ТОП просматриваемых книг сайта:
Ньоҕой эрэл. Татьяна Находкина
Читать онлайн.Название Ньоҕой эрэл
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6348-2
Автор произведения Татьяна Находкина
Издательство Айар
Саҥа кэм – саҥа кыах
I
Тохсунньу ый тоһуттар тымныыта. Ыыс-тумарык быыһыгар бөһүөлэк дьиэлэрин түннүктэрин уоттара эрэ кылахачыһаллар. Көмнөҕү бүрүммүт тииттэр мутуктарын булгу тоҥор тыастара тымныыны эбии сэтэрдэн биэрэр курдук.
Альбина Андреевна хотонуттан киирэн, умывальникка хаһаайыстыбаннай мыыланан илиитин күүгэннириэр диэри ыбылы аалан, балачча уһуннук суунна. Сарсыардааҥҥы ыам бүттэ. Төбөтүнэн сүүрбэ сэттэ сүөһүлээхтэр. Онтон уона ыанар ынах. Баччааҥҥа диэри ыатар буолан абыраатылар. Сиэннэрэ да абыраннылар. Альбина Андреевна кылбаа маҥан сирэйин сотторунан ньылбы соттоот, бытархай ойуулаах сырдык күөх сатыын халаатын кэтэн, саалаҕа турар трельяж сиэркилэ иннигэр кытарымтыйан көстөр кылгас баттаҕын массажнай тарааҕынан өрө-таҥнары, төбөтүн массаастыыр курдук күүскэ соҕустук тардыалаан, тараанан ылла. Аныгы сайдыылаах үйэ дьахтарын быһыытынан, «Самсунг» төлөпүөнүн ылан, бассаабын көрдө уонна аһыырга бэлэмнэнэн остуолун тардан барда. Сарсыарда аайы кэргэнниилэр нэһиилэ ыстакааннарыгар ыраас ууну кылыгыраччы куттан ыймахтаат, тиэтэйэ-саарайа хотонноругар тахсаллар. Үлэлэрин бүтэрэн баран, күннээҕи сонуннарын кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдииллэрин сөбүлүүллэр.
Дьахтар бэйэ оҥоһуута килиэби кырбыырын быыһыгар: «Бэкээринэлэрбит кэлин олох килиэптэрэ табыллыбат буолла. Мастарын кэмчилээн сүгүн оттубакка, дьиэлэрэ тымныы буолан, тиэстэлэрэ олох тахсыбат дуу, биитэр бурдуктара куһаҕан дуу? Хайдаҕа эбитэ буолла? Куруутун кирпииччэ курдук килиэби таһаараллар», – дии санаан ылла.
Ити кэмҥэ аан тэлэччи аһыллан, дьиэҕэ тымныы салгын туман курдук кутулунна. Дьиэлээх киһи Бүөтүр, кырыаны бүрүнэн, тоҥон-хатан, мас көтөҕүүлээх чуучугураан киирэн кэллэ.
– Ыччуу-ычча! Халлааммыт сүрдэммит. Хаһан тымныы бастакы муоһа тостон абырыыр? – Бүөтүр оһоҕор мас эбэ-эбэ сөҥ куолаһынан саҥарар.
– Бүгүн тохсунньу 30 күнэ. Сарсыҥҥыттан дьыл оҕуһун муоһун кылаана сыппыыр. Бу ый бүттэ да, сылыйарга барааччы. Оскуола оҕолоро үөрэммэттэр, 45 кыраадыс тымныы диэн олохтоох араадьыйаҕа эттилэр. Ол иһин Кириисэни туруорбатым, – Альбина, кэпсиирин быыһыгар холодильниктан сүөгэйи, моонньоҕон барыанньатын, ыһаарыламмыт собону, бэҕэһээ киэһээҥҥи күөстэн орпут уҥуохтаах эти таһааран остуолга уурталыыр. Дьиэлээхтэр сахалыы төгүрүк остуолларыгар утарыта олорон, үлэ дьонун быһыытынан имири-хомуру аһаабытынан бардылар.
– Ынахтарбыт быйыл хойутаатылар. Баччааҥҥа диэри төрүөх суох, – дьахтар муҥатыйар.
– Ээ, чэ, билиҥҥиттэн төрөөтөхтөрүнэ, сиргэ соһуллар буоллаҕыҥ. Муус устар ый саҥатыттан да төрөөтөхтөрүнэ сөп буолар ини. Син биир үүтү хойутуу тутуохтара. Хаһан эрдэ туппуттарын, – дьиэлээх хаһаайын халыҥнык сыбаммыт сүөгэйдээх килиэби сиэн мотуйар.
– Оннугун оннук да, эрдэ