ТОП просматриваемых книг сайта:
Өлбөт үөстэниэҕиҥ. Иннокентий Колосов
Читать онлайн.Название Өлбөт үөстэниэҕиҥ
Год выпуска 2022
isbn 978-5-7696-6610-0
Автор произведения Иннокентий Колосов
Издательство Айар
– Алексей Елисеевич! Эйигин саха норуота, ол иһигэр биһиги – бастаанньыстар – улаханнык ытыктыыбыт. Эн курдук биллэр-көстөр, ытык киһи биһиэхэ быһаччы кыттыһан, норуоккар биһиги туспутунан, биһиги охсуһар охсуһуубут суолтатын сырдатан пропаганда-агитация ыытарыҥ буоллар улахан өҥөнү-көмөнү оҥоруоҥ этэ. Ону туох дии саныыгын?!
Кулаковскай бу эриирдээх ыйытыкка туруору хоруйу биэрэртэн туттунна. Киһитэ өһүргэнэн-кыыһыран турдаҕына, туох да үчүгэй тахсыа суоҕа өйдөнөр буоллаҕа:
– Дьэ, доҕоор, этиэххин эттэҕиҥ… Эйигин толору өйдүөххэ сөп. Бар дьонуҥ туһугар, бэйэҥ дьылҕаҕын толук уураргын да кэрэйбэт быһаарыныыны ылыммыт киһи көмөнү, өйөбүлү эрэйэриҥ сөптөөх суол. Мин эһиги хорсун-хоодуот быһыыгытын, бар дьоҥҥутун быыһыыр-босхолуур үтүө санааҕытын өйдүүбүн! Эһигини өйдүөххэ сөп, ол гынан баран: «Биһигини омуктар – Дьоппуон, Эмиэрикэ – өйүүллэр, көмөлөһүөх буолаллар», – диигин дии. Ол аата, Арассыыйаттан атырдьах салаатын курдук арахсарга тиийэбит. Дьиҥинэн, омуктарга биһиги күндү түүлээхпит, уонна, кыахпытын ыллахтарына, сирбит баайа эрэ наада. Уонна – суох. Ол биһиги тымныыбытыгар, эргиччи кыһалҕалаах олохпутугар наадыйыахтара дуо? Кинилэргэ барыс, кими эрэ хабалаҕа ылан үйэ тухары ыан ыла олорор ынах курдук оҥостуу эрэ наада. Хапытаал баһылаабыт дойдулара буоллаҕа.
Ханнык эрэ улуу омугу кытта үүт турааннык, этэҥҥэ олорорго ол омук өйүн-санаатын, ааспыт устуоруйатын, бүгүҥҥү олоҕун-дьаһаҕын, үөрүүтүн-кыһалҕатын, бэйэтин иһигэр баар араас араҥаларын бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын үчүгэйдик билиэххэ наада.
Биһиги, сахалар, үс сүүсчэкэ сыл устата аан дойду биир улахан, кыахтаах омугун – нууччаны – кытта куһаҕаммытын-үчүгэйбитин барытын бэркэ диэн билэн-билсэн кэллибит. Бу, дьиҥэр, улахан кылаат. Нууччалары биһиги, саха дьоно, бэркэ биллибит. Кинилэри кытта сыһыаҥҥа сыыстарыыны таһаарбат кыахтаахпыт. Оттон ити этэр эмиэрикэлэргин уонна дьоппуоннаргын төһө билэбитий? Олох – суох!
Дьоппуоннары үйэ аҥаарын анараа өттүгэр нууччалар эрэ буолбакка, бэл, Дьобуруопа уонна Эмиэрикэ омуктара билбэт этилэр. Дьоппуоннар, ол курдук, тас ааннарын «лип» курдук хатанан-саптынан олорбуттарын билэҕит. Дьоппуоннар сүрдээх хабыр, аһыныгаһа суох майгыннаахтарын бэйэлэригэр чугас уруулуу кэриэй уонна маньчжур омуктарга кыыллыы сыһыаннарынан көрдөрбүттэрэ. Ону үчүгэйдик билэҕин.
Ити омуктары кытта биһиги хаһан да алтыспатахпыт, майгыларын-сигилилэрин уонна атыттарга сыһыаннарын билбэппит. Дьоппуон, кытай, эмиэрикэ биһигини илиилэригэр ыллахтарына, улаханнык сээн диэбэттэрэ уонна мааны оҕо оҥостон тараҥнаппаттара буолуо оҥоробун. Уонна ол санаабын урут