ТОП просматриваемых книг сайта:
Утатыы. Андрей Геласимов
Читать онлайн.Название Утатыы
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6090-0
Автор произведения Андрей Геласимов
Издательство Айар
Ол да буоллар мин дьиэбэр син биир хойут кэлбитим, ийэм ол да иһин мөхпүтүнэн барбыта. Онтон мин кинини көрө-көрө хайдах да быһаарар кыаҕым суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, суумкабар били кинигэ баара. Ол кинигэни хайаан ийэбэр көрдөрүөхпүнүй! Онно баар уруһуйдары кини, биллэн турар, сөбүлээбэтэ чахчы.
Оттон Эдуард Михайлович сөбүлээбитэ. Эбэтэр сөбүлээбэтэҕэ дуу. Ону мин билбэппин. Ол эрээри киниэхэ интэриэһинэй этэ. Кини хоско киирээт, кинигэни остуолтан сулбу тардан ылан арыйталаабытынан барбыта. Сирэйэ хайдах эрэ буолан хаалбыта… Дьикти баҕайы. Онтон бэйэтэ этэр: эн тоҕо ийэҕин эрэйдиигин? Уруһуйданар аҕай, наһаа кыһаллар саҥа аҕа үһү. Кинигэни арыйталыыр уонна этэр: эн кэлэргин кэтэһэн өйүттэн тахса сыста дии. Милииссэйэҕэ эрийээри гыммыта. Бу туох кинигэтэй? Мин этэбин: оттон эн көрө тураҕын дии. Таһын көр. Онно барыта суруллубут. Кини этэр: Гойя, Капричос. Кини тугуй, худуоһунньук дуо? Мин этэбин: ону мин билбэппин. Миэхэ ити кинигэни дириэктэр биэрбитэ. Онуоха кини этэр: дьэ, сирэй-харах бөҕө дии. Эн, аны ийэҕин эрэйдээн бүт.
Мин кинини көрөбүн уонна саныыбын: хата бэйэҥ дьүһүҥҥүн көрөрүҥ буоллар. Эн суоҕуҥ буоллар, мин ити дьахталлары, баҕар, адьас атыннык уруһуйдуом этэ. Итинник мөкүтүк буолбатах.
Тоҕо диэтэххэ, кинилэр, кырдьык, миэхэ наһаа мөкү быһыыланан-таһааланан тахсаллар этэ. Ол эрээри мин уруһуйдуурбун сөбүлүүрүм. Олороҕун, уруһуйдуугун – оччоҕо хайдах эрэ чэпчиигин.
Оттон Эдуард Михайлович ол кэмҥэ миигин адьас сөп оҥорбута. Мин оннооҕор киниттэн сылтаан аармыйаттан куотумматаҕым. Дьиҥэр, куотунуохтаах этим. Ол эрээри кини оччолорго миигин чахчы сордообута.
Мин хоспор киирэн олорооччу уонна кэпсэтээччи. Биир рота курсаннара эрдэхтэринэ мин аҕам хайдах курдук акаарытын өрүү кэпсээн тахсааччы. Уонна ийэм акаарытыгар киниэхэ кэргэн тахсыбытын ырытааччы. Тоҕо диэтэххэ, оҕо үөскээбитин да кэннэ аҕам киниттэн куота сылдьыбыт, өссө түннүгүн анныгар атын кыргыттары кытары уураспыт-сылласпыт үһү. Мин төрөөбүтүм да кэнниттэн, кини куруутун ханна эрэ сүтэн хаалыталыыр эбит. Биирдэ ийэм кинилэр роталарыгар тиийэн, миигин тугунан да аһатарым суох диэбит. Мин оччолорго икки саастаах үһүбүн. Оттон аҕам ханна сылдьара биллибэт. Онуоха кинилэр ону-маны булан миигин, аччык оҕону, аһаппыттар. Онтон аҕабын хараҥаҕа имитэ түһэн биэрбиттэр. Чопчута оннук гыныахтарын баҕарбыттар, ол эрээри ол кэмҥэ аҕам номнуо рота хамандыыра эбит, кини эппит – чэ, кытаатыҥ. Онон тохтоон хаалбыттар. Чэ, биир тылынан – кини наһаа куһаҕан үһү.
Оттон Эдуард Михайлович үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ, кини ийэбин иэдээҥҥэ бырахпатах. Соҕотох хаалбытын кэннэ өйөөбүт уонна көмөлөһөргө мэлдьи бэлэм. Бэл, кини номнуо маннык туох да туһата суох уоллааҕын да иһин.
Ону таһынан Эдуард Михайлович наһаа өйдөөх. Тоҕо диэтэххэ, кини ким хайа иннинэ бу уларыта тутуу туохха тириэрдэрин, Горбачев диэн кимин,