Аннотация

Арыгыга ылларан, олоҕун үтүө күннэрин халтайга ыыппыт, ол эрээри өрө биэрэн, күүстээх санааны ылынан көнөр суолга тахсыбыт Захар олоҕун кэпсээнэ, ис сүрэҕиттэн сүбэлиир амалыыр тыллара бу куһаҕан дьаллыктан арахсыан санаалаах дьоҥҥо туһалыа, ханан эрэ көнөр суолга тахсарга көмөлөһүө.

Аннотация

Кинигэҕэ Амма Алтаныгар олорор айылҕаттан анаммыт дьикти дьоҕурдаах Матрена Ивановна Григорьева-Чугдаара Хотун ураты дьылҕата, дьону-сэргэни хайдах эмтээн саҕалаабыта, аһыллыбыта кини истиҥ кэпсээнинэн, этитиилээх хоһооннорунан уонна суруммут бэлиэтээһиннэрин быһа тардыыларынан сырдатыллар. Бар дьонугар сырдыгынан сыдьаайар Чугдаара Хотун күннээҕи олохпутугар туһалаах сүбэлэрин билсиҥ, алгыстаах чуораанын аргыс оҥостуҥ.

Аннотация

Бу ураты сюжеттаах айымньытыгар суруйааччы Галина Нельбисова аҕас-балыстыылар дьылҕаларын, билиҥҥи тэтимнээх олохпут сиэр-майгы өттүгэр соһуччу туруорар уһуктаах боппуруостарын, тыгыалас кыһалҕаларын тэҥҥэ тутан, сэһэргиир. Бу икки – бэйэ-бэйэлэригэр дьүһүннүүн-бодолуун, майгылыын-сигилилиин майгыннаспат – бииргэ төрөөбүттэр олохторун суолугар араас уустуктары көрсөн, бу сиргэ кэлбит дьахтар дьолун билэргэ дьулуһаллар. Айымньыга дьылҕа бэлэҕэ – сырдык, ыраас, үйэлээх таптал таайыллыбат таабырына сэһэн ис хоһоонун биир тыынныыр бэлиэ түгэнинэн буолар. В повести – перипетия женских судеб, двух родных сестер. Каждая из них стремится создать свое женское счастье, встречая и решая проблемы, которые ставят реалии современной жизни, и испытания судьбы. В сюжет органично вплетена нить, повествующая о разных судьбах жителей социального приюта. Затрагивается и вечная тема светлого чувства – любви.

Аннотация

Үс эдьиийдии-балыстыылар үһүөн туһунан ыал буолан олороллор. Үһүөн бу орто дойдуга дьахтар киһиэхэ ананар дьолу билиэхтэрин баҕараллар. Ол эрээри, дьылҕа кимиэхэ тугу биэрэрин бэйэтэ билэргэ дылы. Кинилэр үөрэр-хомойор, ыллыыр-ытыыр да түгэннэригэр өрүү бииргэлэр.

Аннотация

Орто дойду олоҕун тыынныыр, киһи дьылөатыгар араастаан көстөн ааһар дьикти, нарын иэйии – таптал ардыгар муҥура суох дьоллуур, ардыгар олустук хомотон, ытатар-ыллатар, хаһан да умнуллубакка сүрэх түгэҕэр кистэнэн, кэрэҕэ сирдиир, угуйар сулус буолан тырымныыр. Журналист Галина Нельбисова кэпсээннэригэр таптал, тапталга бэриниилээх буолуу, күүтүллүбэтэх өттүттэн саҥа баар буолбут иэйиигэ ылларыы, таҥнарыы кэргэнниилэр сыһыаннарыгар үөскүүр араас уустук быһыы-майгы нөҥүө ойууланар.

Аннотация

Сэһэҥҥэ таптаспыт сүрэхтэр бэйэ-бэйэлэригэр курдаттыы тардыһыылара, дууһаларын аймалҕана ойууланар. Үгүс сыллары уҥуордаан сүтэрсибит сүрэхтэр сипсиэрдэригэр кубулуйбут таптал туһунан сэһэн эдэр-эмэн да ааҕааччыны умсугутуоҕа, олох кэрэтэ хаһан да бүппэтин өйдөтүөҕэ.

Аннотация

Социалистическай Үлэ Геройа, саха народнай суруйааччыта, биллиилээх общественнай деятель Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсар хомуурунньукка дириҥ социальнай ис хоһоонноох, умнуллубат уус-уран уобарастардаах кэпсээннэрэ киирдилэр.