ТОП просматриваемых книг сайта:
Килиим. Огдо
Читать онлайн.Дьэ ити. Оттон аҕата эмиэ көннөрү буолбатаҕын оҕолоро хойут өйдөөбүттэрэ. Биирдэ сааһыран олорон кыра кыыһыгар эппит:
– Эдьиийдэргин, убайдаргын барыларын мус. Улахан остуолла тэрийиҥ, – диэн.
Тук курдук мустан аһыы олордохторуна аҕалара Буутабыс:
– Чэ, тоойдоруом, аны аҕыйах хонугунан, иһэ үлүннэҕинэ икки-үс хонугунан, барыахтаах сирбэр аттанарым буолуо. Өллөхпүнэ ытаан-соҥоон эрэйдэнээйэҕит, ити байтаһын сылгыны туттаарыҥ, бырааһынньык курдук атаараарыҥ… Кэлбит дьону үчүгэйдик көрсөөрүҥ…
– Аҕаа, ону-маны тыллаһаҥҥын. Бачча этэҥҥэ сылдьаҥҥын, аньыы даҕаны! – дэспиттэр оҕолоро.
– Ээ, түүлүм-битим оннук, – диир оҕонньор.
Оруобуна эппитин курдук, үс хоноот, аҕалара «элэс» гыммыт. Наһаа соһуйбуттар, аһыйбыттар. Килиимҥэ, куоракка сырыттаҕына куһаҕан сонуну эдьиийэ эрийэн эппитигэр, дьиктитэ баар, соһуйбатах. Аһары астаран иһигэр санаабыт: «Алаатыгар, аҕам барахсан баран хаалбыта, аймалҕана да суох эбит дии», – диэн итэҕэйбэтэх курдук буолар. Итинник дойдутугар уу чуумпутук тиийэн кэлэр. Дьиэлэрин таһыгар убайа хоруоп оҥоро турарын көрөн баран, дьэ, ытаан уйа-хайа суох барар. Онтон иһирдьэ киирэн чуо аҕатыгар чугаһыыр, илиититтэн тутар уонна эмиэ дьикти, сонно тута, уоскуйан, хараҕын уута кууран хаалар. Килиим гостуруолга сылдьыбыт видеоларын аҕалбытын истэн, аҕалара соруйбутун курдук, тэлэбиисэргэ холбоон көрөллөр, бохуруонаҕа кэлбит ыаллара бары көрөн, онно аралдьыйан үөрэн-көтөн, ким да ытаабат-соҥообот. Көмөр күннэригэр ып-ыраас чаҕылыйар күннээх күн үүнэр. Буутабыс кырдьаҕастарын субу таһаарыахтарын аҕай иннинэ чуо кинилэр дьиэлэрин үрдүнэн ардах курулаччы кутар уонна оннук омуннаахтык тохтоон хаалар. Онуоха аҕаларын, сир-дойду иччитэ итинник атаарар эбит, «суолун сабынна» диэн өйдүүллэр, саҥата суох, эппитин курдук, ийэлэрин таһыгар таһааран уҥуох тутан кэбиһэллэр. Улахан айылҕалаах аҕалара бэйэтэ дьаһайан барбытын курдук барыта уурбут-туппут курдук табыллан хаалар.
Иккис хонуктарыгар кыра балтылара түүн ортото утуйа сытар дьонугар сүүрэн кэлэн ааннарын тоҥсуйар. Куттаммыт аҕай:
– Наһаа ынырык… Паапа түүлбэр илэ киирдэ, субу, тыыннаах курдук уонна эттэ: «Бар, убайдаргар эт, ити дьиэттэн хайдах да барымаары гынным. Өрөмүөннэнэ турар салҕааһын дьиэ түннүктэрин туруордуннар уонна аанын таҥаһынан сабан кэбистиннэр. Чэ, итиэннэ үчүгэй баҕайытык олорооруҥ», – диэтэ уонна ааны наһаа күүскэ сабан тахсан барда, – диир.
Итини истэн баран уолаттар утуйа сытыахтара дуо. Ойон тураннар, кырдьаҕас аҕалара эппитин курдук барытын дьаһайан кэбиһэллэр.
Итинник, ийэлээх аҕа диэн сүүнэ айылҕалар. Ону ытыктыыр, билинэр уонна сүгүрүйэр саха киһитигэр бэйэтигэр наада. Кинилэр кынаттаах тылларын хааныгар иҥэриммит, ол күүһүнэн сүрэҕин угуттаммыт, хас биирдии дэгэтин мэйиитигэр хам хатаабыт уратылаах, саха аныгы киһитэ