Скачать книгу

сатарытта, онтон тоҕо эбитэ буолла, аттыгар турар Тартаайа харытын бобо тутан көрдө уонна туораттан көрүүгэ бэрт сатамньыта суохтук эт-этин бүтүннүүтүн дьигиһитэн ибигирии-ибигирии: «Ыы-кы-кы-кыы… ыы-кы-кы-кыы…» – диидии эмиэ күлэн саһыгыраата.

      Тартаайа итиччэ сылтах көстүбүтүн кэннэ ону дэлэҕэ да сыыска-буорга мүлчү түһэрэ сылдьыа баара дуо, кыыбаҕата баппакка бэйэтэ нэһиилэ сылдьар киһи.

      – Хайа, быраатым дьоҕойон тутуһан көрүөххүн баҕараҕын дуу… Убайгын кытары ээ-э… – дии-дии ытыһынан Чукчакыын эрэйдээҕи бэрт холустук сүнньүттэн ылан илгиэлээтэ.

      Чукчакыын күлэн ыртайа-ыртайа:

      – Ээ бэйи, бэйи… айаха-айаха… – эрэ диэмэхтиир.

      Тартаайа «үөһүгэр» киирдэ, «икки атахтаахха бүдүрүйбэтэх» Чукчакыыны охторон «аатын-суолун алдьатан» баран тэйэргэ сананна быһыылаах – уол эрэйдээҕи атахтаан да көрдө, бэрт холустук илиилэриттэн эр-биир ылан уҥа-хаҥас да садьыйталыы сатаата эрээри – Чукчакыын өчөһөн дьирэччи тэппитэ соҕотох.

      Чөөдүү Миитэрэй, Тартаайа «куһаҕан уолтан» үтүөнэн арахсыа суох чинчилэммитин көрөн:

      – Нохоо!.. Тартаайа, бадьыыстаама… Туох гынаары тыытаҕыный… Бүт-бүт, тохтоо, – диэн буойан көрдө.

      Суох, Тартаайа киһи үтүө саҥатын истэ сылдьыа, кытаат диэбиккэ дылы өссө эбии өрө баран, санаата эрэ барыта хайдах эмит гынан Чукчакыыны охторбут киһи диэн буолла. Чахчы сыратын-сылбатын биэрэн туран тустан, икки илиитинэн «куһаҕан уолу» окумалларыттан бобо тута сылдьан бэрбээкэйгэ тэбиэлээтэ. Сиһиттэн өрө көтөҕөн ыла сатаата да кыайбата. «Кэбирэх сирэ ханнаный, хайдах киирэн киһи охторуой» диэбиттии, сүөһү атыылаһар киһилии, тула эргийэн көрүү-истии бөҕөтө буолла. Эмиэ туох да харса суох саба түһэн уҥа-хаҥас илгиэлии, тардыалыы сатаата да син биир туһа тахсыбата.

      Саатар Тартаайа эбии кыһыйыах быатыгар, Чукчакыын сордоох наар саҥара үөрэммит үгэһинэн:

      – Кэһэй, кэһэй, кэһэйдэ!.. – диэн онто да суох абара-сатара сылдьар киһиргэс уолу эбии кыынньаан, кыыртаан биэрдэ.

      Тартаайаны хапсаҕайдаһан тустууга, кырдьыга, кытаанах, сүһүөхтээх уол диэн кэпсииллэр. Ыһыахтарга тустан элбэхтик мүһэ ылбыта үһү. Бэйэтэ хараҕынан харалҕан буолан сэриигэ барбатах. Чахчыта да көрөрүнэн букатын мөлтөх быһыылаах, ол эрэн дьон кинини оннук айылаах, сыыллан, чыыскаланан хаалыах айылаах мөлтөх харахтаах буолбатах, кинитээҕэр балай, алаа, кылар харахтаахтар бартара дэһэллэр. Тартаайа хараҕа «көрөр-истэр» хамыыһыйаҕа тиийдэҕинэ «букатын сабыллар» үһү. Эҥин араас ханна барыай, элбэххэ туох суоҕа баарай: «Тартаайа – сайын күөл билиитигэр хайа дьахтар тыынан устан талбаардарын, былаатын өҥүнэн арааран, дьиэтин тэлгэһэтигэр туран, эндэппэккэ билээччи…» – диэн эр дьон күлсэн кэпсэтээччилэр. Кырдьык эрэ, сымыйа эрэ. Омун да буолуон сөп…

      …Тартаайа биир түгэҥҥэ уол эрэйдээҕи атаҕыттан ылан өрө баһан таһаараары гыммытыгар, анарааҥҥыта эмискэ эт-этэ бүтүннүү күүрэргэ дылы гынна да, хаҥас атаҕыттан көтөҕө сатыы сылдьар киһини

Скачать книгу