ТОП просматриваемых книг сайта:
Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова
Читать онлайн.Название Уһаабыт сааскы түүн
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4183-1
Автор произведения Раиса Сибирякова
Издательство Айар
Ракета Семеновна ахсыстары уонна сэттистэри мунньан олорон уруок аахтарар, сыл аҥаардааҕы хонтуруолунайга бэлэмниир. Сорудах биэртэлээн баран кэтэһэн олордоҕуна, ыалдьыбыт учууталы солбуйан, соторутааҕыта хантан эрэ кэлбит алын кылаастары үөрэтэр учууталынса киирэ-тахса элэстэнэр. Тугу эрэ кэпсэтэллэр, күлсэллэр. Санааларыгар сибигинэһэллэр быһыылаах эбит даҕаны, саҥалара бу турардыы иһиллэр.
– Хайа, манна эмиэ бааһынайдаах эбиккин дуу, – дьахтар миигин таба көрөр.
– Баар бөҕө. Эйиэхэ эмиэ баар дии, Павлова Ньургу.
– Онтукаҥ сырдык ээ, бу кыыс хара дии? Аҕата татаар буоллаҕа дуу?
– Дьэ, фермаҕа араас омук оҕото элбээн турар, дьахталларбыт, хата, нууччалыы даҕаны билэллэрэ бэрт. Матардыыр Дуора «улахан оҕом бүрээттэн, кырам – хохуолтан» диир үһү ээ. Һэ-һэ… Мииринэй суолун миинэн олорорбут бэлиэтэ, дьэ, ити… Бу да кыыһы ийэтэ туох омуктан буллум диирэ буолла? Ону да быһааран билээхтээбэтэ дуу…
Оҕо барыта мин диэки көрө түһэр, санаабар бары күлэллэр. Оннооҕор баар эрэ дьүөгэм ааттаах Таайа хаалсыбат! Хараҕым уута ыгыллан тахсар, паартабар бүк түһэбин… Сотору дьахтар тахсан барар. Ракета Семеновна туох да буолбатаҕыныы туттан үлэбитин хомуйар, тугу эрэ быһааран уоһа орбоҥнуур. Мин кулгааҕым бүөлэнэн хаалбыкка дылы, тугу да истибэппин, кими да көрбөппүн. Таайа аргыстаһыан баҕарбытын, садьыйан кэбиһээт, сүүрэ турабын. Дьиэбэр кэлэн сиэркилэҕэ көрүнэбин. Кэтит маҥан сирэйдээх, хойуу сабыстыгас хаастаах, сүһүөхтээх муруннаах, дириҥ таныылаах, дьирбиилээх халтаһалаах, киэҥ бөлтөркөй харахтаах, будьурхай хараҥа кугас баттахтаах бааһынай кыыс сиэркилэттэн сырдыгынан тэһэ көрөн турар. «Ымах» гыннаҕына, иэдэһигэр «ямочка» тахсан кэлэр. Ити мин. Кырдьык даҕаны, оҕо барыта аҕалаах буолуохтаах эбит буоллаҕына, миэнэ айбытым кимий? Сатаатар, ханнык омугуй? Кыһыыга, билиэххэ баар эбит. Эбэтэр ийэм миигин хантан эрэ иитэ ылбыта дуу?
– Ийээ, эт эрэ, мин аҕам кимий? – диэтим биир үтүө күн.
Ийэм бастаан ону сөбүлүү истибэтэ, «эмиэ тугун баран ону-маны ыатаран» диэтэ. Ол эрээри, мин да эппиппин этэ турар киһи буоллум.
– Чэ-чэ, кэпсиим даҕаны. Син хаһан эмит билиэхтээх буоллаҕыҥ. Эн – уот киһитин оҕотоҕун.
– Хайдах уот? Туох уота?
– Чэ, иһит. Манна, Арбаҥдаҕа, оскуола сэрии бүттэҕин иккис сылыгар