Скачать книгу

биллэрбит «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга» диэн граҥҥа кыайан хапсыбатыбыт да, тохтуур санаам суох. Ити уол үлэлиир кэмигэр хаан таайыгар көмөлөспөтөҕүнэ сирэйэ саатыа. Устудьуоннуур кэмигэр көмөлөспүппүн умнубут быһыылаах. Бу дьиэҕэ элбэхтэ хоммут буолуохтаах этэ, – Байбал сөбүлээбэтэх куолаһынан көөҕүнүүр. Сырдык, маҥан хааннаах киһи, ыгыллыбытыттан, сирэйэ кытаран-наҕаран көстөр.

      – Быраатым диэн быыбарга өлөргүнэн мөхсүбүтүҥ дии. Үп-харчы да харыыта суох барбыта. Ону умна охсубут дуо? Үлэлээтигит диэн биир соххор солкуобайы төлөөбөтөххө дылы этэ дии, – Марыына оҕонньоругар чэй кута туран, кылбар-халбар көрөр.

      – Аныгы сайдыылаах сахалары билбит суох. Өйдүүр буолан эһиил көмөлөһүөм диэтэҕэ. Быйыл куоракка киирдэхпинэ, анаан-минээн кырдьаҕас эдьиийбит аахха хоно тиийиэм этэ. Ийэтигэр кэпсиир буолуохтаах. Туох өйдөөх-санаалаах киһи буолбутун билиллиэ. Эдьиийим эмээхсин миэхэ ыалдьар ини. Сыллата, аҕам саҕаттан, этинэн, арыынан хааччыллыбытын эмээхсин баҕас бэркэ өйдүүр буолуохтаах. Уйбаныап да Уйбаныап дииллэр да, кинини да көрүллүө. Бука миигиттэн ордубата буолуо. «Беларус» уонна пресс подборщик ылабын диэн аллааҕымсыйар. Бэйэбит баһылыкпыт Иван Еремеевич миэхэ ыалдьан, киирсэ сатаата да, кыайбата. Ити граҥҥа тииһиммиппит буоллар, ипотекаҕа киирэрбит хаалла.

      – Холоон. Ол иһин наһаа эрдэттэн күөскүн өрүммү- түҥ. Эһиил да хантан эбии сүөһү булаҕын? Элбэх сүөһүлээхтэргэ уонна үүтүнэн дьарыктанар дьоҥҥо биэрэллэр эбит буолбат дуо? Бүөтүрүҥ билигин бэйэтэ сүүрбэ сэттэ сүөһүлээх, ол иһиттэн уона ынах. Бу ынахтар бары төрөөтөхтөрүнэ бэйэтэ отут сэттэ буола түһэр. Оннук сыллата эбиллэ туруо. Эбиитин боруодатын тупсарыыга үлэлэһэн, атыылаһыа турдаҕа. Үөһээ салалтаҕа олорооччулар да барытын билэ олордохторо. Икки ынахха биэриэхтэринээҕэр уон ынахха биэрбит быдан кырдьыктаах буоллаҕа, – Марыына үтүөмсүйэ соҕус туттан, чэйин иһэн сыыйар.

      – Чэ, бүт эрэ, эн да бааргын дии. Үйэм тухары буҕаалтырынан үлэлээбитим диэн өҥнөнөҕүн да, тоҕо өй-санаа укпаккын? Хайдах гынан сүөһүбүтүн барыстаахтык элбэтэбит? Бырабыыталыстыбабыт грант биэрэр буолан баран, сүөһүнэн дьарыктаныан баҕалаахтарга барыларыгар тэҥник түҥэтиэхтээх дии саныыбын. Кимиэхэ эрэ мөлүйүөнүнэн, кимиэхэ эрэ соххор солкуобай. Тэҥэ суох балаһыанньа тахсар буолбатах дуо?

      – Ээйиис, уонча сылы быһа соххор солкуобайтан саҕалаан муспут харчыбын сүөһү атыылаһарга биэриэ суохпун, – дьахтар, силбиэтэнэн төбөтүн хапсаппытыгар, кыһыл көмүс ытарҕалара эйэҥэлээн ыллылар.

      – Бу да эмээхсин. Саҥам диэн саҥардаҕын. Хата, эт эрэ, харчыбыт төһөлөөтө? Эһиилгигэ тириэрдибэккэ, төһө баарынан ипотекаҕа киириэххэ. Оччоҕо дьон уорбалыа суох этэ, – диэтэ Байбал сөтөллөн хахсайа-хахсайа.

      – Оҕонньор төбөҕүн үлэлэтэн көрүөххүн. Ол уон биэс-сүүрбэ сыл кирэдьииккэ киирэн, хабалаҕа хаптараҕын дуо? Муспут харчыбытынан быйыл сайын уоттаах, гаастаах уһаайба атыылаһыахпыт. Онтон эһиилгиттэн икки этээстээх

Скачать книгу