ТОП просматриваемых книг сайта:
Ньоҕой эрэл. Татьяна Находкина
Читать онлайн.Название Ньоҕой эрэл
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6348-2
Автор произведения Татьяна Находкина
Издательство Айар
Аҕалара мааҕын дьиэттэн тахсарыгар өрөйбүтэ-чөрөйбүтэ мэлийэн, арбы-сарбы көрүҥнэнэн киирэн кэлэр.
– Хайа, бу уол саҥа турда дуо? Сааххын дьаһай эрэ. Ыл, эмээхсин, чэйдэ кут эрэ, – Бүөтүр олоппоһун хаачыгыратан ыардык олорор.
– Хонтуораҕа туох сонун? – Альбина бэйэтигэр эмиэ чэй куттан, оҕонньорун утары олорор.
– Биһиги нэһилиэктэн бэйэтэ үс киһи кыттар эбит.
– Бэй, ол кимнээх? – дьахтар соһуйа истэр.
– Байбал Никииппэрэбис уонна саҥа сүөһү ииттэ сатыыр Данил уол.
– Эс, ол кинилэр сүөһүлэрэ-астара биһигиттэн быдан аҕыйах буоллаҕа. Кэм сүөһүлээх, сылгылаах дьон тэринэллэр ини.
– Биисинэс-былаантан тутулуктаах быһыылаах. Счек- кар кырата 150 тыһыынча солкуобай харчылаах буолуохтааххын. Биһиэхэ счетпутугар төһө харчылаахпытый?
– Ээ, кыра, кыра. Эн биэнсийэҕин ылбатахпыт хас ый буолла? Сбербаантан сарсын ыйытан көрүөм, – Альбина сүөм түһэр.
– Оччоҕо Байбаллаах ылар буоллахтара, – Кириисэ сөрү-сөпкө эппит курдук дьонун сирэйдэрин хардары-таары көрөр. – Ийээ, ол граҥҥа кытыннаххытына, төһө харчыны биэрэллэрий?
– Чэ, ол эйиэхэ туохха наадалааҕый? Барытыгар орооһон иһэр. Бэрт киһи тахсан оҕолорго кэпсээ, – ийэтэ уолун дьарыйардыы көрөр.
– Оннук акаары үһүбүн дуо? Харчы биэрэллэрэ буоллар, «Беларус» уонна пресс подборщик ылан, окко таах сылдьыа этибит. Биһиэхэ эрэ суох. Дьон бары икки нэдиэлэнэн оттоон бүтэллэр. Биһиги буоллаҕына, хаар түһүөр диэри оттуубут. Ол иһин убайым Толя: «Сынньаммакка эрэ үөрэнэ барабын», – диэн кыыһырар. Уоллара тохтоло суох саҥарарын ийэлээх аҕата сонньуйа көрөн олороллор.
– Үлэлээбэккэ, быар куустан олороору гынаҕын дуо? Дьол үлэҕэ баар. Ол тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга биэрэр грант харчыларын ылан, мээнэ матайдыыр курдук саныы олороҕун быһыылаах. «Аҕыйаҕы саҥар, элбэҕи оҥор» диэн өс хоһооно оруобуна эйиэхэ сөп түбэһэр. Барыта счетунан отчуоттаныллан иһиэхтээх. Судаарыстыба босхо биэрбэт, уон төгүл күүскэ үлэлээн, эҥкилэ суох бааһынай хаһаайыстыба тэриниэхтээхпит. Сүөһү ахсаанын элбэтиэхтээхпит, биэс сыл иһигэр үс үлэ миэстэтин таһаарыахпытын наада. Онон иннибитигэр элбэх үлэ күүтэр, – аҕата уолун үөрэтэрдии саҥарар.
– Чэ, бүтүҥ. Сүөһү уулатар кэм буолла. Хотоммутугар тахсыаҕыҥ, – ийэлэрэ дьаһайар.
Үһүөн сып-сап хомунан, биэдэрэ таҥкынатан, тахсан бараллар.
II
Нэһилиэк баһылыгын кэбиниэтэ. Истиэнэни кыйа олоппостор кэчигирээбиттэр. «Т» буукуба курдук балтыһахтыы ууруллубут остуолга уонча нэһилиэк актыыба дьон олорор. Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ политикатын министиэристибэтэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ыытар граныгар нэһилиэктэн ханнык бааһынай хаһаайыстыба кыттыахтааҕын дьүүллэһэн, сылайа быһыытыйдылар. Баһылыктара