ТОП просматриваемых книг сайта:
Аанньаллар. Айсана
Читать онлайн.Название Аанньаллар
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4178-7
Автор произведения Айсана
Издательство Айар
– Сэрии диэн сэрии! Бу олорон мин өлөр да өстөөхпөр сэрии диэн тугун билиэн баҕарыам суох этэ. Хайдах гынан бу күнү тыыннаах ааспыт киhи диэн дьаархана сылдьыы, бу сарсыарда үөрэ-көтө хаадьыласпыт доҕоруҥ аатын киэhэ өлбүттэр испииhэктэригэр булар, хаан-сиин, өлөрсүү – ол барыта киhини тупсарбат, киhи кутун-сүрүн алдьатар эрэ.
Бу үлүгэрдээх дойдуга умса-төннө түhэ сырыттаххына, былыт быыhыттан күн көрөрүн курдук, дойдугуттан кэлэр суруктар чаҕылхай үөрүү буолаллара. Дьоммут барахсаттар биhиги ханна сылдьарбытын хантан сэрэйиэхтэрэй? Сойууска баар чааспыт аадырыhыгар ыытыллар суруктарга күннээҕи түбүктэрин, отторун-мастарын айдаанын туhунан суруйаллара сүрдээх суолталаах буолара. Хаhан эрэ түүл буолбут олохпутугар тиийиэхпит диэн эрэл кыымын үөскэтэллэрэ.
Биир сарсыарда караултан сылайан-элэйэн кэлэн, утуйардыы оҥостон эрдэхпинэ, амыдайым, халлаан курдук күп-күөх харахтаах Брянскайтан сылдьар Ваня Полетаев казармаҕа сүүрэн киирбитэ.
– Ванек, танцуй, тебе посылка. За добрую весть мне – половина, – дии-дии миигин эргитэн кулахачыппыта.
Мин, бу куйааска миэхэ ким посылка ыыттаҕай диэн, соhуйбутум да буоллар, сахам сахата өтөн, үөрүүбүн биллэрбэккэ, Полетаевы батыспытым. Штабтан тиийэн баhыылкабытын ылан кэлбиппит. Эльвира, ол эhиги, кылааhым кыргыттара, ыыппыт баhыылкаҕыт этэ. Баhыылкабыт хаппаҕа аhаҕас этэ да, казармаҕа диэри арыйан көрбөтөхпүт. Киллэрэн сэрэнэн фанера дьааhыгы остуолга уурбуппут. Караулга сылдьыспыт уолаттарбыт кэтэhэн олороллоро. Чочумча олорон баран сержаным:
– Ванек, давай! – диэн хамаандалаабытыгар киэптии соҕус туттан биир-биир кэhии хостоон барбытым.
Дьааhыкка сгущенка, кофе, чэй, табах, кэмпиэт, бирээнньик бааллара. Түгэҕэр дьоҕус кэмбиэр сытара. Саҥата суох илдьэн, сыттыгым анныгар кистии аспытым. Кэлин бэйэм бүөмнээн көрөн астынаары.
Чэй оргутта охсон, Дьэргэстэй ыhыаҕын ыспыппыт, Омоллоон олоҕун туппуппут. Табаарыстарым чахчы миэхэ ымсыырбыттара, саха кыргыттара маладьыастарын хайҕаабыттара, аадырыстарын ыйыталаспыттара. Хас биирдиибит дойдубутун санаан иhийэн да ылбыппыт.
Олорбохтоот, мин ороммор кэлэн кэмбиэрбин хостообутум. Сэрэнэн муннугун хайа тардыбыппар илиибэр моонньуга кэтэр быалаах кып-кыра саппыйа оҕото түhэн кэлбитэ. Мин тугун өйдөөбөккө, суругу утаппыттыы ааҕан барбытым.
Эльвира, эhиги чахчы наhаа үчүгэйдэргит, маннык кылааhынньыктаахпыт диэн санаан, итиччэ ыраах дойдуга кэhии ыыппыккыт. Эhиги суруккутугар бииргэ үөрэммиттэр ким ханна тиийбитин, тугу гынарын, ким оҕоломмутун-урууламмытын сиhилии кэпсээн баран, суругу «эн ыарахан сулууспаҕар күүс-көмө буоллун, дойдугун санаттын, араҥаччылаатын-арчылаатын диэн, төрөөбүт Элгээйиҥ буорун уган ыытабыт» диэн түмүктээбит этигит.
Онно эрэ илиибэр тугу тутан олорорбун өйдөөбүтүм. Ытыспар ыга туппут кыракый саппыйабын муннубар даҕайан сыллаан ылбытым. Туох эрэ олус сылаас төбөм оройуттан тилэхпэр тиийэ сүүрбүтэ, сүрэҕим ыарыылаахтык ыга кымаахтаабыта. Харахпар ийэм,