Аннотация

Хомуурунньукка саха норуодунай поэта, Саха сирин Суру-йааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Ивановна Харлампьева «Аэроплан», «Дьол сибикитэ», «Кыһыл ньургуһун», «Дьэҥкир киэһэ», «Атырдьах ыйа», «Үс хоһоон», «Үрүҥ былыт», «Ыһыах кэннэ», «Мин аалым – балаҕаным» кинигэлэриттэн ааҕааччы ылыммыт, санаатын уурбут лирическэй хоһоонноро, ону тэҥэ саҥа айымньылара таҥыллан киирдилэр. Манна поэт төрөөбүт норуотун сайдан кэлбит историятын, дьылҕатын, омук быһыытынан билиниитин, үтүө үгэстэрин, ааспыт, билиҥҥи уонна кэлэр кэм ситимнэрин олоҕу мындыр көрүүтүнэн бөлүһүөктүү анаарыыта, мунчаарыыта, дьиксиниитэ, үөрүүтэ-хомолтото, мөккүөрэ, айар эйгэтин эриэккэһэ, уратыта, урана көстөр. В сборник народного поэта, председателя Союза писателей Якутии Натальи Харлампьевой вошли избранные лирические произведения, полюбившиеся читателям, запавшие им в душу. Кроме того, включены и новые стихи. Здесь автор с глубоким философским восприятием созерцает и осознает исторический путь своего народа, национального самосознания, стихи трогают удивительной тонкостью и бережностью к жизни, к традициям предков.