Скачать книгу

үөрбүттэрэ эбитэ буолуо. Муоранан устуохпут дии санаатахтара. Ити люгу, эн буойун, таах да саптыҥ ээ.

      – Тоҕо?

      – Тоҕо диэтэххэ, мин эйигин кытта айаннаан иһэбин. Соҕотоҕун айаннаан иһэриҥ буоллар, эйиэхэ ким да тугу да диэ суох этэ.

      – Өйдөөбөтүм.

      – БТР-га граната кэлэн түстэҕинэ, өйдүөҥ. Куйаҕы таах дьөлө сиэ даҕаны иһирдьэ эстиэҕэ. Оттон биһигини илдьи тэбэн кэбиһиэҕэ, тоҕо диэтэххэ, сабыылаах сиргэ ыгыллыы ынырыга буолар. Эн, буойун, физиканы хаһан эрэ үөрэппитиҥ дуо? Эбэтэр оскуола туалетыгар бэйэҕин бэйэҥ астыннарар этиҥ дуу? Бэйи эрэ, Костя, мин манна олоруум. Чэ, чэ эмэһэҕин сыҕарыт. Оттон эн, буойун, люгу арый. Тоҕо миигин көрөн баран олороҕун?

* * *

      Кырдьыгынан эттэхпинэ, кинини мин тоҕо даа итирик гына уруһуйдаабытым буолла. Тоҕо диэтэххэ, баҕар, ол кэмҥэ тугу да уруһуйдуурум суоҕуттан буолуо. Александр Степановичка баары барытын кумааҕыга уруһуйдаабытым. Туох баар атах таҥаһын, иһити, бытыылканы, кинигэни, акаары баҕайы статуэткалары. Кини тугу иннибэр уурарын, барытын. Онон, уруһуйдуохха айылаах туох да хаалбатаҕа. Уонна таах олорор чуҥкук баҕайы этэ. Тоҕо диэтэххэ, кини итирэн утуйан хаалбыта, онтон мин утары олорорум уонна хайдах тахсан барыахпын билбэтэҕим, мин барбытым кэнниттэн ааны хатыыр киһи суоҕа.

      Арай биирдэ, дьиэбэр кэлбитим, хоспор ханнык эрэ киһи баара, биллэн турар, мин кыратык ытырыктаппытым. Онтон Эдуард Михайлович бу Александр Степанович уола диэбитэ, ол быыһыгар ити киһини мин ыҥырбыппар дылы дьиибэ баҕайытык көрүтэлиирэ. Хоско киирээт, ол киһи мин уруһуйбун тутан турарын көрбүтүм, бэйэм да акаарыбар онтубун остуолбар хаалларан кэбиспитим. Эдуард Михайлович булан иһэ бустун дии санаабытым. Кинини кыынньыырбын сөбүлүүр этим. Оттон билигин ол киһи иннигэр хайдах да буолуохпун билбэккэ турбутум. Тоҕо диэтэххэ, аҕата итинник дьүһүн-бодо буолан утуйан нарайан олорорун уруһуйдууру ким сөбүлүөй? Биир тылынан эттэххэ – итирэн утуйан хаалбытын уонна, уопсайынан, дьиэтигэр итинник буоларын ойуулуур сүрэ бэрт дии.

      Ол эрээри кини аатым Борис Александрович диэбитэ уонна миигин кытта көннөрү кэпсэтээри кэллим диэбитэ. Биһиги остуол таһыгар олорбуппут уонна аргыый кэпсэтэн барбыппыт. Ол тухары кини уруһуйу тутан олорбута. Оттон бэйэтэ Александр Степанович туһунан ыйыталаспыта. Киниэхэ мин аадырыспын үөрэх сэбиэдиссэйэ биэрбитин эппитэ, тоҕо диэтэххэ, кини миигинниин сирэй көрсүөн баҕарбыт эбит. Аҕатын туһунан уонна да атыны арааһы кэпсэтээри. Оттон мин көрүүбэр барыта кэминэн курдук диэбитим, ол эрээри – кинини алы гына сатаан, холобур: «Александр Степанович төрүт испэт», – диир кыаҕым суоҕа. Уруһуйбун тутан олордоҕо дии. Кини төһө элбэҕи уонна күн аайы иһэр дуо диэн ыйыппыта. Мин куруутун иһэр диэбитим. Быһа холоон икки-үс бытыылканы, сороҕор элбэҕи да иһэр диэн кэпсээбитим. Санаата-оноото хайдаҕыттан. Онуоха кини мунчаарбыта. Оттон мин киниэхэ эппитим, санаарҕаама, тоҕо диэтэххэ, Александр Степанович – маладьыас. Кини миэхэ араас интэриэһийэни кэпсиир диэбитим. Онно кини тоҕо эрэ өссө ордук сүөм түспүтэ.

Скачать книгу