Аннотация

В книге освещается государственная и общественно-политическая деятельность члена Президиума ЦИК ЯАССР, заместителя Председателя ЦИК ЯАССР с 1923-го по 1926 год, наркома юстиции и земледелия ЯАССР, члена Совета Национальностей ЦИК СССР Алексея Дмитриевича Широких, внесшего фундаментальный вклад в историю Якутии. Книга приурочена к 100-летию образования Якутской АССР. Предназначена для широкого круга читателей.

Аннотация

В сборник включена переписка выдающегося якутского историка и общественного деятеля Георгия Прокопьевича Башарина (1912–1992). Публикуемые письма отражают трудную судьбу учёного, пострадавшего от субъективной критики оппонентов и партийно-административного нажима. В них показана бескорыстная помощь русских учёных Г.П. Башарину в его тяжёлой борьбе за правду в науке. Жизнь профессора Башарина будет служит ярчайшим примером стойкости человеческого духа, мужества и принципиальности, чести и достоинства. Книга предназначена для широкого круга читателей.

Аннотация

Биллэр уопсастыбанньык хоһоонноругар төрөөбүт тылын, сирин-уотун, саха төрүт култууратын кэскилин туһугар санаалара ааҕааччыны толкуйдаталлар, актыыбынай олоххо угуйаллар. Ааптар үгүс айымньылара ырыа буолан кынаттанан дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэллэр. Поэзия известного общественника, неравнодушного к судьбе родного языка и культуры, к будущему своей родины заставляют читателя задаваться многими острыми вопросами, призывают к активной жизненной позиции. Многие стихи стали песнями, широко известны и любимы в народе.

Аннотация

Сборник «Гунилгэн хоктолӣн» включает произведения победителей Первого литературного конкурса, посвященного 70-летию известного ученого, эвенкийской писательницы Галины Варламовой-Кэптукэ. Читатель познакомится с литературными произведениями различных жанров – стихов, рассказов, авторских сказок на эвенкийском языке. Эти произведения написаны как известными, так и начинающими авторами. Они проживают в Красноярском крае, Иркутской области, на Амуре и в Якутии. Данный сборник будет вкладом в эвенкийскую литературу. Сборник предназначен для всех, кому интересна литература коренных малочисленных народов Севера, а также для широкого круга читателей.

Аннотация

Эдэр устудьуон уолга хаһан да көрбөтөх-истибэтэх киһитэ эмискэ тиийэн кэлэн, тус олоҕун уларытан, төлкөтүн түстээн баран сүтэн хаалар. Уол үйэтин тухары ол киһитин көрдүүр… Эн аттыгар сэмээр үлэлии-хамсыы сылдьар, ол эрээри кинилэрдиин кыратык да алтыстахха, бэйэлэрэ да билбэттэринэн, эн олоххор сабыдыаллыыр, үтүө өттүгэр сирдиир дьон баар буолар. Киһи киэнэ кэрэмэстэрэ, истиҥнэрэ, сэмэйдэрэ эрээри, биһиэхэ уһулуччулаах ураты дьон… Кинигэҕэ ааптар аныгы кэм биллэр дьонун туһунан умсугутуулаахтык суруйар. В книге рассказано о судьбоносных встречах с замечательными людьми, математиками, физиками и не только. Увлекательно изложенные истории о простых, но незаурядных людях, заинтересуют широкий круг читателей.

Аннотация

Хомуурунньукка саха норуодунай поэта, Саха сирин Суру-йааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Ивановна Харлампьева «Аэроплан», «Дьол сибикитэ», «Кыһыл ньургуһун», «Дьэҥкир киэһэ», «Атырдьах ыйа», «Үс хоһоон», «Үрүҥ былыт», «Ыһыах кэннэ», «Мин аалым – балаҕаным» кинигэлэриттэн ааҕааччы ылыммыт, санаатын уурбут лирическэй хоһоонноро, ону тэҥэ саҥа айымньылара таҥыллан киирдилэр. Манна поэт төрөөбүт норуотун сайдан кэлбит историятын, дьылҕатын, омук быһыытынан билиниитин, үтүө үгэстэрин, ааспыт, билиҥҥи уонна кэлэр кэм ситимнэрин олоҕу мындыр көрүүтүнэн бөлүһүөктүү анаарыыта, мунчаарыыта, дьиксиниитэ, үөрүүтэ-хомолтото, мөккүөрэ, айар эйгэтин эриэккэһэ, уратыта, урана көстөр. В сборник народного поэта, председателя Союза писателей Якутии Натальи Харлампьевой вошли избранные лирические произведения, полюбившиеся читателям, запавшие им в душу. Кроме того, включены и новые стихи. Здесь автор с глубоким философским восприятием созерцает и осознает исторический путь своего народа, национального самосознания, стихи трогают удивительной тонкостью и бережностью к жизни, к традициям предков.

Аннотация

Сэhэҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Советскай Союз ыраах муннугар сэрии сорун-муҥун эҥээрдэринэн тэлбит, санныларыгар сүкпүт сэрии түҥкэтэх тыылын олохтоохторо көрсүбүт эрэйдэрин, кыhалҕаларын туhунан кэпсэнэр. Айымньы дьиҥ олоххо буолбут, баар буола сылдьыбыт чахчыларга, түгэннэргэ олоҕуран сурулунна. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар, туhулаан, Улуу сэрии алдьатыылаах, алдьархайдаах содулун сорох кырдьыгын үhүйээн эрэ курдук истэр уонна билэр аныгы кэнчээри ыччакка ананар. В повести автор рассказывает о тяжелой, голодной жизни детей, женщин и стариков, оставшихся в тылу во время Великой Отечественной войны. На их долю выпали нечеловеческие страдания, но они стойко перенесли все тяготы той страшной войны. Произведение написано на основе реальных событий. Книга предназначена для широкого круга читателей, в особенности, молодого поколения, которое, увы, уже не знает всю правду о Великой Отечественной войне.

Аннотация

Уус-уран сэһэн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа В.Д. Иванов (1923—2011) ахтыытыгар олоҕуран сурулунна. Василий Давыдович Бүлүү улууһун Чочутугар төрөөбүт. Олус дьикти олоҕу олорбут киһи. Оҕо сааһыгар хаста да өлө сыспыт. Икки ийэлээх: төрөппүт уонна иитиллибит. Хас даҕаны аҕалаах. Г.И. Чиряевы кытта биир кылааска үөрэммит. Мөлтөх харахтаах эрээри, дьулуһан туран, уон аҕыһыгар сэриигэ мүччү туттаран барбыт уонна полковой разведчик буолбут. Сталинградтан Берлиҥҥэ тиийбит. Геббельс өлүгүн харабылласпыт. Потсдам конференциятын, Нюрнберг процеһын харабылыгар турбут. Сталиннааҕы уу хараҕынан көрбүт. Кини ахтыыта, «Я вернусь» диэн ааттанан, суруналыыстар Мария Павлова, Василий Решетников суруйууларынан, туспа кинигэ быһыытынан 2011 с. тахсыбыт. Повесть написана на основе воспоминаний ветерана Великой Отечественной войны В.Д. Иванова (1923—2011). Василий Давыдович прожил очень интересную жизнь, был человеком с необычной судьбой. Он уже в детстве несколько раз заглядывал по ту сторону жизни. Имел двух матерей – родную и приемную. И отцов у него было несколько. Был одноклассником Гаврила Чиряева. Имея плохое зрение, в 18 лет он попал на фронт, и мало того – служил в полковой разведке, дошел из Сталинграда до Берлина. Стоял в охране трупа Геббельса, Потсдамской конференции и Нюрнбергского процесса. Видел собственными глазами Сталина. Его воспоминания под названием «Я вернусь» вышли в свет из под пера журналистов Марии Павловой и Василия Решетникова в 2011 году. Судьба этого неординарного человека, изложенная в художественном произведении, не оставит равнодушным ни одного читателя.

Аннотация

Народнай поэт Михаил Тимофеев айымньыларын үһүс томугар 1962—1974 сыллардаахха суруйбут айымньылара киирдилэр. Поэт хомоҕой хоһоонноругар сүрэҕин истиҥ иэйиилэрин ааҕааччы кутун-сүрүн таарыйардык тиэрдэр. В третий том сочинений народного поэта вошли стихотворения и поэмы, написанные в период с 1962 по 1974 год. Произведения Михаила Тимофеева отражают сокровенные мысли и чувства тонкой души поэта, которые находят отклик в сердцах читателей даже сейчас, спустя много лет.

Аннотация

Бу хомуурунньукка тоҕус уонус уустук сылларга чөл куттаах саха ыала үөскүү, күн сиригэр омукпут кэнчээри оҕото кэлэ турарын туһугар өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин сөргүтэн, дьолу түстээбит дьоһун-мааны дьоммут туһунан истиҥ-иһирэх ахтыылар түмүлүннүлэр. Кинилэр үтүө көмөлөрүнэн ийэ-аҕа буолар үрдүк дьолу билбиттэр сылааһынан илгийэр махталлара киирдилэр. Ону сэргэ «Дьылҕа түсчүтэ» Саха сирин суорумньуһуттарын ассоциациятын араас улуустарыгар кэскиллээх үлэни салгыыр үтүө-мааны дьоммут бүгүҥҥү киэҥ хайысхалаах үлэлэрин киэҥник сырдатыы, кинилэр соргулаах сүбэлэрэ киирдилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылын көрсө тахсар. Кэскиллээҕи кэрэхсиир, омугун дьылҕатын туһугар долгуйар ааҕааччыга, ону сэргэ аналлаахтарын була илик дьоҥҥо ананар.