталыттан сүрэҕэ айаҕар бүөлүү анньан кэбистэ.