ТОП просматриваемых книг сайта:
Огдо
Список книг автора ОгдоАннотация
Кинигэҕэ айылҕаттан айдаран өтө көрүүлээх, чараас эйгэни кытта ситимнээх, сахалыы эмтээн дьон туһугар үтүөнү оҥорор туспа айылгылаах дьон олорон ааспыттарын, билигин да биһиги ортобутугар баалларын туһунан үһүйээн, уус-уран айымньы киэбинэн эбэтэр дьиҥ сирэйинэн кэп сиир чахчылар киирдилэр. Ону таһынан, кыайан быһаарыллыбат дьикти түбэлтэлэр олохпутугар тахса тураллара уонна оннук бэлиэлэри этитии, түүл нөҥүө билэр буолуу туһунан кэпсэнэр.
В книгу вошли в виде легенд, в литературно-художественной обработке и в документальной форме истории о людях с редким исцеляющим и предвидящим даром свыше, живших наяву в прошлом и живущих ныне среди нас. Кроме того, рассказывается о загадочных случаях, необъяснимых явлениях связи людей с тонким миром через предсказания и сновидения.
В формате А4 PDF сохранён издательский макет.
Аннотация
Түҥ былыргыттан кыаҕын-сатабылын түмэн норуотугар көмө-өйөбүл буолбут үгүс чулуу дьон олорон аастахтара.
Бүгүҥҥү күммүт биир ураты киһитэ – аһыныгас сүрэхтээх, көмүскэс күөннээх, уйан куттаах, көрүнэн-нарынан дьону үөрдэр идэлээх, санаа түһүн күүһүрдэр аналлаах эстрада артыыһа Клим Федоров. Кини соҕотох бэйэтэ сүүһүнэн киһиэхэ сөҕүмэр күүһү, күүстээх иэйиини, тирэхтээх эрэли уһугуннарар кистэлэҥэ туохханый?
Ол туһунан ааҕыах, анаарыах уонна… түмсүөх, үтүөнү түстүөх.
Аннотация
Эрэй-муҥ киһини батыһар… Бэйэ бодотун сүтэрэн, ааты алдьатан, суолу сотторон, кии буолар сор кимиэхэ баҕарар, хаһан баҕарар суоһуур… Ону ойоҕостон сиилиир-сиргэнэр судургу, көрбөтөх-билбэтэх буолан таҥнары хайыһар, сапсыйан кэбиһэр саха киһитигэр олуона.
Тыын тыыҥҥа харбас… Олох уонна өлүү тыҥааһыннаах түөрэккэй кирбиитигэр тиийбит муҥнаах, туохтан тутуһан, тугу далаһаланан өрүһүммүтүн туһунан, дьиҥнээх олоххо буолбут биир холобурга олоҕуран, бу сэһэҥҥэ кэпсэннэ.
Кэнэҕэскитин дьону-сэргэни маннык иэдээн тумнарын туһугар.
Аннотация
3D книга. Раскрась и оживи картинки. В маленьком северном городе на свет появился необычный малыш. Его зовут Мэник. Как он родился? И что его ждет? Какие приключения ему предстоит пережить, прежде чем он найдет свое место в этом мире? Следуйте за ним в увлекательное путешествие по страницам книги.