Скачать книгу

идэһэтиттэн лыглыччы буһаран күөстээтэ: этин, өрөһөтүн, бүөрүн, быарын, быысаһын барытын булкуйда. Хаһан баҕарар идэһэ бастакы күөһэ үгүөрү буолар.

      Баһылай тыҥаны уонна таалы кэрчик-кэрчик сыа-сым курдук тутан бысталаан үчэһэҕэ үөлэр. Биһиги, уос-тиис тииһиниэх дьон, киниэхэ илии-атах буолабыт. Биэрэ итири, чоҕочону син сии сатаата, онтон тыҥаны уонна таалы сөбүлээбэтэ. Маҥнай үөлүллүбүт тыҥаны, онтон таалы: «Аал эрэ…» – диэн быһа ыстаан амтаһыйан, айаҕын ньамырҕатан көрөн баран, сэҥээрбэтэҕин уонна аһаан бүппүтүн биллэрэн сүүрэн тиийэн түүрүллүбүт таҥас үөһэ ыттан, «иһэ сиигирэн» топпут киһи быһыытынан бэйэтин дьаалатынан оонньоон барда.

      Ардыгар, таал тас субатын алдьаппакка эрэ сэрэнэн бүтэйдии ибили тутан убахтаан илдьиритэн баран, уһук өттүн хайытын иһигэр эт, сыа симэллэр, онтон хайыппыт сирдэрин сабынан баайан баран буһараллар, ол минньигэһэ сүрдээх.

      Идэһэлэммит ыал сураҕа кыра дэриэбинэҕэ сонно тута биллэр. Тастан хас да дьахтар киирэ сырыттылар, эбээ кинилэри кыра кыбыныылаах, илии тутуурдаах ыыталаата. Ити – идэһэлэммит эрэ ыал үтүө үгэһэ. Ол эрэн «амсайыыга» диэн бэрсии туох дуоннаах буолуой, дэлэҕэ да «сүүтүк саҕа сис үөһэ, сөмүйэ курдук хаан оҕото, ытыс кэриэтэ харын дуома» диэн өс номоҕо үөскүө дуо. Хаһан уонна ханна бэрсибиттэрин мыынсыбыт дьон ити курдук тылласпыттарын ким да билбэт.

      – Хата халлаан сылааһыгар тутуннубут, сүөһү сыата, үөрүгэ быһахха соччо сыстыбат буолан абыраата, барахсаныҥ син куҥнаах, таманнаах эбит ээ, хара мурун уойумуна, үтүрүм ынах буоллаҕай, итинтэн ордук буолуо дуо, бэрт-бэрт доҕор… – диэн Улахан Баһылай идэһэтин хайгыыр.

      Улахан тымныыга, кырдьык да, быһах биитэ ынах сүөһү сыатыгар сыста сылдьар, онтон тугун дьиктитэ эбитэ буолла – төһө да күскэччи уойбут сылгы сыата, хайдахтаах да түптэлэс тымныыга быһах тимиригэр сыстыбат. Ити – сылгы сыата, этэ – ынах сүөһү этиттэн уратылааҕыттан…

      – Оннук-оннук, оннооҕор «хара иһэ» сыа омоонноох, – диэн Настааччыйа харыстыы соҕус саҥаран, эгэ-дьэгэ буолар.

      – Быйыл сүөһүгэ өҥ сайын ааста ээ, холкуос да киэннэрэ куһаҕана суох этилэр, – Баһылай үнүрүүн сүөһү өлөрүүтүгэр сылдьан көрбүтүн-истибитин кэпсиир. – Быйыл от да оттонно, онон кэтэхтиин, уопсайдыын аны сааскы күөҕү этэҥҥэ көрсөр от баар.

      – Сэрии да сураҕа киһини сэргэхситэр… – Настаа санаата көнньүөрбүччэ, хас саҥаны барытын сэҥээрэн, сэргэх аҕайдык иилэ хабан ылан санаатын этэн иһэр. – Сүөһүлэр кыстыахтараа-а, бэйэбит бу дьылы этэҥҥэ, ыалдьыбакка-сүппэккэ эрэ туоруу сатыахха… Күөххэ тиийдэххэ онтон салгыы туох-ханнык буолара бэйэтэ көстөн иһиэ. Баҕар онуоха диэри, өссө оннооҕор да эрдэ, сэрии бүтэн дьоллонор күммүт үүнүөҕэ…

      – Оо, этимэ даҕаны – эн эппэтэҕиҥ, үөһээ үрдүк айыылар бэйэлэрэ эппит-тыыммыт буоллуннар… этэҥҥэ… – эбээ үгэһинэн кэм да айыыларын, таҥараларын ахтар, муннукка оҕотун көтөҕөн турбут Буҕараадыста Маарыйа онно эрэ оҥойон хаалбыт холоругун көрөн

Скачать книгу