ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (3 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3601-1
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Баһылай тэптиргэтэ барыта «ураһалыы» туруоруу, арай, сир харатыгар, мас ириэнэҕэр бүкээх гынар. Туһахтарын элбэрээгэ даҕаны барыта төрдүлэрэ хайытыллан, имитиллэн баран тэптиргэҕэ бааллыбыттар, түөрэтин кыл гыннахха ночооттоох үһү, кырдьыга да оннук, туһах хатар да үлэттэн тахсар.
Баһылай биһикки үс туһаҕы эбии иитэн аны аҕыс туһахтанныбыт. Бэрэҕэ кэлиэхпитигэр диэри үнүр иитиллибит биэс туһаҕы көрдүбүт. Бастакы табысхааммытыгар эбии өссө иккини ыллыбыт, онон ордубут икки эрэ туһах кураанахтар. Үһүс куобахпыт кыра куобах, өссө онтукайыҥ, киһи дьиктиргиэх, дьыл баччатыгар диэри ситэ маҥхайбатах, көхсө бороҥ, өрөҕөтө эрэ кылбайбыт. Баһылай: «…Һатана иккис төрүөҕүн бүтэһигэ быһыылаах, аны-аныаха диэри бороҥ буола-буола… һэһэ…», – диир.
Дьэ ити курдук барыны-бары хото сэҥээрэн кэпсэтэ-ипсэтэ Арыылаахпыт Бэрэтигэр кэллибит. Ыллык күөл үрдүнээҕи өтөххө киирэн симэлийэн хаалла. Өтөх добуоччу киэҥ эбит, мин урут сылдьа илик сирим, онон барыта сонун. Дьон олохсуйа сылдьыбыт туоһута – балаҕан сэмнэҕэ да, күрүө элээмэтэ да баара көстүбэт. Өтөх саҕатыгар, үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө тарбачыһан дьулуһа сатаабыкка дылы, баараҕадыйбыт аарыма тииттэр үүнэн тураллар, силлэриттэн-боллоруттан түһэннэр чэгиэннэрэ сүрдээх быһыылаах. Мин хараҕым ордук биир бэлиэ тииккэ хатанна: хаһан эрэ өрдөөҕүтэ төбөтө тостубут дуу, туох дуу – ол да иһин буолуо, тиит төргүү мутуктарыттан саҕалаан үөһээ өргөстөрүгэр тиийэ, киһи эрэ сөҕүөн курдук модьураабыттар уонна элбэх баҕайы салаа буолан хойдубуттар ахан, «сайын, мутукчата сараччы баран кылыыланан тыллан турар кэмигэр, оо, кэрэ да көстүүлээх буолуо ээ…» дии саныыбын.
– Ээ, бэйи!.. Биһиги куобахтарбытын манна хаалларыахха буоллаҕа, тугун таһаҕас оҥостон сүгэ сылдьан, төннөн иһэн ылыахпыт… – диэн Баһылай табысхааннарын биир манааҕаҕа уган синньигэс титирик төргүү мутугар ыйаан, хаалларан кээстэ…
Өтөх турар сирэ күөл кырдалыгар холоотоххо намтал эбит. Арыылаахтан түһэр от үрэх уолбут, саас лаппа дириҥиир, сүүрүктэнэр үһү. От үрэх силээнин ааһа көтөөт да кырдалга тахсаҕын. Кырдал күөлү уҥа өттүнэн эргийэ барар, түөрэтэ хоп-хойуу отон уга, сылгылар тэпсэн сорох сирин хараардыбыттар. Үрдэл тыа өттө, түөрэн ылан лөглөччү олордуталаабыкка дылы,