Скачать книгу
Ахтарым буолуо, бу тымныы Саха сирин, хараҕым уута тохтубут, чугас дьонум көмүллүбүт, эдэр сааһым ааспыт дойдутун. Аҕам Аарон – хайа эрэ лааҕырга, балтым Эстер-Либа, кыракый Либузя – Булуҥ Тиит Арыытыгар, ийэм Катарина – Покровскайга сытан хааллахтара… Ол эрээри, бэйэм оннубар биир тыыннаах дууһаны хааллардаҕым дии, Катарину нашу, – «нашу» диэн чиҥэтэ-чиҥэтэ эттэ. – Өйдөөн кэбис, кыысчааныам, биһиги тоҕо уонна хайдах манна кэлбиппит туспа кэпсээн. Ону билэ да сатыыр наадата суох, улааттаххына, хойутун-хойут баҕар билиэҥ, баҕар суох. Ол эрээри, биири өйдөөн кэбис, эн аҕаҥ, ол аата мин, хаамаайы буолбатахпын, дьон курдук дьонноох этим, киһи тэҥинэн үлэлии-хамсыы сылдьабын. Бу Бүлүү түбэтигэр уонна Мииринэйгэ электроэнергия сайдыытыгар күүспүн харыстаабатым. Эн онон киэн туттуохтааххын, дьоһуннук сананыахтааххын. Эрэнэбин, үөрэниэҥ, үлэһит буолуоҥ, дьон кэккэтигэр тахсыаҥ. Олоҕуҥ суолугар үгүс киһини көрсүөҥ, араас омугу кытары алтыһыаҥ, оччоҕуна, «эһэм – 1941 сыл сааһыгар диэри Шауляй куоракка олорбут доктор Аарон Файнберг, аҕам Мииринэйи, ГЭҺ-и тутуспут энергетик Ноэль Файнберг» диэн кыбыстыбакка, киэн тутта этэр буолаар. Киһи кимин, дьиҥэ, омуга быһаарбат, киһи быһыытынан хайдаҕа, дьэ, ол быһаарар. Биир ырыаны ыллыым эрэ, оҕо эрдэхпинэ, дьонум бырааһынньыкка бары түмүстэхтэринэ, ол ырыанан үҥкүүлүүр буолаллара. Дьээдьэ Гершель куоҕаҥныы-куоҕаҥныы скрипкаҕа тардан сыыйара, ийэм пианиноҕа охсуолуура… дьэ уонна бары сарын-сарыннарыттан ылсан үҥкүүлээн бараллара. Биһиги, оҕолор, да маппаппыт. Мин, оччолорго сэттэлээхпин, Рудерманнар кыыстара Алтаны уонна ыалбыт уола Шолому кытары киирэбин. Иккилээх Либузя үҥкүү тэтиминэн ытыһын таһына-таһына, эргичиҥнээн, атылаас былаачыйата лаглаарыйар. Тула музыка, үөрүү-көтүү… Өрүү оннук салҕанан бара туруон курдук… Ол бэйэбит ким – хоту, ким – геттоҕа… Мм-м… – аҕам куолаһын оҥоһунна, көхсүн этиттэ. Иһиттэн бэрт дириҥ дорҕооннору таһааран, оргууй аҕай саҕаланан сыыйа күүһүрэн, хамсаныылаах үҥкүү эрчиминэн сайдар ырыаны ыллаан барда:
Хавва… лагиллья хавва, лагиллья хавва,
Лагиллья…белис ме хавва…
– Ээх, куолаһым куһаҕаныгар эбэн, тылын да умнубуппун. Ийэм хоту кэлэн баран, бу ырыаны санаата түстэҕинэ, муунтуйдаҕына, айаҕын иһигэр киҥинэйэн ыллыыра. Оччоҕуна, сэргэхсийэргэ дылы буолара. Оттон мин бүгүн, төрөппүт эт-хаан оҕобун кытта көрсүбүт өрөгөйдөөх кэммэр соруйан ыллаатым… Дойдуга тиийдэххэ, быһыы-майгы, өй-санаа төрүт атын буолан, иккистээн көскө тиийбит дьон курдук буолабыт эрэ, хайыыбыт… Уруккуттан туох да хаалбатаҕа сыттаҕа… Ол туһугар кыһалыннахтара даҕаны, силистиин ылҕаан, төрдүттэн түөрэ сүргэйэн, ордубуту тэпсэн…
Аҕам ити этэрин ис дьиҥин мин, чахчыта, тугу даҕаны өйдөөбөтөҕүм. Ол эрээри, кини көрсүбүт олоҕор киһи ылбычча сатаан, кыайан быһаарбат, туох эрэ ынырык кистэлэҥэ баарын дууһам хайа эрэ түгэҕинэн сэрэйбитим. Кэпсэтэрбит быыһыгар хаартыска көрдөрбүппүт. Мин детсакка, оскуолаҕа, ийэм пиэрмэҕэ дьахталлары кытары түһүтэлээбиппит син элбэх этилэрэ. Аҕам эһээлээх эбэм хаартыскаларын
Скачать книгу