Скачать книгу

онтон бэркэ диэн үөрэн көнньүөрдэ:

      – Һэ, кэһэйдиҥ ини, тары хаһыспат буол!.. – арааһата аһын сиэппит быһыылаах, эмиэ да абаран, эмиэ да «иэстээх» ытын холлоох соҕустук табан астына туттан саҥа аллайар.

      – Ити хайаларын ытай? – диэн Борускуоттан ыйытабын.

      – Куртайаах Лааһар ыта, кини кэннэ күөрт ыт Болтуоларга эрэ баар, – Бороскуобуйа, Айдаҥ төрүт олохтооҕо киһи туох да саарбаҕа суох тута хоруйдуур.

      – Тарын сиэппит эбит дии, – сэмээр сибигинэйэбин.

      – Сиэттэ эрэ сиэппэтэ… – дьүөгэм тоһоҕо күрүө ортоку сиэрдийэтигэр тайанан, сэҥийэтин үөһээ сиэрдийэҕэ ууран туран соччо сэҥээрбэтэхтии Тартаайа диэки көрөн ылар… – Итинтиҥ былахытын да сиэттэҕинэ ыты өлөрдөҕүнэ көҥүл киһи… – Борускуо аны Тартаайа саҥабын истиэ диэн тылын түмүгүн оргууй ботугуруур, тоҕо эрэ, күлэн ылар.

      – Бүгүн мунньахтыыгыт дуу? – баарыын сарсыарда Өксөөн киирэ сылдьан «киэһэ оҕолор мунньахтыыллар үһү» диэбитэ.

      – Мунньахтаан… Тыккыр «кэритэр» оҕолоругар эппитэ. Эн, хата, кэлээриий, сээкэй сонуну истэ, билэ-көрө, сэргэхсийэ таарыйа. Киэһэ сололоох инигин?..

      – Ол мин, хомсомуола суох киһи, эһиги мунньаххытыгар сылдьарым сөп үһү дуо.

      – Ээс, хайдах сылдьыаҥ суоҕай, ыччаттар уопсай мунньахтара буоллаҕа дии. Эн толору сааһыҥ билигин хаскыный?..

      – Мин…

      – Эн…

      – Уон түөрдүм…

      – Оччоҕо эйигин, мэктиэ суруйтардаххына, өссө, хомсомуолга ылыахтарын сөп эбит дии.

      – Миигин дуо?!. – хомсомуолга туох эрэ ураты оҕолору, дьону эрэ талан, сыымайдаан ылалларын курдук саныырым. Түөстэрин уҥа өттүгэр, тэтэркэй былаах ортотугар, үрүҥ ии иһигэр кыһыл сулустаах учунучуоҕу иилиммит, бэрт сэргэх сирэйдээх-харахтаах (тоҕо эрэ бары оннук көстөллөрө) хомсомуол оҕолору туох эрэ курдук ордугургуу көрөрүм, биир дьиэ кэргэн курдук бөрөспүтүнэн сылдьар ыччаттарга ханыы буолуохпун баҕарарым, ымсыыра саныырым.

      – Эйигин… Эн хомсомуолга киирэр сааһыҥ да сөп буолбут уонна сайын от үлэтигэр улахан дьонтон хаалсыбакка тэҥҥэ үлэлээбит үһүгүн дии. Хомсомуол сэкирэтээригэр нэһилиэк оҕолорун испииһэгэ барыта баар. Ким ханна, хайдах үлэлээбитэ-хамсаабыта түөрэтэ биллэр. Удаарынньык киһини эйигин хомсомуолга ылбатахтарына кими хомсомуолга ылыахтарай, хотууй, бастыҥ киһини… – диэн Борускуобуйа элбэх саҥалаах муҥутаан биирдэ кутан-симэн кэбиһэр, үгэһинэн күлэн лаһыгыратан маҥан тииһэ кэчигириир.

      – Ким билэр… бастыҥ да буолбатарбын… – дьүөгэм саҥатыттан симиттэн ылабын.

      – «Ким билэр» буолбатах, эйигин тута ылыахтара, көрөөр да истээр, – Борускуо эрэмньилээх аҕайдык быһаара охсон кэбиһэр.

      Онно-манна ыаллар балаҕаннарын, хотоннорун тирии бүрүөһүннээх халҕаннара аһыллан-сабыллан либиргиирэ иһиллэр. Тото аһаабыт сүөһүлэр уулаары тиэтэйэ-саарайа соруктаах аҕайдык ойбонноругар хаамсан дьалкыҥнаһаллар. Маҥан Халдьаайы сүөһүлэрэ

Скачать книгу