Скачать книгу

кэбиспитэ.

      Светланалаах Лариса бастакы кылаастан бииргэ үөрэнэн оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Уу тэстибэт дьүөгэлиилэр этэ. Арай кинилэри, этэргэ дылы, улахан олох аартыгар тахсыы, бэйэ туспа суолун солонор кэм-кэрдии кэлиитэ араартаабыта. Светлана үөрэҕэр өрүү үчүгэй буолан, ол кэмнээҕи сиэринэн совхоз үлэтигэр хабыллыбакка, тута үөрэххэ киирэ Дьокуускайдаабыта. Оттон Лариса төрөөбүт совхоһун туругурда, этин-үүтүн элбэтэ, уйгутун уһанса үлэлии хаалбыта. Оскуолаттан доҕордоспут табаарыс уоллааҕа. Онтун армияҕа атааран, Светата эмиэ үөрэххэ баран, бастаан чуҥкуйуох курдук гынан иһэн, олоҕун саҥа укулаатыгар үөрэнэригэр тиийбитэ. Биир да өрөбүлэ да, бырааһынньыга да суох ферма үлэтэ сөп оҥороро. Билигин санаатахха, сабыс-саҥа оскуоланы бүтэрбит, оччо улахана, күүһэ, кыаҕа суох көрүҥнээх нарын-намчы кыргыттар эмискэ үлэ да бөҕөҕө тиксэр эбиттэр ээ. Былаан, бырыһыан сырсыыта сэниэлэрин эһэрэ. Эдэр, син доруобай буоланнар тулуйдахтара. Үлэлиэхтээх икки сылын түмүктээн дьэ туохха эрэ үөрэммит, идэлэммит киһи диэн саныы сырыттаҕына, табаарыһа Виссарион армияттан кэлбитэ. Ахтыспыт эдэр дьон омуннаах соҕус көрсүһүүлэрэ ыал буолар туһунан быһаарыныыга аҕалбытын өйдөөбөккө да хаалбыттара. Икки өттүттэн дьонноро «үөрэммэккэ ыксаатыгыт» диэн мөҕүттэн-мөҕүттэн баран, хайыахтарай, кэскил тэринэр оҕолорун сиэр быһыытынан тэрийэр түбүккэ түспүттэрэ. Виссарион үрдүк үөрэх туһунан санаан да көрбөт этэ, оскуоланы бүтэрэригэр үөрэнэн ылбыт трактор ыытарга бырааптааҕын килиэбин хааччынар идэлээх курдук хата бэрт холкутук сананара. Онон тута үлэлээн барбыта. Лариса сотору ыарахан буолан хаалан үөрэнэр туһунан санаата эмиэ ыраас ыраҕа эрэ хаалбыта. Утуу-субуу икки оҕолонон баран хата улуус киинигэр продавец-кассир курса аһыллан, онно үөрэнэн син хамнастаах идэлэммитэ. Онон иккиэн идэлэринэн үлэлээн, дойдуларыгар олохсуйан олорорго санаммыт дьон быһыытынан, сүөһү-ас көрүнэн быр-бааччы олорон кэллилэр. Лариса үөрэҕин бүтэрэн баран өссө икки уолланан, түөрт оҕолоохтор. Икки улахан кыыс оскуоланы бүтэрэн устудьуоннаан үөрдэллэр, уолаттар эмиэ син улаатан оскуола үрдүкү кылаастарыгар үөрэнэллэр. Аҕалаах ийэлэригэр дьиэнэн, тэлгэһэнэн көмөлөөх дьон кинилэр.

      Светлана оҕо эрдэҕиттэн ыра санаа оҥостубут эмчитин идэтигэр үөрэххэ киирбитэ. Биллэн турар, киһи хараҕар быраҕыллар кэрэ сэбэрэлээх эдэр кыыс Сэргэлээх сэргэх олоҕун үөһүгэр буола түспүтэ. Бастакы икки-үс сылга үөрэх сылаалаах, сыраны ылар этэ гынан баран, күөгэйэр күннэригэр сылдьар эдэркээн дьон сынньалаҥы да сатаан тэринэллэрэ. Светлана урут таптал диэни билбэтэх уу туҥуй сүрэҕэ сэмээр ол дьикти, Кинилиин соһуччу көрсүһүүнү күүтэрэ. Аны кинини аҥаардастыы сөбүлээн эрэйдэнэр уол баара. Биир курска үөрэнэллэрэ. Света өттүттэн туох да иэйии суох курдуга. Биллэн турар, өрүү кини туһугар кыһалла, көмүскүү, харыстыы сылдьар киһилээҕэ саныахха үчүгэй этэ. Бэйэлэрэ ааттаналларынан, «соҕотох туруйа» буолан эрэр дьүөгэлэрэ ордугургууллара даҕаны. «Гриша курдук уолу буларыҥ биллибэт. Эҥкилэ суох идеалы күүтүмэ, кэргэн таҕыс», – дииллэрэ. Гриша да Света иннэ-кэннэ биллибэт

Скачать книгу