ТОП просматриваемых книг сайта:
Аанньаллар. Айсана
Читать онлайн.Название Аанньаллар
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4178-7
Автор произведения Айсана
Издательство Айар
Бастакы булт
Оо, ийэм барахсан астаабыт аhын сыта таhырдьаттан биллэр!
Мила аччыктаан куртаҕа курулаабытын дьэ өйдөөтө. Таах даҕаны бүгүн өр тардылынна. Алта уруок кэнниттэн кылаастарын сууйбуттара, онтон үс чаастан математика олимпиадатыгар кыттыахтаах оҕолорго эбии дьарык буолбута.
Аhыы охсор баҕалаах Мила аанын тутааҕын харбаата.
– Бары ханна дьөлө түhэн хааллыгыт? Аскытын хаhыс да сылытыым, – Мила ийэтэ Аана үгэhинэн мөҕүттэ тоhуйда.– Аҕаҥ мааҕын сарсыарда хонтуоралаабытын айыыта ол. Эбиэккэ кэлбэтэ, арааскыта, мас тиэйтэрэ ыыттылар быhыылаах. Дьиэ эргин сылдьабын диэн уhун остоох саппыкытын кэппэтэҕэ, атаҕа сытыйда буолуо. Быраатыҥ эмиэ суох. Хотоммор тахсарбар Маара уолаттарын кытта хаалбыттара, киирбитим – мэлигирдэр…
Аана, кэпсиирин быыhыгар тиэтэйэ-саарайа туран кыыhыгар остуол тарта. Кыыстаах ийэ утарыта олорон чэйдээн бардылар.
– Эн тоҕо хойутаатыҥ?
– Ээ, Мария Михайловна математика олимпиадатыгар кыттыаҥ диэн эбии дьарыктаата. Онтукабыт буоллаҕына саас биирдэ буолар.
– Эс, оччо кыhанар киhиэхэ дьарыктаммаккаҕын… Туох эрэ тахсыа диэн эбии дьарыктыыр буоллаҕа дии, аккаастана олордоххунуй! Эрдэттэн бэлэмнэннэххэ, элбэхтик дьарыктаннахха эрэ үлэ түмүктээх буолар баҕайыта. Ыллыҥ да, тугу да тоҕо көппөккүн… Эhэҕин баппыккын быhыылаах, сүрдээх суоччут оҕонньор этэ, суотун туорааҕа биир кэм лаhырҕаан олороро. Биhиэхэ кимиэхэ да ахсаан иҥмэтэх дьонобут. Иhиккин сайылыы охсон баран, порка бырааккын көрөн кэлбэккин ээ… Ардах түhээри гынна, сордоох оҕо эмиэ тымныйан балыыhаланыа…
– Онтон Мааралаахха суохтар дуо?
– Суохтар. Маара эбиэтигэр кэлэн баран, бэйэтэ биhигиттэн сураспыта. Эбиэттээт, үлэтигэр ойбута, үлэ киhитэ олорбоот… Саатар дьыссааттара хаhан аhыллан абырыыр, ити оҕолор кэрийэллэрэ тохтуо этэ. Сураҕа, тымныыта бэрт үhү, аҕаҥ онно мас тиэйэ барда ини, – Аана сылыппыт үүтүн ылан сэппэрээтэрдээн барда.
Мила иhитин сууйан, дьиэтин чөкөтөн баран, таhырдьа таҕыста.
Быраатын көрөр-истэр, такайар – кини эбээhинэhэ. Сэттэ сыл балыс быраата Максим – дьонун сотору-сотору ууга-уокка түhэрэр бэрт түбүктээх киhи. Муҥурун эпэрээссийэлэппитигэр иhигэр тампон хаалан, онто сытыйан өлө сыhан, сылы-сылынан балыыhаланан бэрт эрэйинэн киhи буолта. Ону да ийэтэ дьирээлэhэн балыыhаҕа санитарканан киирэн, бэйэтэ көрөн-истэн… Аны бэттэх кэлэн иhэн, атаҕын тоhутан дьонун баттаҕын маҥхаппыта. Быйыл оскуолаҕа киириэхтээҕин сэниэлэнэ, улаата түстүн диэн дьоно тохтоппуттара. Онон дьыссаата да, оскуолата да суох, бэйэтэ этэринэн, дьиэ бөҕө. Уол уола өтөн харыстаммат, доруобай оҕолору кытта тэҥҥэ хачыпайдана сатыыр да, кыаллыбат. Ол иhин бэйэтиттэн балыс уолаттары саллаат оҥостуталыыр. Маара уолаттара диэн, ыалларын Гаврильевтар уолаттара: алталаах Артем, биэстээх Гоша. Аҕалара Уйбаан Дьөгүөрэбис – учуутал, ийэлэрэ Мария Ивановна, норуокка биллэринэн, Маара – атыыhыт.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст