ТОП просматриваемых книг сайта:
Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ. Л. В. Иванова
Читать онлайн.Название Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6863-0
Автор произведения Л. В. Иванова
Издательство Айар
Михаил Спиридонович дьиҥнээх олох, история кырдьыга диэн тугун билэригэр-көрөрүгэр сүрүн төрүөт буолбут түгэннэри кытта сибээстээн, үс киһи аатын чопчу бэлиэтээн ахтар. Ол – училищеҕа үөрэнэр эдэр оҕо сааһын кэмигэр саха тылын уонна литературатын учуутала Андрей Ксенофонтович Сивцев. Кини олоххо олус критическэй сыһыаннаах, санаатын аһаҕастык этэр буолан, эдэр уол өйүн-санаатын тутарыгар бастакы кыымы сахпыт киһи эбит. Иккис сүрүн түгэн – Башарин уонна кини куруһуога. Кулаковскайдааҕы тилиннэриигэ хорсун туруулаһыытын иһин таҥара курдук көрөр этибит диир. Үсүһүнэн – сымыйа дьыаланан 1938 с. репрессияҕа түбэспит аҕатын инитэ Акыым дьылҕата буолбут.
Кэлин бэйэтэ хаайыллан, политическай буруйдаахтар ортолоругар араас омук бастыҥ дьонун, өркөн өйдөөхтөрүн кытта алтыһан, кэпсэтэн-ипсэтэн, кинилэр өйдөрүн-санааларын иҥэринэн, дойдуга-норуокка туох эрэ көдьүүстээҕи оҥорор, туһалаах киһи буолар туһугар сыал-сорук туруорунан, олох оскуолатын толору барбыт, өйүн-санаатын туппут киһи буолан төннөр. Ол дойдуга сылдьан кини биир суолу хара ааныттан ыарыылаахтык ылыммыт. Политическайдар – өйдөөх, култууралаах баҕайы дьон – туруору сэнээбэтэллэр даҕаны, бу сахалар нуучча сабыдыалыгар олус быһа бэриммиттэр, оннооҕор бэйэлэрин тылларынан аат булан ааттаммат омук эбит диэн аһаҕастык этэллэриттэн олус кыбыстар, сэнэнэ саныыр буолбут.
Саха буоларын дакаастыыр биир бигэ санааны ылынан, оҕолорун, онтон сиэннэрин барыларын сахалыы ааттаталыыр, сахалыы үөрэтэр. Маҥнайгы уолун Ньургун диэн ааттаабытыгар бүлүүлэр соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолбуттар. Өссө элэк-хаадьы курдук, дьэ баҕар Крикун да диэтин диэн сүөргүлүүр кэриэтэ этэр-саҥарар эбиттэр. Онуоха киһилэрэ өр-өтөр кэтэһиннэрбэккэ, баҕаларын хоту, иккис уолун Айдаар диэн ааттыыр. Онон Багдарыын Сүлбэ норуотугар сахалыы ааты иҥэриигэ биир бастакы пропагандист буолар. Үһүс уола Эллэй, оттон сиэннэрин ааттара Күннэй, Айыына, Сардаана, Кэскил, Сайыына, Саргылаана, Айталыына, Айдын диэннэр. Чахчы саханы саха дэтэр хайдахтаах курдук ааттарый? Биир дьиэ кэргэн олоҕор умсугутуулаах, инникигэ угуйар үтүө холобур буолбатах дуо? Аҥаардас бу да иһин Михаил Спиридоновичка уонна Варвара Михайловнаҕа Саха ыалын Саарыннара диэн булгуччулаах ааты иҥэриэххэ сөп этэ.
Багдарыын Сүлбэ – ытык дьон ыччата, төрүт дьон төрүөҕэ. Бу туһунан «Нөрүөн нөргүй буолуохтун!» диэн кинигэтигэр (Бичик, 1995 с.) маннык этэр:
«Ньурба Сүлэтин ытык кырдьаҕаһа, 1882 с. сэтинньи 2 күнүгэр төрөөбүт, саха фольклористарыгар, инньэ Г.В. Ксенофонтов саҕаттан, үтүө сүбэһит, көмөлөһөөччү буолбут И.А. Алексеев – Уйбаан Өлөксүөйэп оҕонньор 1961 сыл сайын Бүлүүгэ кэлэ сырыттаҕына, Акыым төрдүн-ууһун (ол аата бэйэтин киэнин – Акыым уонна Испирдиэн бииргэ төрөөбүт ини-биилэр. Т.) ыйыталаһан суруйбутум. Оҕонньор: «Билбэлэһэбин», –