Скачать книгу

Байбал Никииппэрэбис ордук буолуо дии саныыбын. «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга» диэн бырагыраамаҕа кини бары өттүнэн барсар. Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикуумун бүтэрбит үөрэхтээх исписэлиис. Бааһынай хаһаайыстыба буолан үлэлии сылдьар. Биисинэс-былаана үчүгэй. Хотон тутар, сүөһү атыылаһар, тиэхиньикэ булунар, счетугар харчылаах. Көрөргүт курдук, критерийгэ бары өттүнэн барсар. Сир аннынан иһиттэххэ, Уйбаныаптар уонна Бөтүрүөп Данил харчы умналаһаллар дииллэр. Ирдэбилгэ сөп түбэспэт эрээрилэр, туохха киирсэллэрий? Эһиил киирсиэхтэрин сөп. Бу бырагыраама 2017 сылга эмиэ үлэлиир. Грант ыллахтарына, Арассыыйаҕа федеральнай таһымнаах пиэрмэрдэр буолаллар. Онно ис хоһоонун ситэ өйдөөбөт дьону киллэрэн, өрөспүүбүлүкэ аатын хараардыа суохтаахпыт. Ньургун Александрович, дьоҥҥун кытта өссө төгүл боччумнаахтык кэпсэтэн баран, барыллааһын көмүскээһиҥҥэ биир хаһаайыстыбаны киллэр. Буолар-буолбат суолга үс хаһаайыстыбаны соһон киллэримэ. Хата, кэпсээҥҥэ барыаҥ, – баһылык этиитин түмүктүүр.

      – Онно Бүөтүр Бөтүрүөбүһү батыһыннарар туох да кыбыстыылааҕын көрбөппүн. Кини курдук тыа хаһаайыстыбатыгар уһуннук уонна үтүө суобастаахтык үлэлээбит киһи баарын билбэппин. Хата, Байбал Никииппэрэбис тыа хаһаайыстыбата үөрэхтээх диэн тупсаран этэҕин да, биир да сыл үлэлээбэтэх киһи. Наар тэрилтэлэри кэрийэ сылдьан сопхуоһунан үлэлээбитэ. Бу олох кэлин сүөһү ииттэн, төбөлөөҕүнэн биэс-алта эрэ сүөһүлээх курдук көрөбүн. Биисинэс-былаанын хайгыыгын да, нэһилиэнньэҕэ баттабыллаах былаан курдук иһиттим. Дьэ, ол иһин сайдыбаппыт. Бэйэбитигэр эрэ барыстааҕын наар толкуйдуубут. Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын сайыннардарбын диэн буолбакка, тус бэйэтэ туһанарын санаан, граҥҥа тууһугурар. Саатар сирэйэ суох киһи, – Иван Семенович сөбүлээбэтэҕин этэ-этэ, ыалдьар атаҕын соһо тардан, аргыый тахсан барар.

      – Ким барара бэйэтин көҥүлэ. Чахчы биисинэс-былааннаах буоллахтарына боруобалаатыннар ээ. Ньургун Александровиһа суох үрүҥ дьиэни булбатахтарына, сылдьан көрдүннэр, – Ким Николаевич кэм да эҕэлээхтик саҥарарын тохтоппот.

      Мунньах бүтэн, саҥата суох хомунан, бары кэбиниэттэн тахсан бараллар.

      III

      Бүөтүр барыллааһын көмүскээһинтэн сүргэтэ көтөҕүллэн, кэбиниэттэн таҕыста. Араас эриирдээх боппуруостары биэрэн, балачча тиритиннэрдилэр. Бүтэһигэр, хас да киһи кинини, аҕатыттан Бүөтүртэн саҕалаан, истиҥ баҕайытык алҕаан кэриэтэ тыл эппиттэриттэн, хайдах эрэ сүрэҕэр итии сүүрээн илгийэн киирэн, уйадыйа долгуйда. Кытарбыт, көлөһүн аллыбыт сирэйин модороон тарбахтарынан ньиккэрийэ соттуммахтаата. Аҕата барахсан, бу орто дойдуттан барбыта сүүрбэ икки сыл да буоллар, кырдьа быһыытыйбыт оҕотун араҥаччылыы, бэйэтин аатын ааттата сыттаҕа. Аҕата, үлэһит киһи буолан, бэйэтин олоҕун эйгэтинэн оҕолорун иитэн, бары Саха сирин араас оҥорон таһаарар салааларыгар үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьаллара сымыйа буолбатах. Уолаттарбар олоххо, үлэҕэ сылаас сыһыаны аҕам курдук

Скачать книгу