Скачать книгу

төгүрүччү турарга ыҥырар.

      – Ариана, махтал эйиэхэ. Эн баар буолаҥҥын, Стамбулга Сулейман султан, Хюрем хотун дыбарыастарынан, остуоруйа миэстэлэринэн күүлэйдээн, мэчиэттэринэн сылдьан кэллибит. Түөрт муора тулалаан турар сиригэр, Турцияҕа тиийэр ыра санаабыт туолбутугар, сиртэн халлааҥҥа тиийэ махталбытын тиэрдэбит, – кыргыттар дьүөгэлэрин икки өттүттэн кууһаллар. Ити кэмҥэ Настя төлөпүөнэ араастаан тыаһаан, харса суох ыллаабытыгар ылан, иһиллии түһээт, өрө хаһыыра түһэр:

      – Ээ, эчи үчүгэйин! Кыргыттаар, өссө биир үөрүүлээх сонун. Мин кыыһым кыыһа Саня кыыстаммыт, хос сиэннэммиппин! Ол иһин Айыыһыппыт хайаан да биллэн ааһыа диэбитим дии.

      – Кырдьык даҕаны… Эҕэрдэ, Настя! Бу өйдөөтөххө, хас көрүстэхпит ахсын Айыыһыттанар эбиппит. 20 сааспытын көрсүбүт сааспытыгар икки кыыстаммыппыт, 40 сааспытыгар ыал буолан, уол оҕоломмуппут, 60 сааспытыгар хос сиэн кыыстанныбыт. Дьылҕа ыйааҕа диэн ити буоллаҕа, – Ариана, элбэх саҥалаахтара, өссө да араатардыаҕын, «чааспыт ыраатта» диэн, тохтотоллор. Дьүөгэлиилэр «һуу-һаа» буолан, сүүрэр көлүөһэлээх чымадааннарын соһон, тахсан бараллар.

      Төрдүс үктэл: 75 саас

      Бүгүн ыһыах. Сир-дойду көҕөрөн-чэчирээн, араас кэрэ дьүһүннээх сибэккинэн симэнэн тупсубута сүрдээх, чыычаахтар чыбыгыраһар саҥалара, кэҕэ чоргуйар куолаһа – барыта олох уйгулаах тойуга буолан иһиллэр. Пааркаттан дьону-сэргэни, нэһилиэнньэни олохтоох араадьыйа: «Уйгулаах ыһыахха кэлиҥ, киириҥ!» – диэн ыҥырар саҥата чоргуйан олорор. Оҕо-дьахтар үөрбүт саҥата, ырыата-тойуга бөһүөлэк иһин толорон кэбистэ. Сахалыы ырбаахыларын сайбаччы кэппит саастаах дьахталлар сиэннэрин батыһыннартаан наскылдьыйа, оттон эр дьон суумка, бөтүөн тутуурдаах дьиэ кэргэттэрин кэннилэриттэн хатыҥ чараҥ ортотугар турар паарка диэки наллаан хаамаллар. Эдэр кыргыттар, уолаттар, дьонноруттан туспа бөлөхтөһөн, сылбырҕа соҕустук туттан, дьээбэлэһэн саһыгыраччы күлсэ-күлсэ, төттөрү-таары кэлэллэр-бараллар.

      Дьаһалта баһылыга Максим Максимович, дьоһумсуйа туттан төттөрү-таары хаамарын быыһыгар, сотору-сотору чаһытын көрүнэр. Бүгүн бэйэтэ туспалаах ыһыах. Үс дьүөгэлиилэр уонна оскуоланы 57 сыллааҕыта кинилэри кытта бииргэ бүтэрбиттэр холбоһон, бүгүҥҥү ыһыах сүрүн дьоруойдара буолаллар. Үс дьүөгэлэртэн биирдэстэрэ кини ийэтэ Анастасия Николаевна. Бүгүн бу үс далбар хотуттар, үс аймахтар – Арсентьевтар, Ивановтар, Симоновтар – ыһыахтара, чиэстэнэр күннэрэ. Чиэстэниэхтэрин чиэстэнэллэр. Көрдөххө, боростуой саха дьахталлара, ийэлэр, эбэлэр туһааннаах үлэлэригэр үйэлэрин тухары үтүө суобастаахтык үлэлээннэр, үлэ бастыҥнара. Эрдэһит бэйэлэрэ хойутаатылар. Бэҕэһээ ийэтэ Настаа: «Олох хойутаппакка бириэмэтигэр оҥороор, кэмигэр буолары сөбүлүүбүн», – диэн эрэрэ. Уонна хойутаатылар. Дьон мустан эрэр. Саҕалыа этибит. Бүгүҥҥү ыһыахха улуус баһылыга Иван Семенович кыттыыны ыла кэлиэхтээх. Илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэр ини, кинилэр «Улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын иһин» диэн анал аакка түһэрбиттэрэ. Биэрэллэр ини.

Скачать книгу