Скачать книгу

түсүһэр, иккиттэн биирбит диэн синнэригэр түспүт оҕустар, кырдьыга да, киһи болҕомтотун тардыахтарын тардаллар.

      Биир түгэҥҥэ бэрт куһаҕан тыас «хачыгыр» гынаатын кытта, күөн көрсөөччүлэртэн хайаларын эрэ муоһа тостон тоһугур гына түһэр.

      – Көйүүй, эбээ… көйүүй муоһа улунна… – диэн Биэрэ былдьыры саҥата чачыгырыыр, ынах этэрбэһин сыыһа сыыбырҕаан, убайын ыксатыгар хааман тиийэн өссө чугастан булгу барбыт муостаах оҕуһу сыныйан одуулаһар. Тириитэ «туллубут» Тэһэкэ туох да буолбатах, бэйэбит Ураанньыбыт «муоһун тоһуттарбыт» эбит.

      – Хайа нохоо, оҕуспут хоттордо буолбаат, тууйсиэ!.. – Кыра Баһылай остуол диэки мутук үүтүн курдугунан көрөн олорон, саҥа аллайар.

      Бэргэһэ иһэ сирийэ олорбут Огдооччуйа:

      – Оҕускун эмиэ алдьаттыҥ дии, Баһылай аны оҥорон биэриэ суоҕа, – диир.

      Баһылай чочуйан оҥорбут талах оҕустара, ынахтара, сылгылара олус тупсаҕайдар, уус ахан киһи кичэйэн кыспыта-кыладыйбыта дэлэ буолуо дуо. Өссө силигин ситэрэн атын сыарҕата олгуобуйалаах, дугалаах, хомууттаах; оҕуһун киэнэ бурҕалдьылаах, букатын дьиҥнээх курдуктар, атына диэн кыралар эрэ. Уол көлөлөрүн көлүйэн от да тиэйэр, саһаан да таһар. Атын, оҕуһун сэбин-сэбиргэлин: «Бу олгуобуйата, бу буоһата, бу чэчиэккэтэ, бу кутурҕана, сис быата, көнтөһө…» – диэн барытын аахтара билэр. Баһыычааҥҥа көлө тээбиринин, быатын-туһаҕын ыллара соруйаллар, оччоҕо уол ыалларыттан, эбэтэр ампаартан, эргэ хотонтон, сүүрэн мэтэһийэн тиийэн, аатын ааттаан аҕал диэбит көлөлөрүн сээкэйин, эндэппэккэ билэр буолан, сонно аҕала охсор. Онон Баһыычаан кыра эрдэҕиттэн убайдара оҥорбут тупсаҕай оонньуурдарынан оонньуу үөрэммитэ, билбитэ-көрбүтэ сүрдээҕин туһалыыр. Сорох ыал оҕолоро бэл үүн, тэһиин, буоһа да диэни арааран билбэттэр.

      – Чэ, туох буолуой, ити айылаах халыан харсыһыы муос эрэ булгу барыытынан түмүктэммит буоллаҕына өссө кэм ама дии, – Кыра Баһылай, Баһыычаан таптыыр оҕуһа Ураанньы муоһа тостубутун самыы тута сатыы олорорун көрөн аһынан саҥарар. – Санаарҕаама, сарсын саҥа Ураанньыны оҥоруохпут, ити муос самыы да тутуллан хаһан оннугар үүнэн хаалыаҕай, хата, ити оҕускун идэһэ гын, – диир.

      Баһыычаан саҥа оҕус оҥоһуллар сураҕын истэн сэргэхсийэ түһэр, ол да буоллар өр кэмҥэ «миинэр миҥэ, көлүнэр көлө» гына сылдьыбыт оҕуһун аһынар быһыылаах, ис-иһиттэн өрө тыынан ылар:

      – Ээ, һуох… Ураанньыбын идэһэ гыммаппын, аҥаар да муостаах сырыттын, ки-кини өссө соҕотох да буоллар муостаах, оннооҕор Мултуукуйа биир да муоһа һуох хомуолай дии…

      – Оо, Баһыычаан сонун оҕустанар киһи буолла буолбат дуо, абыраммыт да оҕо, кини буолбут киһи баар ини… – түммүт сабын төрдүн кыптыыйынан кырыйа-кырыйа Настааччыйа саҥа оҕустаныахтаах уолга ымсыырар.

      Огдооччуйа:

      – Мин да Баһылай курдук убайдаах буолбатахпын ээ, – диир, күлэр.

      Кыра Баһылай табахтаан бүтэн, хаста көхсүн этитэн баран, долбууртан чааскы ылан оһоххо кэлэн чэй куттар.

      – Күөскүн «далбаатаан» биэр

Скачать книгу