Скачать книгу

ааттыыбын, доҕоруом,

      Таптыыр доҕорбун – Тапталинабын,

      Эн эрэ баар буолаҥҥын,

      Күндү таптыыр киһим,

      Сахабыт сирин халлаана

      Харахпар көҕөрөн көстөөхтүүр.

      Таптыыр киһилээх буоламмын,

      Олоҕум сырдыкка тардыһар,

      Эйигин сөбүлүү көрөммүн,

      Сыыспатах эбиппин, доҕоруом.

      Эйигин өрүү таптыыр Дмитрийиҥ.

      Ахсынньы 14 күнэ.

Тапталинабар

      Арылхай эйэҕэс хараххын

      Ахтабын, доҕоруом, куруутун.

      Эйигин көрдөрбүн, доҕоруом,

      Умнабын барытын сир үрдүгэр.

      Кэрэчээн куоласкын истээри,

      Кыракый оҕолуу үөрэбин,

      Эйигин көрсөммүн, доҕоруом,

      Дьоллоохпун дэнэбин өрүүтүн.

      Дмитрий.

      Тохсунньу 1 күнэ.

* * *

      Доҕорум, дорообо!

      Сэгэриэм, барытын олус үчүгэйдик өйдүүбүн. Эйиэхэ олус махтанабын. Эн баар буолаҥҥын, эйигин көрсөммүн, олус дьоллоохпун дэнэбин. Сэгэр, эн биһикки, били этэргэ дылы, таҥара анабылынан көрсүбүт дьоммут, онон дьылҕа хаан анала хайдаҕын бэйэтэ быһаарыа.

      Дмитрийиҥ. 16.03.

* * *

      Ахтар, саныыр доҕорбор, Иннабар, аныыбын.

Доҕорбор

      Доҕорбор, эйиэхэ, анааммын,

      Дорҕоонноох тыллары этэбин.

      Эн кэрэ мөссүөҥҥүн хоһуйан,

      Эйиэхэ тапталы билинэбин.

      Сүрэхтэн бу тыллар тахсаллар

      Долгуйар Дьокуускай куоракка,

      Эйигин санааммын, доҕоруом,

      Олус диэн долгуйдум мин бүгүн.

      Бааргар эйигин аахайбат курдукпун,

      Барбытыҥ кэнниттэн ахтабын эйигин.

      Эйигин аймыахпын баҕарбат эрээри,

      Дууһалыын, сүрэхтиин эйиэхэ эбиппин.

      Баҕардар, эйигин умнуом дуу дэнэбин,

      Онтукам букатын табыллыа суох курдук,

      Тапталы билбэтэх эрдэһин буоламмын,

      Эйиэхэ таптатан олус диэн долгуйдум.

      Доҕоруом, эйиэхэ сүрэхпин, дууһабын аныыбын,

      Эн биһи хайаан да бииргэ буолуохпут.

      Дьоллоох олоҕу олоруохпут

      Үйэлэр тухары, тапталыам.

      Муус устар 16 күнэ. Дмитрийиҥ.

* * *

      Тапталинабар аныыбын.

Таптал

      Таптал – бу саамай кэрэ иэйии,

      Тапталынан ким да оонньуо суохтаах,

      Таптал баар бу сир үрдүгэр

      Икки атаҕы киһи гыммыт.

      Таптал туһугар тахсаллар ырыалар, хоһооннор,

      Таптал туһугар киһи аймах айманар,

      Таптал, эн олус да күүстээххин,

      Таптал, эн олус да нарыҥҥын.

      Тапталы киһи кыайан кэпсээбэт,

      Таптаһар дьон иккиэн эрэ билэр сыһыаннара,

      Оо, таптал, эн олус да суоскун,

      Оо, таптал, эн олус да уйаҥҥын…

* * *

      Инночкам, привет!

      Улахан тапталга ылларбыппынан эҕэрдэлиэххин сөп. Олох иэдэйэн эрэбин. Эйигин эрэ саныыр

Скачать книгу