Аннотация

Бу кинигэҕэ кыһа 2010 с. ыыппыт «Сонун сүүµрээн» диэн литературнай куонкуруһугар II миэстэни ылбыт Т. Находкина «Булумньу оҕо» диэн сэһэнэ, кэпсээннэрэ уонна остуоруйата киирдилэр. Геройдар күүстээх санааларынан, үтүөҕэ эрэллэринэн олох араас очурун-чочурун туорууллар, чугас дьоннорун туһугар туруулаһаллар, охсуһаллар. Ааптар төрөппүт арыгылааһына оҕо олоҕор ыарыылаахтык дьайарын итэҕэтиилээхтик арыйар.

Аннотация

Ааҕааччыга биллэр прозаик Татьяна Находкина саҥа кинигэтин дьоруойдара – тыллара-өстөрө, санаалара-оноолоро, быһыылара-туттуулара киһини итэҕэтэр, ааптар бэйэтин оҕо сааһыттан уонна субу бүгүҥҥү олохпутуттан түһэн кэлбит тыа сирин олохтоохторун тыыннаах мөссүөннэрэ. Ааҕааччы киһи үтүө санаата, амарах быһыыта өрөгөйдүүрүттэн үөрүө, сыал-сорук, күүстээх санаа барыны кыайарыгар итэҕэйиэ уонна тус олоҕор туһалааҕы иҥэриниэ.

Аннотация

Ааҕааччы тапталын, билиниитин ылбыт ааптар бу кинигэтигэр дьон сыһыанын, тапталы, тулхадыйбат эрэли, ахтылҕаны иэйиилээхтик суруйар. Олох дьахтарынан салҕанар, кини айылгытын быһыытынан үчүгэйи үтүктэр, сыыһаны киэр анньар, саҥаҕа кыттыһар күүстээх санаалаах. Бу туһунан «Өтөх иинэ оспот», «Таптал кыыма сөҕүрүйбэт», «Хаан аймах» кэпсээннэргэ ааҕыаххыт.

Аннотация

Автор Татьяна Находкина сэһэнигэр таптал, тапталга бэриниилээх буолуу, таптал баар буолан киһи олоххо тардыһыыта күүстээҕин, таптал сырдык иэйиитин алта дьиэ кэргэн олоҕунан ойууланар. Ону тэҥинэн улахан саастаах оскуола оҕолоро маҥнайгы ыраас, симик тапталлара, бэйэлэрин икки ардыларыгар уонна төрөппүттэрин, учууталларын кытта истиҥ сыһыаннара, төрөппүттэрин тапталларыгар сыһыаннара көрдөрүллэр.

Аннотация

Билиҥҥи кэмҥэ оҕо – төрөппүт, үөрэнээччи – учуутал, оҕо – оҕо, учуутал – төрөппүт, уопсастыба – оҕо икки ардыгар болҕомтото суох сы һыан сорох ардыгар тыалынан киирэн баран холоругунан тахсара баар суол. Онтон ким да харысхаллаах айыллыбат. Ааптар тэтимнээхтик сайдар олоххо киһи киһиэхэ кыра да болҕомтоҕо наадыйарын мүччү тутан, кэхтии суолугар үктэниэн сөбүн итэҕэтиилээхтик суруйар. Олох саҥа кэрдиис кэмигэр атыллаары сылдьар улахан кылаас оҕолоругар ананар.

Аннотация

Суруйааччы саҥа айымньыларын геройдара – бүгүҥҥү кэм дьоно. Ким эрэ табыллыбатах тапталтан эрэйдэнэр, ким эрэ чугас киһитин алҕаһын көннөрө сатыыр, оттон сорохтор арыгы ыар содулуттан тэмтэрийэн иһэн көнөр суолга үктэнэллэр. Кинилэри биир дьулуур ситимниир – инникигэ эрэл, олоххо тардыһыы.