ТОП просматриваемых книг сайта:
Аанньаллар. Айсана
Читать онлайн.Название Аанньаллар
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4178-7
Автор произведения Айсана
Издательство Айар
Ыалдьыт
Ыраахтан хантан эрэ тохтоло суох тырылыыр телефон тыаhа улааттар улаатан субу кулгаахпар тиийэн кэлэргэ дылы гынна. «Оо, дьэ, саатар өрөбүлгэ утуталлара баҕалаах…»
Уум быыhынан, харахпын аспакка эрэ, телефонум туруупкатын харбыалыыбын, нэhиилэ таба тутан кулгаахпар таҕайабын.
– Алло, алло… Айыына?! Өссө да утуйа сытаҕын дуо?! Тур, тур! Пора, красавица, проснись, навстречу утренней Авроре звездою севера явись… – Тыл институтугар үлэлиир дьүөгэм Сардаана биир тыынынан элбэх-элбэҕи кутан-симэн кэбистэ.
– Сардаана Ильинична, мин бүгүн сокуонунан көрүллүбүт өрөбүл күнүм. Баhаалыста, утута түс… – мин өссө да утуйар баҕалаах утарылаhан көрөбүн.
– Суох, суох. Сатаммат… Тура оҕус! Вопрос жизни и смерти… Айыынчык, чыычаах, турууй. Чэйиий, абыраатаххына эн эрэ абырыыгын… Мин дьүөгэм миигин алдьархайга бырахпаат, хайаан да көмөлөhүө… – Сардаана албыннаспыт куолаhа улаатан кэллэ.
– Оо, татат, ол туох алдьархайа буолла? Бэҕэhээ киэhээҥҥэ диэри бары этэҥҥэ курдук этибит дии?
– Айыночка, били дьоппуон профессор туhунан кэпсиир этим дии. Ол киhи атын дьоппуону илдьэ кэлбит. Суол инженера үhү. Биhиги бэйэбит киhибитин хайдах көрсөрү барытын былааннаабыппыт. Онтон бу дьоппуон биhиги институппутугар олох сөп түбэспэт соруктаах. Ону-маны сыҥалаан көрдүбүт да, туохха да буолуммат. Вредный такой, киhини адьас өйдөөбөт барахсан. Эппитин этэ турар. Непрошеный гость и ещё лезет в чужой монастырь со своим уставом! Бастатан туран, тыа ыалын билсиэн баҕарар үhү. Иккиhинэн, «зимник» диэн туох суолун көрүөн баҕарар үhү. Айыынчык, күн-ый буол, эhиги дьиэҕит наhаа үчүгэй дии, бэйэтэ музей курдук батта уонна Даниилыҥ инженер дии. Туох эрэ уопсай кэпсэтии тахсыаҕа. Көрдөhөбүн, ыалдьыттат. Онтон кэлин мин эн ханнык баҕарар көрдөhүүгүн толоруом. Айыына, кытаатыый…
– Айуу-айа, олорбуппут сыччах… Ол хаhан?
– Бүгүн, икки чааска тахсыахпыт…
– Оо, барахсан, мин ол электровеник үhүбүн дуо, дьоппуон баара?! Хаhан дьиэбин сууйан-сотон ас астыахпыный? Суох, суох, олох табыгаhа суох, саатар бэҕэhээ киэhэ этиэҥ этэ буо.
– Айыын, онтон мин эйиэхэ эркин курдук эрэнэр буолан эрийдим ээ. Бээhээ букатын хойут кэлбиттэрэ. Сарсыарда көрсөн айманныбыт. Көмөлөспөтөххүнэ иэдээн, институт, что там институт, Саха сирин аата түhэр буоллаҕа дии, – Сардаана куолаhа ытыахча буолла.
– Оо, дьоппуон кыыhа, бүт, бүт. Сах сиэтин, кэллин, кэллин. Хайдах эбит көрсөр инибит.
– Ой, Айыночка, как я тебя люблю. Вот это моя подруга… – Сардаана долгуйдаҕына нууччалыыра элбиир.
– Ол омук эристиинэ тугу аhыыра буолуой?
– Ээ, тугу барытын сиэ. Мин маамабар медовай торт буhартардым. На десерт ону илдьиэм. Иккигэ тиийиэхпит, пока, пока, – Сардаана, уhаатахпына аны эргийэн кэбиhиэ диэтэ быhыылаах, туруупкатын тилир гына ууран кэбистэ.
Ити аата утуйан бүттүбүт… Мин өссө да туруохпун баҕарбакка сымнаҕас суорҕаммын бүрүнэ тардынабын.
– Утуппатылар