ТОП просматриваемых книг сайта:
Килиим. Огдо
Читать онлайн.Биллэн турар, ааһан иһээччилэр бары туох эрэ санаалаахтар, туох эрэ соруктаахтар. Баҕар ким туох эрэ кыһалҕалааҕа буолаарай? Оннук буолуон эмиэ сөп буоллаҕа. Хас киһи тугу саныырын эн, ааһан иһээччи, хантан билиэҥий? Оннук, киһи барыта биир буолбат, тэҥҥэ толкуйдаабат, биир киһи кыһалҕатынан салайтарбат.
Уон киһи… сүүс киһи… тыһыынча, мөлүйүөн. Ол тухары араас санаа, эгэлгэ түбүк, табыллыы, табыллымыы, сыыстарыы, ситиһии, тэмтэрийии. Ол буолар – олох. Олох ис хоһооно хас биирдии киһи туһугар маарыннаспат, үтүктүспэт, биһирэммэт, хайҕаммат уонна сиилэммэт. Ким да, кимиэхэ да үҥсэргээбэт, наадыйбат буолбута ырааппыт. Оннук тутуллаах эбит олохпут.
Ардыгар арааптардыы дишдаша ырбаахылаах, төбөтүгэр кыһыл эриэн гандуралаах киһини Дьокуускайга көрсө түстэргит, соһуйбат буолаарыҥ. Ити эйэҕэс-сайаҕас, оонньуулаах-күлүүлээх, бэрт элбэх сүгэһэри илдьэ сылдьарын таска биллэрбэт уратылаах Килиим Федоров илэ бэйэтинэн буолуон сөп. Итинник таҥныаҕа уонна кэнсиэрдии ойуоҕа. Эбэтэр, кими эрэ үөрдээри, соһуччу ыалдьыттыы бараары да гыннаҕына ситигирдик, дьүһүннүүн-бодолуун арааптарга маарынныырдык, таҥнан кэбиһиэ.
Киниэхэ итинник быһыыта олус барсар, табыллар. Тоҕо диэтэххэ, кини бэйэтэ ураты киһи, эмиэ да артыыс, эмиэ да тэрийээччи, эмиэ да бэриниилээх доҕор-атас. Арааптар төрүт дойдуларыгар сылдьыбытын бэлиэтин, итиннэ олохтоохтор сөбүлээн кэтэр табыгастаах таҥастарын өйдөбүнньүк атыылаһан баран, туһааннаах түгэҥҥэ кэтэн-таҥнан туһанаары гыннаҕына омнуо буолсу үһүө? Солуута суох, бу эмиэ тугай, ону-маны түбэһиэх таҥныбыт диэн сиилиэх иннинэ, бу киһи айылҕаттан уратытын уонна тус аналын табан өйдүүр, кинини билбит эрэ сэмэлиэн сөбүн үгүс киһи билигин өйдөөтө.
Кимий кини? Ама, Килиими билбэт саха күн бүгүн баар үһүө? Саатар 80-90-с сылларга Саха сирин тилийэ гостуруоллаабыт, тыа сирин ордорбокко кэнсиэрдээбит эстрада артыыһа эдэркээн уолу өйдөөччү баһаама биллэр. Оччолорго бу уол ситтэҕинэ-турдаҕына атын киһи буолуоҕун, ис кыаҕын эн үөйбэтэх да эгэлгэ эйгэҕэр таһаарыныаҕын ким тымтыктанан көрүөй? Оттон кэнники көлүөнэ ыччат кинини, олус чугастык алтыһар буолан, бэркэ сөбүлүүр уонна ытыктыыр, билиҥҥи кэмҥэ иэйэр иһирэх аҕа саастааҕын курдук ылынара, эмиэ туһугар, дьикти ээ.
Дьэ, онон, кини кимин ылбычча үс тылынан дуу, икки этиинэн дуу, сатаан быһаарыллыбат эбит. Чахчыта оннук, бу күнүстэри-түүннэри тиҥийэр, сайдыыны батыһар киин куоракка түптээх олохтоох, тус бэйэтигэр сөптөөх дьиэлээх-уоттаах, мэлдьи үмүрүйбэт үлэ түбүктээх, чуо тугунан дьарыгырыан күннэтэ сорунан туран сатаан тыырынар дьаһаллаах, кимтэн да тутулуга суох, аныгы үйэҕэ үгүһү ситиспит сэргэх мэтириэтин холустаҕа түһэриэххэ сөптөөх киһи кини эбит диэн кэбиһиэҕиҥ.
Килиим. Клим Семенович. Клим Семенович Федоров. Кини бу ааттарын, бэйэ киэбигэр киллэрэн иҥэриниэр диэри, син балай эмэ кэм аастаҕа…
Ырыынак тыына ыгылытыан инниттэн, ыраах сирдэринэн сырыылаах артыыстар, итини эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ. Оччолорго кинилэрдээҕэр сыыдамнык хантан эрэ кэлэн хаалбыт сыгааннар, улахан хааһах сүгүүлээх туох эрэ омуктар күлүгүлдьүһэр буолуталаабыттара дьиксиннэрэрэ. Ол да гынан, олоруҥ хаайтаран олорору билбэт көкөттөр буоллаҕа, былыр үйэҕэ элэс гыммыт буолаллара. Килиим итини наһаа сөҕөрө. «Сыгааннар буолан… Туох дойдулаах дьон, төрүт сирдэриттэн тэлэһийэн, бачча ыраах Саха сирин түҥ тыатыгар тиийэ кэллэхтэрэй» диэн мунаарара. Арааһа, ордуга суох олохтон ороһуйан, онно-манна айанныырга үөрэнэн хаалбыттарынан сиэттэрэн сылдьаахтыыллар ини дии саныыра.
Кэбээйи уола Килиим артыыстыырын тухары төһөлөөх сырыыны хотунан-соҕуруунан кэрийэн сылдьыбыта буолуой. Бадарааҥҥа батыллыбыт тыраахтар, буурҕаҕа муна сыспыт бураан, тибиигэ олорон хаалбыт массыына, ардахха аккаастаабыт матасыыкыл, абаккаҕа атынан да дьоруолатан, ытынан да көтүтэн, табанан кытта тамайа сиэллэрэн… айабыын, бэйэтэ этэринии, абытайдаах сырыыны эдэр, эрчимнээх уонна көрдөөх буолан, тулуурун мүччү туппакка баччаҕа кэллэҕэ. Ол аайы ытана-кэмсинэ сыппыт, булгуччу туох эрэ көмөнү-өйөбүлү аҥаардастыы эрэйэ олорбута буоллун, бу маннык кэрэ кэпсээннэрин кыбыммытынан күн бүгүҥҥү кэмнэргэ тиийэн кэлиэ эбитэ эрэ?
Килиим олорон ааспыт сыллара барыта көбүөр ойуутун курдук кэрчик-кэрчик оһуордардаах. Ол онно булгуччу сырдык, хараҥа дьүһүн хатыйсан, ханыылаһа-дьүөрэлэһэ оонньоон, көрүөхтэн эриэккэс биир кэрэ өйдөбүлү биэрэрин курдук, кини сырыыта-мэһиитэ эмиэ араастаах, эндирдээх эрээри, «биирин да ылҕаан ылан быраҕыам суох этэ, барыта күндү итиэннэ бэйэтин тустаах кэмигэр онтон атыннык салаллар дьылҕата суоҕа» диир. Тоҕо диэтэххэ, сырдык барыта ыраас буолбатын курдук, күлүк да кистэлэҥ көстүүлээҕэ киһи аймахха бэркэ биллэр диэн кини бөлүһүөктүүр. Ол кырдьык. Өҥү-дьүһүнү кыраҕы харах араарар, ураты толкуй мындырдык ылынар…
Олохтон сүмэтин, сүмэһинин эрэ аҥаардастыы айбардаан оборон ылбыт суох. Ону дьылҕа бэйэтэ бопсор быһыылаах. Аһыыны-ньулууну билбит киһи симэһин минньигэһин араарар аналлаах. Оннук холобур үгүс. Эбэтэр барыта даҕаны наар аанньа куруук курус, куһаҕан, кутуруктаах, содуллаах-состоруулаах эмиэ буолбатын курдук. Айылҕаҥ тэҥниир эбээт…
Хаһан эрэ, ханна эрэ… Биллэн турар, туох барыта саҕаланар төрдүлээх,