Аннотация

В поэтический сборник вошли произведения первого юкагирского поэта Гаврила Николаевича Курилова-Улуро Адо и, как связь времен и непрерывность жизни, стихи его сына, Альберта Курилова. Оба поколения обожествляют любовь к Женщине, их произведения объединяют тонкий лиризм, чувственность, образность и тонкое восприятие мира.

Аннотация

Роман маҥнай «Тулаайах оҕо» аатынан 1983 с. бэчээттэммитэ. Онтон 1995 с. «Бүтэй Бүлүү» диэн аатынан «Сахаполиграфиздат», 2005 с. С. А. Новгородов аатынан «Бичик» национальнай кинигэ кыһата таһаарбыта. Нуучча кэлиэн иннинээҕи саха норуотун олоҕун киэҥник хабан көрдөрөр историческай роман ааҕааччы биһирэбилин ылбыта, Даланы романист быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрбитэ. Кинигэ саха норуодунай суруйааччыта Василий Семенович Яковлев-Далан үбүлүөйдээх сылыгар киэҥэйгэҕэ ананан таҕыста.

Аннотация

Биллэрин курдук, уус-уран литература сүрүнэ – киһи өйүн-санаатын, иэйиитин, уйулҕатын, олоҕун мөккүөрүн көрдөрөр. Онуоха бу кэпсээннэр хас биирдии саха оҕото олоххо дьулуурдаах, тулуурдаах, көҥүл өйдөөх-санаалаах буолуохтааҕын этэллэр. Ааптар айымньыларын дьоруойдара – үөрэнээччилэр, олоххо саҥа үктэммит эдэр дьон. Кэпсээннэр түмүктэрэ үчүгэйдик бүтэр буолан, сырдыкка, кэрэҕэ угуйаллар, сылаас тыыннаахтар.

Аннотация

Бу кинигэҕэ кыһа 2010 с. ыыппыт «Сонун сүүµрээн» диэн литературнай куонкуруһугар II миэстэни ылбыт Т. Находкина «Булумньу оҕо» диэн сэһэнэ, кэпсээннэрэ уонна остуоруйата киирдилэр. Геройдар күүстээх санааларынан, үтүөҕэ эрэллэринэн олох араас очурун-чочурун туорууллар, чугас дьоннорун туһугар туруулаһаллар, охсуһаллар. Ааптар төрөппүт арыгылааһына оҕо олоҕор ыарыылаахтык дьайарын итэҕэтиилээхтик арыйар.

Аннотация

Легенды и предания… Это ведь судьбы когда-то живших людей, их пример и урок, оставшийся в поколениях на века. В книге собраны легенды и предания, услышанные, записанные и бережно хранимые автором в назидание молодому поколению. Предназначено для широкого круга читателей.

Аннотация

Народные предания по сей день повествуют о не столь очевидной угрозе для путника – это встречи с различными сверхъестественными существами и зловещими местами. Подобные встречи в большинстве случаев ничем хорошим не заканчиваются…

Аннотация

Хомуурунньукка узбек уонна таджик норуоттарын остуоруйаларын сахалыы тылбаастара түмүллэн киирдилэр. Остуоруйаларга Орто Азия норуоттарын муудараһа, үйэлээх үгэстэрэ көстөр, куһаҕан күүстэн үтүө санаа көмүскүүрүн, булугас өй, мындыр толкуй, хорсун быһыы быыһыырын туһунан кэпсэнэр. Кинигэ Саха АССР норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, учуутал, суруналыыс София Матвеевна Охлопкова төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсар, кыра уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар ананар.

Аннотация

В сборник вошли детективные рассказы разных лет, написанные на основе реальных уголовных дел, запутанных, сложных, имевших в свое время большой общественный резонанс и, к чести сыщиков, раскрытых по горячим следам. Рассказы знакомят с нелегкой службой якутских оперативников, впечатляют мужественными и яркими образами сотрудников уголовного розыска. Среди них есть выдуманный герой, подполковник милиции в отставке, сыщик Петр Петрович Мурунов, прозванный еще в молодости Золотой Пяткой, которому не сидится дома, и он по-прежнему в эпицентре раскрытия уголовных дел.

Аннотация

Кинигэҕэ Саха сирин араас муннуктарыгар тахсыбыт дьулаан түбэлтэлэр таҥыллан киирдилэр. Хомуурунньук норуот тылынан уус-уран айымньытын кытта ыкса сибээстээх "Түгэх түөлбэ түбэлтэлэрэ" уонна куорат олохтоохторугар киэҥник тарҕаммыт араас кэпсээннэргэ олоҕурбут "Куорат сир кэпсээннэриттэн" диэн икки түһүмэхтэн турар. Ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр ананар.

Аннотация

Кинигэҕэ сэрии ыар сылларыгар олох ыарахаттарын, хоргуйууну саха дьоно киһи бодотун сүтэрбэккэ, тус бэйэлэрин кыһалҕаларын умнан туран, биир сомоҕо күүһүнэн фашистскай халабырдьыттары утары охсуһан улуу Кыайыыны уһансыбыттарын туһунан кэпсээннэр уонна араас суруйааччылар айымньыларын тылбаастара киирдилэр. Билиҥҥи муунтууйу кэмигэр бу айымньылар эдэр ыччакка кытаанах санааланарга, дойдуга бэриниилээх, хорсун-хоодуот буоларга үтүө холобур буолаллар. В данной книге повествуется о суровых военных годах, когда несмотря на все тяготы, лишения, ужасы войны, люди оставались людьми, не теряли своего человеческого облика и единой силой ковали Победу. Особенно актуальной тема становится сейчас, когда страна снова переживает нелегкие времена и во главу угла становится честь, любовь к родине и единение народа.