Скачать книгу

бэйэ-бэйэлэрин солбуһан аастар-ааһан иһэллэр.

      Кыра Баһылай Хабырыылыныын сирдэригэр бартара уонча хонно. Айдаҥ дэриэбинэтин олоҕо кэм-кэрдии күөнүгэр бэйэтин дьаалатынан ээр-сэмээр устар. Нэһилиэк аайы күрэх муҥхата сиэтэн ас өттүнэн татымсыйыы кэм ама сураҕа иһиллэр. Мантан антах кыскыардаах кырыа кыһын күүһүн-уоҕун ылан кэллэр-кэлэн истэҕин аайы туох-ханнык олох буолуо өссө биллибэт. «Үөннээн-курдьаҕалаан» сиир дьоҥҥо сайын барахсан уйгута-быйаҥа дэлэй буоллаҕа, онтон кыс хаар ортото тугуҥ кэлиэй. Бултаан-алтаан аһатар эр дьонноро түөрэ сэриигэ ыҥырыллыбыт аҥаардас кыаммат дьахталлар, оҕолор иэдэйэллэр. Ол эрэн эрэй, кыһалҕа туохха-туохха үөрэппэтэҕэ баарай, сатаабаты да сататар буоллаҕа, күһүн хаар чарааһыгар, дьоҕойон, төрүөҕэ тахсыбыт табысхааҥҥа туһахтаммыта эҥин буолан дуомнаналлар, балыксыт дьоҥҥо илии-атах буолан көмөлөһөн: лыыбаҕа, хохтуга, барчаҕа уос-тиис тииһинэллэр.

      Айдаҥ дэриэбинэтэ хайа да ыаллыы сытар нэһилиэк холкуостарынааҕар ордук өҥнөрө. Ол – дьонун сырдык тыыннарын туһугар, сэмэҕэ-буруйга да тардылларын кэрэйбэт хорсун санаалаах бэрэссэдээтэл холкуоһу салайарыттан. Оннук бэрэссэдээтэлинэн дьон ааттыырынан «биһиги Өксөөммүт» буолар. Өксөөн, бэл эр киһи күүһэ-күдэҕэ өһүллэр холкуоһун ыар үлэтин, түүнүн-күнүһүн утуйар уутун умнан да туран үлэлээн букунайар. Ол сылдьарын тухары «эһинним-быһынным» диэн биир муҥатыйар тылы ыһыктан суҥхарбытын киһи истибэт. Кини өрүү, ыксаан-ыгылыйан барбат холку майгылаах, бэрт мөкү да быһыыны сиэллээн-кутуруктаан, сиилээн-сэмэлээн барбат үтүө өйдөөх дьахтар. Хата ол оннугар дьон сиэри таһынан түктэри кэмэлдьититтэн, аһара баран быртах быһыытыттан хомойбуту, самныбыты араастаан эридьиэстээн, дьиибэлээн-дьээбэлээн таһааран тустааҕы күллэрэн уоскутар, сэргэхситэр үгэстээх. Өксөөнү кытта бииргэ сылдьан үлэлиир киһи бэйэтин улахан дурдалаах-хаххалаах курдук сананыан сананар. Наар, мэлдьи: «Өксөөнтөн ыйытыҥ… Өксөөн билиэ… Өксөөн туох диирин истиэххэйиҥ…», – диэн буолан иһэр. Өксөөн ылыммыт, ылсыбыт күүстээх санаатын ыһыктыбатын дьон эрэ барыта сөҕөр-махтайар. Туохтааҕар да ордук, кини киһилии эйэҕэс майгыта, кыһалҕалаахха, кыпчыттарбыкка, атаҕастаммыкка ураты уйаҕас сүрэҕэ дьону тардар.

      Мин, Арҕаа Кыргыдай, «Социализм суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Борокуоппай Алампадьыыстап киһилии сиэрин сүтэрбит кэмэлдьитин, майгытын санаан аһардахпына өрүү салла саныыбын. Сир ийэ барахсан хайдах итинник сидьиҥ дьону уйарын сатаан санаабаппын…

      Күһүн, бастакы кырпай хаар түһүүтэ, добдурҕа саҕана, Арҕаа Кыргыдайтан Айдаҥҥа, Өлөксүөйэп Дьэмийээн Саабыс (Саҥсайаан) диэн салҕа ыарыы буулаабыт саас ортолоох киһи кэлэн хас да хоммута…

      Саҥсайаан биир күн Уйбаныап Дьэримиэйдээххэ, күнүс, кураҥхарбыт сордоох, буспут мундуну дэлби сиэн-сиэн баран, тахсан ыалларын тиэргэнин аанын үөһээ сүрдьүгэһигэр, ырбаахытын алын бүүрүгүн хайа тардан ылан моҥнон өлбүт этэ… Табысхаан эмээхсин чабычахха балык уҥуоҕун кутан, ытын ыҥыра-ыҥыра дьиэтиттэн тахсыбыта, арай, утары күрүө баҕанатыгар өйөнөн, сибилигин аһаан, эбиитин

Скачать книгу