ТОП просматриваемых книг сайта:
Килиим. Огдо
Читать онлайн.Ыксал түгэн тыҥаатаҕына, кыһалҕа субу тирээтэҕинэ, Килиим сахалыы толкуйдуура айылҕатыттан бэриллибит. «Булгуччу ханнык эмэ быыс-хайаҕас көстүөхтээҕэр эрэллээх буолуохтааххын» диэн сааһырбыт төрөппүттэрэ этэллэрин эрдэ долоҕойугар түһэриммит эбит. Ол – кини аҕата, дьиҥ айылҕа киһитэ, булчут, олоҕун ойуурга-тыаҕа атаарбыт улахан сонордьут этиитэ. Ол – ийэтэ, 9 оҕоҕо күнү көрдөрбүт, дьоҕус бэйэтигэр бүүс-бүтүннүү сылааһы, сырдыгы, тапталы, бары сатабылы, сүдү күүһү, кэрэни иҥэриммит барахсан, илдьиритэн биэрэн өйдөтүүтэ. Ол туһунан арыый да кэнники…
Оттон Килиим Эрийэ-Буруйа уобараһын айарыгар аһары судургу курдуга эрээри, билигин санаатаҕына, эрчиллии, эриллии, эбинии, этиһии, эрийсии, эллэһии, эстии, элэктэһии, эрэннэрсии, эбиллии… диэбит курдук, төһө баҕарар, бүтэр уһуга суох салгыы устан баран иһиэх олоҕун быһаарыылаах тоҕойдорун ол уобараска үүт-маас олордубут эбит! Кырдьыга оннук! Эдэркээн уол оонньоколоон эрчилиннэҕэ, эгэлгэ түгэҥҥэ эрилиннэҕэ, дьону кытта алтыһыаҕыттан элбэҕи, билии-көрүү арааһын эбиннэҕэ. Онтун быыһыгар тылтылга киирсибэт буолуу амтанын эмиэ билэн аастаҕа, кыралаан этиһэри да тумнубатаҕа, сыралаах үлэ күөнүгэр элбэхтик илиһиннэҕэ, эристэҕэ, биир сүбэнэн эллэһэн үлэлээбит эйгэтэ төһө эмэ кэҥээтэҕэ. Айар киһи куолутунан кураанахсыйан, сылаарҕаан эстибит да түгэннэрдээҕэ, хата онуоха дьээбэлэһии-элэктэһии баара үчүгэйэ бэрдэ, тулалыыр дьонун кытта биир дьыалаҕа турунарга хардарыта эрэннэрсии үксээбитэ, кэнникинэн биир санаалаахтара, доҕуйар кыахтара-күүстэрэ эбиллэн иһиитэ, ама астык буолбатах үһүө? Ити барыта киһи барахсан бүтүн олоҕун оллурдаах-боллурдаах олуктаах тоҕойдоро буолбакка? Ол – кини бу сылларга мунньуммут баайа.
Итинник баайдаах-дуоллаах киһи салгыы айарыгар-тутарыгар амалыйар аар күүс үксээн иһэрэ үөрүүлээх, ити кэнэҕэски кэм силбэһэр бөҕө тардыыта буоларын дьон-сэргэ көрө-истэ итэҕэйбитэ махталлаах.
Атахтарынан эрийэ-буруйа үктэммэхтиир «мадам» буола сылдьан, Килиим ситигирдик субуллубут суоллардаах гостуруол бөҕөҕө кэнники элбэхтик сырыттаҕа. Эрдэ түһэн эттэххэ, биирдэ Байбал Сэмэнэп, Аскалон Павлов, Бүөккэ Бөтүрүөп уонна Килиим буоланнар, Орто Халымаҕа тиийдилэр. Өлөөкө Күөл олохтоохторо кэнсиэри наһаа сөбүлээннэр кулууптан арахпакка, киэһэни быһа үҥкүүлээн тэйэн, ыбылы оонньоон, түүн үөһүн ааһыыта нэһиилэ тарҕаспыттара. Сорох-сорохтор саха эстрадатын артыыстара диэннэри үйэлэригэр көрбөтөх да буоллахтарына көҥүл буоллаҕа. Итиччэ ыраахха дьон хорсуннара буоланнар, ааттаах уолаттар тиийдэхтэрэ.
Нөҥүө күнүгэр сөмөлүөттэрэ тыалтан толлон көппөтө. Сыбаатайдыахтаах