ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (3 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3601-1
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
– Ханнааҕы отуй? – эмээхсин ыйытар.
– Эбэ ото.
Огдооччуйа Өксөөн саҥатын истэн:
– Намыынаптаах киэннэрэ, – диэн хос быһааран биэрэр.
– «Эбии төлөбүрбүт» буоллаҕа?
– Оннук.
– Куйаас ото ини?
– Ээ бэрт, ардах эҥин баттаабатах ото, күп-күөх…
– Хаара суох буолан, бэрт кыра, дуона суох тиэл-лэр, – диир Тыккыр Маарыйа.
– Дьэ ол да аһара уһатыа суоҕа, сотору түһүө, – диир эмээхсин.
Дьиҥинэн хара сиргэ оҕуһунан от тиэйэр төһө да табыгаһа суоҕун иһин, Баһылайдаах, ылбыт эбии төлөбүрдэрэ дьиэбит анныгар чугас турар буолан, үллэччи соҕус тиэйэн таһаарбыттар.
– Кыра-кыралаан биһиги да тиэниэхпит буо, – Настааччыйа сэргэхсийэн эгэ-дьэгэ буолар.
Эбээ, икки сылы быһа Арыылааҕар быстахха да кэлэн барбатах киһи, күөлүн уутунан оргуйбут итии чэйин астына сыпсырыйан иһэ-иһэ:
– Хайа, тоом, Маарыйа, үлэҕэр күн солото суох сылдьаҕын дуу? – диэн оччугуй кыыһыттан ыйытар.
– Букатын… Уһун күнү быһа сугулаантан быкпат дьоммут.
– Буолумуна…
Күүстээх тыал сабыыта аһаҕас үөлэһинэн супту оборон, оһох аана эмискэ үлүгэр лабыгыраабытыгар соһуйа түстүбүт. Дьагдьайбыт киһилии иэрчэҕэр ибигирии турар чугуун хаппаҕы Биэрэ бэркэ дьиктиргээн кыҥастаһар, айаҕын иһигэр толору лэппиэскэ симтэн эбии улааппыт эттээх иэдэстэрин эргичиҥнэтэн, «туох буолла» диэбиттии, биһиги сирэйбитин-харахпытын көрөр.
– Ити, «чоочургуур» т-тыаһыыр… – диэн Баһыычаан кыра кыыһы эбии куттуур.
– Кэбис тоом, оҕоҕун куттаама, ити «чоочургуур» буолбатах, оһох хаппаҕын тыал оборон хамсатар, көрүүй Биэрэ, «чоочургуур» суох… – дии-дии Тыккыр Маарыйа чахчы «абааһы» суоҕун туоһулуу сатаан, тиийэн, оһох хаппаҕын тутааҕыттан тутан арыйан көрдөрөр.
Баһыычаан күлэн бычыгырыыр.
Өксөөннөөх эбээ кэпсэтэр кэмнэригэр Тыккыр миигиттэн сэмээр ыйытар:
– Аана төһө бэркэ сылдьаҕын, тугуҥ да ыалдьыбат, өлүөргүн дуо тоом?..
– Һуох, тугум да ыалдьыбат, этэҥҥэбин…
Маарыйа көрүстэр эрэ, тоҕо эбитэ буолла, наар: «Тугуҥ да ыалдьыбат дуо?» – диэн ыйытар үгэстээх. Миигин аһынан – баҕар, сээкэй ыалдьардааҕын кистиэ дии саныыр быһыылаах. Эбээ эмээхсин оччугуй кыыһа Тыккыр – ийэтин курдук бэрт үтүө, эйэҕэс-сайаҕас баҕайы майгылаах.
Мин чэйбин иһэн баран дьонум кэпсэтэллэрин истэн олордохпуна, Өксөөн өттүкпэр имнэнэр:
– Ыл, Аана, дьиэ уҥучаҕын көр эрэ.
Иһиттим-истибэтим диэбиттии ойон тиийэн уҥучах аанын тиэрбэһиттэн тардан арыйтым, арай, түгэххэ уонча куһу кытта икки хаас нанайа сыталлар.
– Хайыы, ким бултаата? – диэбиппэр дьонум бары миигин көрө түстүлэр.
Хаастары таһааран эргитэ сылдьан көрдүбүт, дьиэбит уҥучаҕа дириҥ буолан үктэлинэн түһэн ылан тахсаҕын, өҥөйөн туран уунан хайдах да тиийбэккин, арай быа баайдаххына эрэ.
– Бэҕэһээ киэһэ