Скачать книгу

сүүрбэттэн тахса кинигэтин кытта билсибэтэх, аахпатах баар да буоллаҕына, ол суругу билбэт, оскуола паартатыгар олорботох эрэ дьон ортотугар көстүөн сөп.

      Саха сирин нэһилиэгин барытын кэриэтин, урукку аатырбыт фольклористар Сэһэн Боло, Өндөрүүскэ Саабын курдук ытык кырдьаҕастары дьон-сэргэ сэһэнньиттэрин кытта атах тэпсэн олорон кэпсэппит-сэһэргэспит, сир-дойду, дьон ааттарын сурукка түһэрэн, 400-кэ тыһыынчаҕа тиийэр анал аат картотекатын тэрийбит атын иккис чинчийээччи да, учуонай да сахаҕа суох.

      Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ 1928 сыл сэтинньи 8 күнүгэр Ньурба улууһун I Ньурба нэһилиэгэр, бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Эһэтиттэн саҕалаан, кини удьуордара бары тимир уустара эбиттэр: Бүөтүккэ Уус, Такынай Уус, Хаттаҥныыр Уус, Испирдиэн Уус диэннэр.

      Уоннааҕар, биир сыл иһигэр ийэлээх аҕата утуу-субуу өлөннөр төгүрүк тулаайах хаалар. Убайа Сүөдэр (аҕатын маҥнайгы кэргэниттэн уола) иитэ ылан үөрэттэрбитэ.

      1945 с. Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн Өлөөҥҥө учууталлыы барар. 5–7 кылааска история, география уруогун үөрэтэр. Үс сыл үлэлээн баран, 1948 с. Дьокуускайга кэлэн пединститукка история салаатыгар үөрэнэ киирэр. Даланныын бииргэ үөрэнэллэр, иккиэн Башарин куруһуогар сылдьаллар. Студеннааҕы кэмнэрин, Башарин дьыалатыгар балыллан хаайыллыыларын, түрмэ, холуонньа сылларынааҕы эрэйдэрин туһунан Далан «Дьылҕам миэнэ» эссе-романыгар сиһилии суруйан турар.

      1954–56 сс. Василий Яковлев-Далан сирдээн, профүөрэхтээһин интэринээт-оскуолатыгар культмассовай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан уонна история учууталынан оччотооҕу дириэктэр Болот Боотур Михаил Спиридоновиһы үлэҕэ ылар. Манна үлэлии сылдьан, 1955 с. пединституту кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр, историк идэлээх учуутал буолар.

      1956 с. Кэбээйи орто оскуолатыгар ананан тиийэр. Манна Варвара Михайловна Пермякованы кытта олохторун холбоон ыал буолаллар. Икки сыл үлэлээн баран, 1958 с. педучилище дириэктэринэн ананан Бүлүүгэ көһөллөр. Училищеҕа өр дириэктэрдээбит кэмигэр (1974 с. диэри) Михаил Спиридонович интэринээккэ ылыллар оҕо материальнай балаһыанньатын билэр сыалтан, хас биирдиилэрин кытта сирэй көрсөн кэпсэтэр идэлээх эбит. Хайа оройуонтан кэлбитин, ханнык нэһилиэгин, төрөөбүт сирэ ким диэн ааттааҕын бэлиэтэнэ олорон, биир дьикти түгэни бэлиэтии көрөр буолбут. Ханнык да бэйэлээх саха килбик кыыс оҕото: «Амма оройуонабын, Эмиспин» эбэтэр «Уус Алдантан сылдьабын, Түүлээхпин» диэн төрүттэрин-уустарын олох кыбыстыбакка кэпсииллэр эбит. Ону дьиибэргээн, тыл ис хоһоонун суолтата сүтэн анал аат буолан хааларын өйдөөбүт. Аны туран, сорох сир аата атын-атын оройуоҥҥа, нэһилиэккэ хатыланар түбэлтэлэрэ аҕыйаҕа суоҕун таба көрбүт. Холобур, Хаҥалас диэн аат Ньурбаҕа, Сунтаарга, Дьааҥыга, Орто Халымаҕа, Томпоҕо, Хатаска баар буоллаҕына, Үөдэй диэн ааттаах сирдэр Намҥа, Бүлүүгэ, Хаҥаласка, Тааттаҕа, Усуйаанаҕа, Сунтаарга баар буолан соһуталлар. Норуот олоҕун историята, кини сир-сир аайы тарҕанан олохсуйуутун былыргы үйэтээҕи аймааһыннаах дьылҕата хараҕар илэ-бодо арыллан кэлэргэ дылы буолар. Омугун

Скачать книгу