Аннотация

Бу кинигэҕэ тыа сириттэн куоракка олохсуйбут эр дьон, умнулла сыспыт булчут удьуор хааннара тардан, айылҕаҕа, булка-алка эргийиилэрэ, көрдөөх, мүччүргэннээх сырыылара уонна сиэргэ-туомҥа сыһыаннара кэпсэнэр. И.А. Андросов-Айанньыт атастарын-доҕотторун, бэйэтин кэпсээннэрин уонна уруһуйдарын ааҕааччы киэҥ араҥатыгар бэлэхтиир.

Аннотация

Ааспыт история чахчытын ойуулуур уус-уран айымньыга кыргыс үйэтигэр Тыгын Тойон дуоҕа тутааччыта, аҕа ууһун биир бас-көс киһитэ Туоҕа Боотур Орто Бүлүү (билиҥҥитэ Кэбээйи сиригэр) көһөн барыыта, мүччүргэннээх айана, олохсуйуута сабаҕалааһын биир көрүүтүнэн ааҕааччыны умсугутар, тэҥҥэ долгутар гына кэрэхсэбиллээхтик кэпсэнэр.

Аннотация

Ааспыт история чахчытын ойуулуур уус-уран айымньыга кыргыс үйэтигэр Тыгын Тойон дуоҕа тутааччыта, аҕа ууһун биир бас-көс киһитэ Туоҕа Боотур Орто Бүлүү (билиҥҥитэ Кэбээйи сиригэр) көһөн барыыта, мүччүргэннээх айана, олохсуйуута сабаҕалааһын биир көрүүтүнэн ааҕааччыны умсугутар, тэҥҥэ долгутар гына кэрэхсэбиллээхтик кэпсэнэр.

Аннотация

Ол үйэлэр кэтэхтэригэр туман буолбут хонуктар кистэлэҥнэрэ тугуй-ханныгый? Кии дуу, киһи дуу буолар тыын харбас кэмҥэ өбүгэлэр кэс тыллара, олох иһин туруулаһыылара, кырдьыктара ааспыты анааран, билиҥҥигэ бэлиэтээн кэлэри торумнуурга, кэскили тэрийэргэ, үйэлээҕи үксэтэргэ олук буолар аналлаах. Ааспыт история чахчытын уус-ураннык кэпсиир айымньыга ойууламмыт кыргыс үйэтигэр аҕа ууһун бас-көс киһитэ Туоҕа Боотур Орто Бүлүү сиригэр олохсуйуута, мүччүргэннээх айана, сырыыта, олохтоох омуктары кытта сыһыана, мөккүөрэ, оччотооҕу кэм олоҕо-дьаһаҕа, сиэрэ-майгыта ааҕааччыны умсугутан, тумаҥҥа симэлийбиттэр кэс тылларын тиэрдиэҕэ. Какие тайны скрываются за туманами прошлых веков? Заповеди предков, пришедшие из тех далеких, жестоких времен, когда решался вопрос о самом существовании народа, история их кровопролитной борьбы за жизнь – это великий урок потомкам для созидания мирного, благополучного будущего. Правдивая история расселения одного из могущественных якутских родов под предводительством храброго и сильного Тога Ботура по землям Среднего Вилюя, рассказанная в художественном произведении – будто завещание тех, кто давно исчез в тумане былых времен.