ТОП просматриваемых книг сайта:
Утатыы. Андрей Геласимов
Читать онлайн.Название Утатыы
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6090-0
Автор произведения Андрей Геласимов
Издательство Айар
– Үлтүрүйбүт дьиэлэргэ чугаһаатыбыт! – диэн рацияҕа хаһыытаабыта. – Истэҕит дуо? Утуйан хаалбыттар дуу, онно? Чугаһаатыбыт. Туох эмэ буоллаҕына, хаххалаарыҥ. Икки сүүс миэтэрэ хаалла… Сүүс биэс уон.. Сүүс… Барыта этэҥҥэ курдук… Арааһа, манна ким да суох быһыылаах… Биэс уон миэтэрэ хаалла… Аастыбыт даҕаны… Биһиэхэ манна чуумпу… Тугуй? Суох, барыта этэҥҥэ, диибин мин… Чуумпу манна, чуумпу…
Тыас ынырык этэ, мин өрө ыстанаат атахпар тура түспүтүм. Сонно тута сууллубутум. Охсуу күүһүттэн төбөм иһэ куолакалы охсубуттуу лүҥкүнээбитэ. Харахпар кураанах бытыылка көстөрө. Аттыгар өссө биир сытара. Мин олору илиибинэн таарыйбытым, онно бэйэ-бэйэлэригэр охсуллубуттара. Маннык сытар үчүгэйэ. Муоста сөрүүн этэ. Мин линолеумҥа сэҥийэбинэн сыстыбытым уонна харахпын симпитим. Хамсаамыахха эрэ…
Ити кэмҥэ ким эрэ ааны лүҥсүйбүтэ. Арааһа, тэбиэлииллэр быһыылааҕа. Адьас төбөҕө биэртэлиир курдуга.
Мин олорбутум, харахпын аспытым уонна оргууй туран барбытым. Хайдах эрэ гынан – эмискэ хамсанымыахха наада. Оччоҕо хотуолуом суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, ону ыраастыыр эрэйэ бэрт буолуо. Мин элбэхтэ төҥкөҥнүүр кыаҕым суох.
Ааны эмиэ күүскэ лүҥсүйбүттэрэ. Туохха ити үлүгэрдээх ыксаатылар? Мин суһал поезд үһүбүн дуо?
Тыыннара да быстыбат ээ, түүннэри эйиэхэ кэлээччилэр уонна ааны тэбиэлээччилэр. Хас чаас эбитэ буолла? Уонна хаһыс чыыһыланый?
Атаххыт быһа сытыйбат ээ.
– Эҕэрдэ! – диэбитэ Генка, ааны аспыппар. – Оо дьэ, сирэй-харах бөҕөҕүн дии, Шарапов.
Мин сиэркилэҕэ көрүнүөхпүн баҕарбытым, онтон уон хонуктааҕыта Ольгаҕа илдьибиппин өйдөөбүтүм. Эбэтэр уон икки хонуктааҕыта дуу.
– Оо, биһиэхэ манна олус да ыһыллыбыттоҕуллубут! – диэбитэ кини хоско ааһан иһэн. – Эмтэнээччибит тыыннаах киһитээҕэр өлбүккэ маарынныыр. Оттон мин тоҕо ааны аспатый диибин ээ.
– Онно олор.
– Ээ суох, хамандыыр. Мин турбутум ордук. Ойоҕум бу джинсыны субу аҕай атыыласпыта.
– Ээ, киэр буол! – диэбитим мин, хаттаан муостаҕа олоро-олоро.
– Эн адьас иэдэйдиҥ дуо?
– Мээрилээмэ диибин. Көрбөккүн дуо – куһаҕаммын?
– Көрөбүн. Испитиҥ өр буолла дуо?
– Билбэппин. Икки нэдиэлэ. Бүгүн хаһыс чыыһыланый? Уонна эн, уопсайынан, тоҕо түүн кэллиҥ? Билигин өссө түүн буолбат дуо?
– Дьэ, эмиэ эттиҥ дии, хамандыыр! Киэһэ тоҕус чаас. Мин эйиэхэ, ити быыһыгар, иккис күммүн эрийэ сатыыбын. Төлөпүөнүҥ хайдах буолла?
Кини төлөпүөн холбонор розеткатыгар төҥкөйөн туура тардыллыбыт сунууру ылбыта.
– Өйдөнөр. Тас эйгэ сордоото дуо?
– Мээрилээмэ.
– Онтон бэҕэһээ ити ыалгар Светланаҕа эрийбитим.
– Ольгаҕа.
– Ээ, миэхэ син биир. Кини эн арыгылыы сытаргын эппитэ. Тоҥсуйа сатаабыта. Туһа суох диэбитэ.
– Мин истибэтэҕим.
– Дьэҥкэ буоллаҕа. Мин бэйэм сутуругум иһиэр диэри эттээтим. Быһатын, тур хомун. Мөссүөҥҥүн оҥоруохпут. Мин эйиэхэ хонуоҕум, онтон сарсын Пашкаҕа тиийиэхпит уонна Москваҕа