Скачать книгу

Биһигиттэн кинини төрүт ким да көрө илигэ. Училищеҕа барыны бары үөрэх сэбиэдиссэйэ дьаһайара, оттон дириэктэр туһунан арааһы барытын кэпсииллэрэ.

      – Тоҕо эн миигин ити үлүгэрдээх көрдүҥ? – кини сонньуйан ылбыта. – Эмиспин дуо? Эн Моргунову көрбүтүҥ дуо? Урут оннук киинэ баара, билэҕин дуо? Моргунов, Вицин уонна Никулин тустарынан.

      Үөрэх сэбиэдиссэйэ дьигиһис гыммыта уонна эппитэ:

      – Бырастыы гын, Александр Степанович, ол эрээри мин санаабар…

      – Эйиэхэ махтал биллэрбиккэр, Аркадий Степанович, – дириэктэр кинини быһа түспүтэ. – Мин быһаарсыам. Кини миэхэ манна хаалан эрдин.

      Үөрэх сэбиэдиссэйэ барбытын кэнниттэн, дириэктэр уруһуйбун остуолга уурбута уонна эмиэ мин диэки көрбүтэ.

      – Чэ эрэ, ыл саҕалыахха. Онтон олоппосто ыл уонна чугас олор. Тоҕо эрэ эйигин төрүт үчүгэйдик көрбөппүн… Ситинник… Маладьыас… Дьэ билигин миэхэ ааккын эт.

      – Константин.

      – Константин? Олус үчүгэй аат. Эн оччоҕо биир кэм уларыйбат майгылаах киһи буолуохтааххын. Ол үчүгэй. Эн уларыйбат майгылааххын дуо, Константин? Эбэтэр аатыҥ эрэ оннук дуу?

      – Билбэтим ээ, – диэбитим.

      Миэхэ дьиибэ баҕайы этэ, биһиги маннык, кини үлэлиир хоһугар олорорбут уонна өссө киһи өйдөөбөт ыйытыыларын биэрэрэ. Тоҕо диэтэххэ, мин кини хаһан күргүйдээн барарын кэтэһэрим.

      – Билбэккин дуо? Дьиҥэр, ол наада ээ. Бэйэҥ тускунан, Константин, төһө кыалларынан элбэҕи билэ сатыахтааххын. Эн бэйэҥ тускунан тугу билэҕин?

      Мин кини диэки көрөрүм уонна туох диэн хардарыахпын билбэт этим.

      – Сөп, – диэбитэ кини. – Итиннэ хардарарга билиҥҥитэ бэлэмэ суоххун. Кэлин, баҕар, өссө ыйытыаҕым. Толкуйдаа. Онуоха диэри эт эрэ: суумкаҥ туһунан тугу билэҕин?

      Мин кини диэки көрбүтүм уонна төрүт тугу да өйдөөбөтөҕүм.

      – Аҕал эрэ миэхэ.

      Суумкабын остуол нөҥүө ууммутум. Ону ылан ыараҥнатан көрбүтэ уонна мүчүк гыммыта:

      – Ыарахан эбит. Манна туохтааххыный?

      Мин эппитим:

      – Үөрэнэр кинигэлэрим. Өссө физкультураҕа кэтэр таҥаһым. Бүгүн баскетболлуохтаахпыт.

      – Сөөп. Өссө туох баарый?

      – Тэтэрээттэр.

      – Өссө.

      – Уруучука.

      – Маладьыас.Уонна?

      – Онтон атын туох да суох.

      Бэйэм испэр санаабытым: табахпын итиннэ умнубатым ини?

      Кини суумканы остуолга уурбута уонна эмиэ уруһуйбун ылбыта.

      – Онтон атыттар суохтар дуо? Эн суумкаҕар?

      – Уруһуйдар дуо?

      Кини этэр:

      – Ээ оттон, уруһуйдар. Эйигин ол иһин манна аҕалбыттара дии. Өссө баар дуо? Миэхэ көрдөр. Эбэтэр эн физкультураҕа кэтэр таҥаскын ырыҥалыахпын баҕараҕын дуу?

      Кини тэтэрээттэрбин биэс хас мүнүүтэ кэриҥэ арыйталаан көрбүтэ. Онтон туран түннүккэ тиийбитэ, балачча турбахтаабыта, төннөн кэлэн эмиэ биэс мүнүүтэ курдук арыйталаан көрбүтэ.

      – Тоҕо манна барыта сыгынньах дьахталларый? Наар ону эрэ санаан тахсаҕын дуо? Сааһыҥ хаһый?

      – Уон алтам.

      – Ээ,

Скачать книгу