ТОП просматриваемых книг сайта:
Аанньаллар. Айсана
Читать онлайн.Название Аанньаллар
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4178-7
Автор произведения Айсана
Издательство Айар
Көрбүтүм – ыга кыыhырбыт сирэйдээх полкам командира Ничепуренко маат-муут бөҕөтүн түhэрэн, миигин сахсыйа турара. Казармалары кэрийэ сылдьан, мин аhаҕас уолукпун көрөн тохтообут этэ.
– Сволочь, травкой увлекаешься? Идиот, знаешь кто ты после этого? – дии-дии миигин саппыйам быатыттан тардыалаабыта.
Быам солко буолан моонньубар быhа кииртэ да, хата быстыбатаҕа.
Баарбын-суохпун былдьатан эрэр киhи, дьэ өйдөнөн, төттөрү тардыалаhан чиччигинээбитим, кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии быhаарааччы буолбутум:
– Э-э-это не ты-ты-травка, э-это земля, зы-зы-земля, земля, ну это почва…
– Какая такая почва? Сними немедленно!
Мин туох иhин устар санаам суоҕа, мүччү туттаран туора ойбутум.
– Ванёк, объясни ты толком, что у тебя? Отдай сюда! – айдааҥҥа үмүөрүспүт саллааттар ортолоруттан сержаным кыттыспыта.
– Ни за что! Бу мин буорум, это – моя земля, это – моя эльгяйская земля! Никому её не отдам! – мин ыксаан саппыйабын устан кэннибэр туппутум.
– А ну, покажи! – полк командира илиитин ууммута.
Мин саараан баран, быстыам дуу, ойдуом дуу, биэрдэҕим дии.
– Только обратно верните…– диэхтээбитим.
– Он ещё тут условия диктует! Ну и порядки у вас! – Ничепуренко ылан быаны өhүлэ тардан, тарбаҕын төбөтүнэн буорбун кымыстаан ылан, муннугар даҕайбыта, ытыhыгар кутан имиппитэ, онтон тылын төрдүгэр ууран амсайан көрбүтэ.
Өйдөөбөтөхтүү мин диэки чыпчыҥнаабыта:
– И, правда, земля! Откуда она у тебя и зачем?
– Это мне одноклассницы из Союза отправили, – диэт, мин саппыйабын ылаары тарбачыспытым.
Сержаным урут түhэн эhэ охсон ылбыта уонна:
– Эх, ты… У тебя земля Союза, и ты молчал? Ну, якут, ты даешь! А если тебя убьют, наша земля духам попадет? Нетушки, дорогой, эта святая земля Союза должна охраняться всеми, а не одним Иваном Тыасытовым, – диэбитэ.
Мин сүрдээҕин хараастыбытым да, тула эргийбит табаарыстарым харахтарын көрөн тохтообутум.
Ол көрүүгэ араас баара: сөҕүү-махтайыы, ордугурҕааhын, кэлэйии… Бары ити кып-кыра эрээри, олус улахан суолталаммыт саппыйаны ылан көрүөхтэрин баҕарбыттара. Буор буортан туох уратылаах буолуой? Афганистан буоруттан атына суоҕа буолуо да, ити аҕыйах кымаах буор бүтүн Сойуус суолталаммыта. Ол Сойууска мин Сахам сирэ эрэ киириэ дуо…
Биир сүбэнэн саппыйаны сейфэҕэ хатаабыттара.
Ол күнтэн ылата блокпостарынан тарҕаhар саллааттар докумуоннарын туттарар кэмнэригэр саппыйаны ылан илииттэн илиигэ бэрсэн эргитэр идэлэммиттэрэ. Ким оннук өй укпута буолла, ол оннук кэhиллибэт ытык үгэс буолбута.
Ити сиэри-туому толорон баран, биhиги отделение биир күн сэттис нүөмэрдээх блокпоска олорбут саллааттары солбуйа барбыппыт. Ол дьуhуурустубаҕа сатамматахпыт. Дуухтар биhиэхэ саба түспүттэрэ. Түүн да, күнүс да сынньалаҥ биэрбэккэ, имири эhэр санаалаах кэлэн түhэ турбуттара. Тиhэх Полетаев биhикки хаалбыппыт. Мин атахпар бааhырбытым.