ТОП просматриваемых книг сайта:
Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова
Читать онлайн.Название Уһаабыт сааскы түүн
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4183-1
Автор произведения Раиса Сибирякова
Издательство Айар
Оскуолаҕа киириэм иннинээҕи саас. Хонуу кууран таһырдьа оонньотоллор. Биирдэ улахан бөлөх оҕолоро бэркэ астынан, мааспыт табыллан сырсыакалаһа оонньуу сырыттыбыт. Остуорастыыр Мааса, туохтан сылтаан эбитэ буолла, миигин саҥаран турда: «Оо, бу Баай Адаамка хаамаайы нууччаттан сиэнэ, дьэ, эмиэ дьэрэкэччийэн эрэр дии. Хотуой, туох ааттаах мэниктээн хааллыҥ, сарылыы-сарылыы сүүрэн адахаччыйан. Аны өһүргэнэн толлойдо дии, ити күлтэччи көрбүккүнэн миигин куттаары гынныҥ дуо?». Ону эбэм тастыҥ балта асчыт Илибиэтэ түбэһиэх истэн кэбиһэн эбэбэр кэпсээн биэрээхтээбит. Дьэ, эбэм оччону истэн баран, ол Маасаны кэлэн оҥочолооҕун оҥорбото дуо? Оҕолор, иитээччилэр, бэл, сэбиэдиссэй Анна Руфовна, бары баалларыгар детсакка кэлэн бэрт элбэҕи саҥаран-иҥэрэн уйманыктаммыта. Онтон быһыта-орута өйдөөн хаалбытым диэн маннык: «Сэрии-сут саҕана аҥаардас ийэҕитигэр түөрт оҕо буолан сутаан иэҕэйбиккитигэр, ол Баай Адаамкаҥ булда-аһа абыраабатаҕа дуо? Хааннаах басыыһы утары сэриигэ ол Баай Адаамкаҥ баар эрэ соҕотох уола баран умсубатаҕа дуо? Уонна баран, очоҕоһуҥ сонообутун уйбакка тотон өлөҥҥүн, бүтүн аймахтан бу биир куһаҕан оҕо баарыгар кылар хараххын ааллардаҕыҥ! Сэбиэскэй дьассаат тутаах үлэһитэ буолан бараҥҥын. Дьэ, аны ити курдук биирдэ эмит бэлэстэтэн көр эрэ, сэбиэккэ үҥсэн үлэҕиттэн үүрдэриэм. Биһиги эйиэхэ таах үөхтэрэн кэбиһэр дьон буолбатахпыт, ысынаайпыр Кыһыл Аармыйа кэргэнэбит….» – эҥин диэн. Өлөксөй снайпер эбитэ үһү, онон, бу «снайпер Кыһыл армеец кэргэнэбит» диэн тыллары эбэм дэҥҥэ, бэркэ ыксаатаҕына эрэ, баттанным-атаҕастанным дии санаатаҕына эбэтэр тугу эмит аахсаары гыннаҕына ыһыктара. Итинник суоһар тыллартан «сэбиэскэй детсад тутаах үлэһитэ», киһи эрэ буоллар, саллыбыта быһыылааҕа. Икки-хас хонукка «куһаҕаннарын харайтара сылдьаннар, оҕолорбут хобулааннар ыттыы үөхтэрэллэрэ итэҕэс», – дии-дии айаҕын иһигэр ботугураамахтаабыта. Ол эрээри, миигин эрэ буолбакка, атын да оҕолору мээнэ хоһулуура, саҥарара тохтообута. Сотору сайын буолан, бары тарҕаспыппыт, күһүнүгэр оскуола боруогун атыллаабытым. Ити 1968 сыллаахха этэ.
Оскуолаҕа ыарырҕаппакка үөрэммитим. Математикаҕа хара маҥнайгыттан үчүгэй этим. Онтон нуучча тылыгар син оҕо тэҥинэн барсан испитим. Детсакка «Бастыҥ хоһоон ааҕааччы» аатын ылбытым манна даҕаны туһалаабыта, кэнсиэр ахсын мин хоһоон ааҕарым. Ол кылаас биир солбуллубат нүөмэрэ этэ. Маҥнайгы кылааска сылдьан, тутуспутунан, Өктөөп күнүгэр «Элиэнньин эһээбит сиэннэрэбит» диэн «октябренок» буолбуппут, оттон үһүскэ үөрэнэ сылдьан, «киһи аймах улуу сирдьитин» төрөөбүт күнүгэр, саас муус устар 22 күнүгэр, пионерга киирэн, аалай кыһыл хаалтыһы бааммыппыт. «Саҥата үчүгэй, уҥуоҕунан улахан» диэн баһаатайбыт Прасковья Петровна миигин этэрээт хамандыыра оҥорон, стройу иилээн-саҕалаан, речевка