Аннотация

Бу кинигэҕэ тыа сириттэн куоракка олохсуйбут эр дьон, умнулла сыспыт булчут удьуор хааннара тардан, айылҕаҕа, булка-алка эргийиилэрэ, көрдөөх, мүччүргэннээх сырыылара уонна сиэргэ-туомҥа сыһыаннара кэпсэнэр. И.А. Андросов-Айанньыт атастарын-доҕотторун, бэйэтин кэпсээннэрин уонна уруһуйдарын ааҕааччы киэҥ араҥатыгар бэлэхтиир.

Аннотация

Эһиги хаһан эмэ хотугу муора арыытыгар сылдьыбыккыт дуо? Арктика ураты кыылларын – мууска олорсон иһэр үрүҥ эһэлэри, хаарга ыраахтан харааран көстөр түлүөннэри, оҕомсох уонна уйан дууһалаах моржалары – илэ хараххытынан көрбүккүт? Ыттарынан көлүллүбүт сыыдам сыарҕаҕа олорсон Сэмэнчик уолу кытта дьикти дойдуга айанныах! Были ли вы когда-нибудь на далёком арктическом острове, покрытом льдом и снегом? Видели воочию необычных обитателей Севера – плывущих на льдине белых медведей, кувыркающихся на снегу тюленей, общительных и шумных моржей? Так сядем на сани и помчимся на собачьих упряжках с мальчиком Сэмэнчиком на этот чудесный остров!

Аннотация

21 занимательный рассказ В.С. Доллонова, журналиста, писателя, переводчика, знакомит детей со страницами истории и культуры Якутии. Автор связывает факты из истории родного края с событиями жизни своей семьи. Эти рассказы не просто заряжают патриотическим настроем, но и учат юных читателей анализировать факты, сопоставлять причины и следствия, размышлять.

Аннотация

Төрүт буор ахтылҕана, олорон кэлбит кэм үрдүк мындаатыттан туланы, бэйэни анаарыы, олоххо бэйэ аналын ырытан, ырыҥалаан көрүү, айылҕа араас, соһуччу да, күннэтэ хатыланар да көстүүлэрэ, кырдьары билиммэт эдэр сүрэххэ саҕыллар санаалар – поэт Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ хоһооннорун сүрүн тиэмэлэрэ. Кини айымньылара уу сахалыы холкулар, дьоһуннаахтар, ол эрээри ааҕааччыны күннээҕи олохтон көтүтэн илдьэ барар ураты тыыннаахтар, туспа тэтимнээхтэр. В стихах Михаила Иванова-Чуона Мэхээлэ слышатся отголоски беззаботного детства и чудесной молодости, когда радовался каждому новому дню. Также поэт размышляет о предназначении человека в этой жизни, о виражах и поворотах, об испытаниях и искушениях, уготованных нам судьбой.

Аннотация

Кинигэҕэ Михаил Иванов-Чуона Мэхэлэ хоһоонноро, поэмалара киирдилэр.

Аннотация

Хараҥа хостон ыҥырар сибиэн сипсиэрэ, амырыын сыттаах күлүк киһи, өлүү аргыстаах хара бэкир… Кинигэҕэ киирбит түбэлтэлэр – илэ барбыттары көрбүт дьон кэпсээннэрэ – киһи куйахатын күүрдэллэр, этин сааһын арыйаллар. Эта книга заставит почувствовать пробирающий до костей страх, который испытали герои рассказов при встрече с неизведанными существами. Призраки со склизкой холодной плотью, голос из ниоткуда, тени со смердящим запахом… В сборник включены истории из реальной жизни. Погрузись в параллельный мир, загляни по ту сторону смерти.

Аннотация

Олох очурдарыттан, араас моһоллоруттан харыстыыр, куту-сүрү бөҕөргөтөр, ханнык баҕарар кыргыһыыттан кыайыылаах тахсарга күүстээх санааны саҕар кинигэ.

Аннотация

Кинигэҕэ биллиилээх бэйиэт, «Эркээйи» бырагыраамаҕа үлэлэспит, төрүт оскуолалары саҥардан сайыннарыы Кэнсиэпсийэтин олоххо биир бастакынан киллэрсибит улахан учуутал мөккүөрдээх олоҕун, тургутуулаах айар үлэтин туһунан кэпсэнэр. Киэҥ көрүүлээх, бары өттүнэн дэгиттэр суруйааччы, педагог санаатын аһаҕастык эппит түгэннэрэ ааҕааччыны кэрэхсэтиэ, умсугутуо. Василий Босяк прозаик быһыытынан биллибэтэҕэ, ол эрээри кинигэҕэ киирбит айымньылара кини бу хайысхаҕа дьоҕурдааҕын көрдөрөллөр. В книге рассказывается о нелегком творческом пути известного поэта, одного из основателей программы «Эркээйи» и видных педагогов, внедривших в жизнь Концепцию обновления и развития национальной школы. Острые статьи и высказывания человека широких взглядов, истинного патриота, радеющего за родной язык и культуру, вызывают восхищение и глубокое уважение. Василий Босяк при жизни не был известен как прозаик, но включенные в издании произведения не вызывают сомнений, что и на этом поприще он мог работать очень продуктивно и талантливо.

Аннотация

Ааптар ааспыт уонна билиҥҥи кэмнэр көстүүлэрин тэҥнээн көрөн сыаналыыр хоһоонноро киирдилэр. Сүрүн миэстэни төрөөбүт тылга умсугутар, ийэҕэ-аҕаҕа сүгүрүйэр лириката ылар. Кинигэ ордук эдэр ыччакка аналлаах. Стихи рано ушедшей поэтессы отличаются оригинальностью взглядов, глубиной философской мысли. Автор экспериментирует формами стиха, создавая прекрасные произведения в стиле рубаи и сонетов. Издание будет интересно всем любителям поэзии.

Аннотация

Анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн баран сырдык тыынын толук уурбут хорсун буойун, «Эр санаа» уордьанынан уонна «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт Дьааҥы улууһуттан төрүттээх поэт, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун иһинэн Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэнэ Василий Рожин бу сахалыы хоһооннорун бастакы хомуурунньуга. Эдэр поэт олох, таптал, дьон сыһыанын туһунан бөлүһүөктүү уонна лирикэлии хоһоонноругар эр киһи хоодуот санаата уонна поэт нарын айылгыта алтыһаллар. Это первый сборник стихов на родном языке молодого поэта, члена Совета молодых литераторов Союза писателей Якутии, уроженца Верхоянского улуса, храброго воина, добровольно вставшего на защиту Отечества в специальной военной операции и положившего свою жизнь во имя Родины. Основа книги была подготовлена им еще до отправки в зону боевых действий. Стихи раскрывают его тонкую душу, лиризм, они говорят о любви и жизни, о мужской чести и долге, о судьбе поэта.