ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (3 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3601-1
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Сурах-садьык хоту иһиттэххэ биһиги сэриилэрбит кимэн киирдэр-киирэн өстөөх арҕаҕар тиийэн эрэллэр үһү. Болумуочунай эрэ барыта: «Итэҕэйиҥ!.. Бэрт сотору, букатын сотору хайаан да кыайыы буолуоҕа, эһиги үлэни эрэ кытаатыҥ, отой кыра кэми тулуйуҥ!..» – дэһэллэр.
Бэҕэһээ иккилии сүүр балыгы үллэстибиппит таһынан собо баһаан ордубута. Өксөөн ол балыгын дьон аайы көлөһүн күнүн суотугар абаанса диэн түҥэтэн биэрбитэ. Арыылаах эбэ балыга – Мундулуҥда эбэ балыгын курдук кыралаах даҕаны, бөдөҥнөөх даҕаны. Хата эбэлэрбит барахсаттар соболоро, күөнэхтэрэ, мундулара эмистэринэн, амтаннаахтарынан, иҥэмтиэлээхтэринэн бар дьону абыраатылар. Күөл быйаҥа суоҕа, эбэтэр мөлтөҕө эбитэ буоллар – тугу сиэн-аһаан киһи буолуохпутун сатаан санаабаппын. Кыһалҕа кыһарыйдаҕына бары өттүнэн кыһарыйар диэччилэр: сорох киин улуустарга от да үүммэтэх, булт-ас да эстибит диэн сурахтар иһиллэллэр. Өксөөн Дьокуускай куорат таһынааҕы, өрүс уҥуордааҕы оройуоттар туһунан кэпсиирин истэн аһарбытым: «Ити сирдэргэ күөллэрэ аҕыйаҕа бэрт, ол иһин ордук иэдэйэллэр…» – диэн эрэрэ. Эргиччи санаан көрдөххө кырдьыга да оннук, хайа да тыынар тыыннаах, от-мас эмиэ барыта «уу тыыннаах». Кубарыччы хаппыт, чөҥөрө уолбут ахсааннаах күөллэрдэээх сиргэ-дойдуга туох ото үүнүөй, булда-алда тохтуой, төрөөн-ууһаан тэнийиэй. Этэргэ дылы «биир кыһалҕа кэнниттэн иккис кыһалҕа саппай уопсар». Хас да сыллаах, аһыыка аргыстаах улахан уот курааннарга, үрэҕэ суох, бүтэй иһит кэриэтэ оҥолох-чоҥолох алаас күөллэрэ уолан-уостан барбакка ханна барыахтарай.
Бүлүү эҥээр, ол иһигэр биһиги эргин нэһилиэктэр киһи мыыммат үгүс элбэх күөллэрдээхтэр, сорох ааттара ааттаммат эбэлэр бэл чуумпу күн уҥуоргу тыалара дьоҕойон кылдьыыланан эрэ көстөллөр, оттон тыаллаах-куустаах күн букатын да сүтэллэр. Аны бииртэн-биир күөл, көлүйэ хайаан да от үрэҕинэн ситимнэһэллэр. Хара маһыттан уулаах тыымпы да эбэлэр элбэхтэр. Онон сүөһү кыһыны кыстыыр ото баҕас оттоммутун курдук оттоно турара. Биллэн турар, эр дьон, үлэни кыайар өттө үксэ сэриигэ баран, ол