Скачать книгу

Оҕолор бары «Ленин» уордьанын илииттэн илиигэ бэрсэн, эргитэ сылдьан көрбүттэрэ, сүрэхтэрэ үөрүүнэн туолбута. Төрөппүтүнэн киэн туттуу иэйиитин онно өйдөөбүтэ. Билигин сааһыран олорон өйдөөтөҕүнэ, бииргэ төрөөбүттэрэ бары да үлэлиир хайысхаларыгар инники күөҥҥэ сылдьаллар эбит. «Үлэлээҥ, үлэ киһини куһаҕан оҥорбута суох» диэн тыллааҕа ийэлэрэ.

      Бүөтүр эмискэ төбөтүн оройунан үөһээ бириһиэҥҥэ охсулунна.

      – Айака, доҕор, сэрэнэн айанныаххын, – Ньургун Александрович саҥа аллайда.

      – Дьиэбитигэр кэлбиппит бэлиэтэ, – Данил күлэн лэһигирэтэр. – Граннаах киһи Бүөтүр, дьиэҕэр кэллиҥ. Убайбын убаастаан, бастакынан түһэрэбин.

      – Сөп ээ. Хата, кураанаҕы кууспакка, бэркэ сылдьан кэллибит. Чэ, Бүөтүр, билсиэхпит. Аны тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр киирэбит. Этэҥҥэ буолуохпут диэн эрэл санаа баар, – исписэлиис уол илиитин биэрэр.

      Бүөтүр массыынаттан түһээт, хараҕа хотонугар хатанна. Уоттаах. Дьоно үлэлээн букунаһа сырыттахтара. Бэҕэһээ Альбина быйыл ынах сүөһү ахсаана эбиллиэх курдук, икки-хас тиҥэһэ уулаахтар диэн эрэрэ. Быйыл сайылыкка тахсан, ынахтары ыыр аппараакка үөрэтиэхтэрин наада. Ийэлэрэ уон үс ыанар ынаҕы кыайбата чуолкай. Грант ыллаҕына, эбии ынах сүөһү атыылаһан, боруодатын тупсарыыга сыал-сорук ууран үлэлээтэҕинэ эрэ көрдөрүүлэниэн сөбүн өйдөөн, куораттан кэлээт, Арассыыйа үлэҕэ Дьоруойа Михаил Готовцевка, Тандаҕа баран көрсөрүн уһаппакка дьаһаннаҕына табылларын эргитэ санаан ылла.

      Тэрээсэтин кирилиэһигэр унтуутун тэбэнэ туран, Альбиналаах Кириисэтэ иккиэн биирдии үүттээх биэдэрэни тутан иһэллэрин көрөн, күүтэн тохтоон турда.

      – Аҕаа, хайа, туох диэтилэр? – Кириисэ чаҕаарыйбыта дьыбардаах салгыҥҥа сатараан иһилиннэ.

      – Үчүгэй, үчүгэй, – аҕалара аҕыйах тылынан быһаарар.

      – Оо! Биһиги ийэбинээн билбиппит ээ, ол иһин бэрэски астаабыппыт.

      Дьиэлээхтэр үһүөн, күө-дьаа буолан, дьиэлэригэр киирдилэр. Ааны аһылларын кытта луугунан тупсарыллыбыт ыһаарыламмыт эт, бурдук ас сыта минньигэстик саба биэрдэ.

      IV

      Тохсунньу ый бытарҕан тымныылара арыый сымныы быһыытыйдылар. Күн арыый уһаабыта биллэн барда. Күнүс дьыбар тахсан, өссө кыратык ылаарар буолан, оҕо аймах дьиэҕэ тохтообот, кыралар салааскаларын соспутунан сылдьаллар, оттон улахаттар путбуоллаан, хайыһардаан тиритэллэр-хоруталлар.

      Бу сарсыарда нэһилиэк сис ыала Байбал Никииппэрэбистээх буоларын курдук эрдэлээн турдулар. Бэс маһынан бүрүллүбүт сырдык дьиэ. Дьиэлэрэ омук тэрилинэн толору, барыта орун-оннугар турар, киһи атаҕын төбөтүнэн паркекка үктэнэн хаамар, килэйэн-халайан дьиэ да дьиэ.

      Кыахтаахтык олороллорун таһынан, кэлин тыа хаһаайыстыбатыгар болҕомто ууруллан, сүөһү иитиитинэн дьарыктанарга быһаарынан, билигин төбөлөөҕүнэн алта ынах сүөһүлээхтэр: үһэ ыанар ынах, үһэ кыра сүөһү, өссө икки сибиинньэлээхтэр. Сүөһүлэрин Байбал ырааҕынан аймаҕа уол, ханна да үлэлээбэт, ускул-тэскил

Скачать книгу