ТОП просматриваемых книг сайта:
Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова
Читать онлайн.Название Уһаабыт сааскы түүн
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4183-1
Автор произведения Раиса Сибирякова
Издательство Айар
Ийэм пиэрмэ үлэтиттэн орпот буолан, детсаттан эрэ кэллэрбин, булкуһар киһим – эбэм. Халдьалаах тимир солууру таҥкынатан, иккиэн сэнньилиһэн хотоҥҥо тахсабыт. Эбэм ынахтарын ыыр кэмигэр мин ньирэйдэрбин имэрийэбин, тарбахпын эмтэрэбин. Сороҕор хоспох оһоҕор мас киллэрэ чугас тыаҕа тахсабыт. Эбэм чөҥөчөк кэбирээбит төрдүн чохороонунан үлтү сынньар. Мин сытыган хатыҥтан туоһун арааран титириккэ тэбээммин, таҥаспын бүтүннүү саркаах оҥоробун. Биирдэспит ураҕаска хоҥхолойу толору үөлэн, иккиспит тирбэҕэ быаҕа мас сүгэн, бэркэ кыайбыт-хоппут киэбин туттан, төннөбүт. Ойуур саҕатыттан бу көстөн турар дьиэбитигэр аара хаста даҕаны сынньанан тиийэбит. Мин лыахтаан сүүрэкэлээммин, эбэтэр моҕотойу эккирэтэммин, эбэтэр күөх халлааҥҥа кый ырааҕынан куһуура көтөр сөмөлүөтү мыҥаан аралдьыйан хааллахпына, арыт-ардыгар сынньалаҥмыт аһары уһаан хаалар. «Уу, олордохпутун ньии, күн ырааттаҕа, сыллыый, хоҥхолойгун хомуй…» – эбэм туран үнүөхтүүр. Маһын кыайбакка, миэхэ үттэрэн сүгэр. Бытаан-бытааннык лэппэрдэтэлээн айаммытын салгыыбыт. Эбэм киҥинэйэн ыллыыр:
Кэрэкэчээн эрэ бэрэкэчээн,
Кэрэхсэллээх эрэ бэрэкэчээн…
– Эбээ, ити Кыһыл Бэргэһэчээн туһунан тоҕо ыллыыгын?
– Ханнык Кыһыл Бэргэһэчээн?
– Оттон «кэрэчээн эрэ бэргэһэчээн, кэрэхтээх эрэ бэргэһэчээн….» диигин дии.
– Аат-туол-оҕун да, оннук иһиллэр эбит дуу. Оо, былыр ити ырыаны ыллаан бөҕөтөө… Ээ-һэ, ээ-э… – хоһооно суох киҥинэйэр. Ол аайы сүгэн иһэр маһа «лыкыр-лыкыр» ыллаһар.
Сүгэһэрбитин хоспоххо киллэрэбит. Эбэм маһын оһох чанчыгар «сарк» гыннара түһэрэр, «эҥил баһым бүттэ» диир, имэринэр. Мин хоҥхолойбун ол аттыгар быраҕан «тарк» гыннарабын, «эҥил баһым бүппүт» диэн эбэбэр көрдөрөбүн, эмиэ имэринэбин. Ону: «Ээ, и-һоом баахсаны та (оҕом барахсаны да)», – диэн күлэр. Тэбэнэн-сахсынан, чуолкайдаан эттэххэ, кини миигин эргитэ сылдьан тэбээн, бэл баттахпар хатаммыт мас сыыһын ылан, дьиэбитигэр киирэбит. Сылайбыт-элэйбит дьон быһыытынан чээйдээн сыйгытабыт.
Маҕаһыыҥҥа барыы биир туспа кэтэһиилээх кэрэ түгэн. Ыраахтан көрөн, маҕаһыын таһыгар мустар оҕо-уруу: «Оок, Адаамкалар иһэллэр!«– дэһэн уруйдуу көрсөллөр. Эһэм Адаам диэн ааттааҕын иһин, биһиги ыалы «Адаамнар» эбэтэр «Адаамкалар», өссө тупсаран, араспаанньабытыттан таһааран эбитэ дуу, «Баай Адаамкалар» диэн ааттыыллар. Эбэм дьүөгэлэрэ эмээхситтэри көрсөн кэпсэтэр. «Хайыы, хотукаа, кыыһыҥ бачча буола охсубут дуу», – уҥуоҕунан кып-кыра, төп-төгүрүк, мытырыйбыт сирэйдээх Татыына миигин