Скачать книгу

Ханна да үөрэнэ сырыттахха, баҕар оскуолаҕа буоллун, баҕар университекка буоллун, кыратык да эрдэ бүтэр – улахан үөрүү. Онон биһиги да ол сиэриттэн туораабакка, барбах эрэ ырыанан анньан, кылааһынан аргыстаһан дьиэлээтибит.

      – Хайа, Катя, эн дьиэҕэр массыына турар дии, – Дося саҥа аллайа түһэр.

      Көрбүтүм, олбуорбут таһыгар ГАЗ массыына кэлэн турбут. Тыый, ким кэллэҕэй? Бу кыһын Туллуктаах ийэлэрэ ыалдьыбытыгар оройуон балыыһатыгар сопхуос дириэктэрин массыынатынан илдьибиттэрин санаан куттанным. Аны ийэм эрэйдээх туох эрэ буолла дуу? Чугаһаан көрбүппүт, төрүт хайабыт да харахтаан көрбөтөх техниката буолла, кабинатын ааныгар эмблемэ-бичик бөҕөлөөх, «ВилюйГЭС-энерго» эҥин диэн. Тыый, кимнээх буоллахтарай? Аргыстарым салгыы ааһа турдулар, мин олбуорбар киирдим. Хайыһарбын күүлэҕэ уура туран иһиттэхпинэ, иһирдьэ дьон саҥата добдугурас. Хаарбын тэбэнэн дьиэҕэ киирэбин.

      Тыа ыалын дьиэтигэр оччолорго туһунан куукуна диэн суох. Киирэ түһээти кытары – оһох. Ону биир өттүнэн таҥас ыйыыр уонна суунар сир. Утары түннүк аннынан остуол турар. Бэйэтэ да кыракый остуолбутун толорон ийэбин кытары үс киһи, икки нууччаны кытары биир саха киһитэ, эбиэттии олороллор. Мин киирэн «здравствуйте» диэн дорооболоһобун. Таҥаспын устан, соммун, бэргэһэбин ыйаан, суумкабын ууран балачча хаһыспахтыы туран кэпсэтэллэрин истэбин.

      – … тогда, здесь было немноголюдно, жили в юртах, – диэн кэпсиир сааһырбыт көрүҥнээх харатыҥы нуучча киһитэ. – Ол кэмтэн төһөлөөх сайдыы барбытый?

      – Ноэль Ааронович, манна уот линиятын аан бастаан эһиги тартаххыт дии, – эдэр нуучча уола тойуу саахары чэйгэ уган оборорун быыһыгар ытыктабыллаахтык ыйытар. – Первопроходцы в освоении Севера.

      – Оо, даа, работа была тяжелая. Куда ушли те годы молодые? – кэпсии олорооччу туран миэхэ утары кэллэ, олуттаҕастык сахалыы ыйытта:

      – Катаринагын даа?

      – Ыһы, – диэбиппэр, бокуой биэрбэккэ, ыга кууһан, сүүспүттэн сыллаан ылла.

      Мин «уой» диэт, илиибинэн хаххалыы туттан иһэн, «куттаныма, сыллыый, ити аҕаҥ ээ», – ийэм саҥатын истэммин холкутуйабын. А-ҕ-а-м? Тугуй ол, кимий ол? Хантан, хайдах уонна тоҕо? Ийэбиттэн ураты өссө ханнык эрэ үһүс киһи баар буолуохтааҕын, атын оҕолор аҕалаахтарын көрөр буоламмын, биллэрбин даҕаны, оннук чуолаан миэхэ уонна илэ-чахчы баарын өйүм хоппот эбит. Далбааран хаалабын.

      – На улице такой мороз, а ей жарко, каково? – киһи киэн туттубуттуу дьонун диэки көрөр, хайыһардаан тириппитим көстө сырыттаҕа.

      Мин остуол диэки эргиллиибэр сирэйбин дьэ өйдөөн көрөн, олорооччулар соһуйан өрө көтө түһэллэр. Чочумча саҥа суох. Онтон:

      – Дьэ, манна чахчы да үчүгэйдик «үлэлээбит» эбиккин ээ, Аароныч, дочь-то… ну, надо-же, как две капли воды…те же ясные глаза, тот же знаменитый файнберговский нос, – диэтэ сахата.

      – Вот так номер, – нуучча уола итэҕэйбэтэх быһыынан бастаан ийэм диэки, онтон саастаах киһи диэки олбу-солбу көрө олордо.

      Ийэм

Скачать книгу